Перевод с якутского
ириэр
туохтуур
Нууччалыы таять
English to thaw
1 туохтуур #
Нууччалыы таять
English to thaw
эти ириэр разморозь мясоthaw the meat аччыгы аһат, тоҥмуту ириэр накорми голодного, согрей озябшегоfeed the hungry, warm the frozen
2 туохтуур #
Итиинэн дьайан ньалҕарыт, ууллар, сымнат (туох эмэ тоҥу)
Нууччалыы Оттаивать, растапливать что-л
Сылаас хаана буруолаабытынан өрө тыкта, тоҥ чигдини тобулу ириэрдэ. Амма Аччыгыйа Таһырдьа сааскы күн уулусса хаарын ириэрбит, уу-хаар бөҕө килэйбит.
Н. ЛугиновАрба, үс куобаҕы аҕаллым этэ дуу? Киллэрэн ириэрэн кэбис. Сарсыарда сүлүллүө этэ И. Федосеев
3 туохтуур #
Ким эмэ этин-хаанын итит, сылыт
Нууччалыы Греть, обогревать, согревать кого-л
Ала дьикти тааспытын Аҕалларбыт эрэ биһи – Ааспыты аһатыахпыт, Тоҥмуту ириэриэхпит. Эллэй. Чэй баар кыһыҥҥы тымныыга эти-хааны ириэрэр күүс-уох эбэр үтүө ас. С. Никифоров Тоҥмут киһини хаарынан аалан иһэлийбит этин ириэрбиттэр уонна саһыарбыттар. И. Бочкарев Көмүлүөк оһоҕум күлүбүрээн, Күлэн-үөрэн саһыгыраан, Таһыттан да сырайдар, Чугастан да ититтэр, Үлүйдэххэ ириэрэрэ Үчүгэйгэ дылы этэ С. Васильев