Перевод с якутского
ир
туохтуур
Нууччалыы согревать
English to warm up
Ис хоһооно · 6
1 туохтуур #
Нууччалыы согревать
English to warm up
чэйи иһэн ир согреться чаемwarm up by drinking tea
2 туохтуур #
Итииттэн сымнаан, ньалҕарыйан, ууллан бар (туох эмэ тоҥ туһунан)
Нууччалыы Таять, оттаивать (напр., снег, лед)
Ол киэһэ бэйэтэ даҕаны балаҕан иһэ уруккуттан уларыйан, хайдах эрэ үчүгэй, ньир-ньар курдук буолбута, оннооҕор муннуктарынааҕы чэҥнэрэ ирэн ньалҕарыспыттара. А. Софронов Уот чугаһыгар турар хахыйахтар кырыалара ирэннэр, күлүмнэһэ оонньууллар. Амма Аччыгыйа Тыллыбыт от-мас дыргыл сыта, ирбит буор хойуу сыта _ _ быыкаайык дьиэҕэ аҥылыйан кэбистэ. Л. Попов
Өссө холобурдар (1)
Кыһын устата таһыллыбыт балбааҕы ирэрин кытта, тус бэйэтэ салайан, хас эмэ тараах суолунан тараан буору кытта кэбистэ М. Доҕордуурап
3 туохтуур #
Этиҥ-хааныҥ итийэн, сылыйан кэл, тоҥмуккун аһар
Нууччалыы Греться, согреться
Ирээри сыарҕатын таһыгар эккирээмэхтээтэ. Амма Аччыгыйа Мин ыттары тохтото сатыыр мөхсүү саҕана балачча ирэн баран, хат тоҥон бардым. Н. Заболоцкай Чэ, итин, Тоҥно сиэ, оччоҕо ириэҕиҥ. (Ол чахчы: дьиктитин иннигэр Манна тоҥ балык сиэн ирэллэр). С. Данилов
Өссө холобурдар (1)
Испиискэтэ сытыйан, уот оттор кыаҕа суох кытыл устун сүүрэкэлээн ирэ сырыттаҕына, кыттыгаһа кэлэн, уот оттон, чэй өрөн иһэрдэн, абыраабыттаах ХС
4 этии #
Нууччалыы Настроиться на добрый лад, умиляться, расчувствоваться
Этиилэр
Сүрэҕэ ирэр
манньыйар, уйарҕыыр, үчүгэй майгыланар Икки ыйтан ордук ойох гынан олордо да -- сүрэҕэ ирбэтэх, кута-сүрэ киһитийбэтэх.
Оччоҕо туундара уолун Тоҥуй сүрэҕэ ирэр, Оонньуур хаана уолугунан Омуннаахтык сүүрэр. С. Данилов
Хаана (хаана-сиинэ) ирэр
сымныыр, аламаҕай көрүҥнэнэр.
Приходить в состояние благодушия, иметь мирный, добродушный вид (букв. кровь его тает).
Кини долгуйбутун, итэҕийбитин көрөн, бу кинини кытта кэпсэтэр киһи хаана ирэн, мичээрдиир. ХС Холкуостаах атастар кэлэннэр Кэккэлии олоро түспүттэр, Хааннара-сииннэрэ ирэннэр Тиэхээни үгэргээн күлбүттэр. Эрилик Эристиин
Өссө холобурдар (1)
Хаана-сиинэ ирбит, майгыта тупсубут быһыылаах. А. Сыромятникова
Харахтара ирдэ
дьиппиэрбитэ ааһан, көрөрө сылаанньыйан, чаҕылыйан, үөрэн кэллэ.
Становиться мягким, ласковым, подобреть; смотреть теплым взглядом, по-доброму ласково, радостно (букв. глаза оттаяли).
"Ах, Яша!" – диэн баран, Таня уоһун кырыытынан мичик гынна, тоҥ, тымныы харахтара күн уотугар чаҕылыйан, хайдах эрэ ирэн ыллылар. Н. Заболоцкай Өһүөннээх тымныы харахтара улам-улам ирэн, сымнаан бардылар. И. Гоголев
5 этии #
Нууччалыы Вечная мерзлота
Этиилэр
Ирбэт тоҥ
мэлдьи намыһах температуралаах, муус дьапталҕалаах Сир хаҕын үрүт араҥата Биһиэхэ ирбэт тоҥ зоната эмиэ баар.
Онон эһиги ирбэт тоҥу үөрэтээччилэргитин кытта ыкса чугастыыбыт. И. Федосеев Сити кэмҥэ сир үөһээҥҥи уута ирбэт тоҥу кытта хардарыта дьайсыытын анаан-минээн, умсугуйан туран үөрэппитэ. "Кыым". Ирбэт тоҥтон мэһэйдэтэн сири тобулу киирбэт буоланнар силистэр сири үрдүнэн бараллар. Ю. Чернов
Өссө холобурдар (1)
Тюрк. ери, ири
6 #
ир былыт көр ириэнэх былыт. Ир суолун ирдээ, тоҥ (тор) суолун тордоо фольк. – хайаан да ситэрдии сорунан сойуолаа, эккирэт
Нууччалыы Выслеживать, неотступно преследовать (с твердой решимостью обязательно настигнуть врага, зверя и т. д.)
Эн миигин сибилигин өлөрбүтүҥ, таһыйбытыҥ да иннигэр убайым Ньургун Боотур обургу кэллэҕинэ, ир суолгун ирдиэҕэ, тор суолгун тордуоҕа, мин кэппин бэйэҕэр кэтэрдиэҕэ. Саха фольк Хайа аартыгынан, хайа ааттаах сурахтаах бухатыыр илдьэ барда мин балтыбын, ону киирэн ыйан кулуҥ – ир суолун ирдиэхпин, тор суолун тордуохпун! – диэтэ. Ньургун Боотур. [Ыт] кыраныыссалары кэһээччилэри ир суолларын ирдээн, тоҥ суолларын тордоон туран, күөйэн-хаайан тутарга көмөлөһөр ХС