ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

хайыҥ

аат тыл

Нууччалыы невысокая насыпь (напр., снежная) вокруг чего-л. (напр., юрты), завалинка

1 аат тыл #

Туох эмэ (хол., балаҕан) тула эркин курдук туох эмэ (хол., хаар) томточчу өрөһөлөммүтэ

Нууччалыы Невысокая насыпь (напр., снежная) вокруг чего-л. (напр., юрты), завалинка

  • Бэйэтэ окуопа хайыҥар хаптас гынар.
    Н. Якутскай
  • Көмүс ньээкэ уйаҕа хайдах тоҥуоҥуй?! Хаар, муус даҕаны хайыҥнааҕын иһин Хаһыҥтан, тыалтан харыстыыр абылаҥнаах алаһа.
    С. Тарасов
  • Тордох ыксатыгар күрдьүллүбүт хаар хайыҥҥа икки туут хайыһар туруору анньыллыбыта көһүннэ.
    Н. Абыйчанин
Өссө холобурдар (1)
  • Бүөтүрү үүт уурар омуһахха укпут уонна омуһах хайыҥын тоҥ буорун хойгуонан көөрөтөн көмөн дуомнаабыт
    С. Маисов

2 этии #

Нууччалыы Подготовить почву для своей защиты или оправдания, застраховаться чем-л. от чего-л. (букв. возвести [вокруг себя] снежную преграду – раньше якуты насыпали вокруг своей юрты снежные завалины хайыҥ для защиты от холода)

Этиилэр

Хайыҥ охсун

туох эмэ кэлин бэйэҕэр куһаҕан буолуоҕуттан дьаахханан быыһанар, көмүскэнэр суолгун бэлэмнээ, куотунар сүбэҕин эрдэттэн булун Макар үөлээннээҕин туттарыттан-хаптарыттан бу көрсүһүү олус уһаан, дириҥээн барыан сөбүн көрөн, эрдэттэн хайыҥ охсунна.

  • Мандаарап кэлбититтэн ыла кини салалтаҕа муҥур ыраахтааҕы буолан олорбута буралларыгар тиийбитин өйдөөбүтэ. Ол иһин эрдэттэн хайыҥ охсуммутунан барбыта.
    В. Протодьяконов
  • Сэтээтэлгэ, хайыҥ охсуна таарыйа, этэн көрдүм да, ол күтүр сирэйбин суор курдук тоҥсуйда. М. Доҕордуурап

3 этии #

Этиилэр

Ойбон хайыҥа көр ойбон

  • Убаһаларын уулатар ойбоннорун хайыҥа өрөһөлөнөн улахан даҕаны.
    Н. Габышев
  • Ким эмэ сылайан турдаҕына, солбуйан ойбон хайыҥар олордон сынньатабыт.
    ТМ ДК

«Х» буукуба