ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ирбэнньик

аат тыл

Нууччалыы солнечные блики, играющие на легкой ряби воды

1 аат тыл #

Күн уота туохха эмэ (үксүгэр уу ньууругар) тыган дьиримнээн, дьэргэлдьийэн көстөрө

Нууччалыы Солнечные блики, играющие на легкой ряби воды

  • Үөр туллук быыгыныы көтөн эриэн ирбэнньик буолан ааһар...
    Амма Аччыгыйа
  • Хотугу халлааҥҥа дьүкээбил уота ирбэнньик буолан оонньуур. "Кыым". Хотуур ирбэнньик курдук элэҥнээн, күөх оту күөгэччи тэлгээн күн уота куурдарыгар бэлэмнээтэ.
    М. Доҕордуурап
  • Хаар кыырпахтара биир кэм ирбэнньик тэбэллэр
    Эрчимэн

2 аат тыл #

Биир күдьүс долгулдьуйан, күөгэлдьийэн көстүү

Нууччалыы Мягкое, плавное колыхание, волнение, колебание

  • Ийэ дойдум -- ирбэнньик буолан элэҥниирэ.
    А. Софронов
  • Хараҕар, ирбэнньик курдук буолан, баар-суох эрэ оҕото – Чүөчээски көстүмэхтээтэ
    Суорун Омоллоон

«И» буукуба