ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

күл

аат тыл, туохтуур

Нууччалыы пепел; зола

English ash, ashes

Ис хоһооно · 10

1 аат тыл #

Нууччалыы пепел; зола

English ash, ashes

  • оһох күлэ
    золаash
  • күл-көмөр буол
    стать бесполезнымto become useless
I

2 туохтуур #

ан эмэ астыныыны, дуоһуйууну, үөрүүнү уо. д. а. биллэрэн быһыттаҕас, ураты бэлиэ дорҕооннору таһаар

Нууччалыы Смеяться, хохотать, радоваться

  • Күлэр икки ытыыр икки аҕас-балыстар (өс хоһ.). Ити оҕолор күлэллэрэ, оонньууллара тоҕо үчүгэйэй, от-мас иччитэ кытта оонньуур ээ.
    А. Софронов
  • "Оттон бу чооруостар дьоруойдара!" - Ньургун чооруоһу ыйан баран, көрүдьүөстүк күллэ
    Амма Аччыгыйа

3 туохтуур #

Кими эмэ элэк гын, хаадьылаа

Нууччалыы Смеяться, насмехаться над кем-л., дразнить кого-л

  • Урукку сайыҥҥы өҥүрүк куйааска истээх соннорун, истээх бэргэһэлэрин, -- кэтэ сылдьар дьон, аны ол курдук таҥастаах киһини көрөллөрө буоллар күлүө эбиттэр.
    Эрилик Эристиин
  • Миигин оскуолаҕа күлэллэр - кырдьык, мин тараҥ, атаах аатырыахпын аатырабын.
    Н. Габышев
  • Ол күнү быһа оҕолор Титовтаах Захаровы күлэн таҕыстылар.
    В. Яковлев
Өссө холобурдар (1)
  • Тюрк. күл

4 этии #

Нууччалыы Смеяться до коликов в животе, надрывать живот от смеха

  • Күлэн быара суох (бар) - Тыыҥҥын былдьаһан иэрийиэххэр диэри күл Күн киирэрин аҕай кытта тыаҕа маһы дэлби тыаһаттым. Хайдах сирэй-харах буолан, атахха биллэрэллэрин саныы-саныы күлэн быара суох бардым.
    Р. Кулаковскай
  • [Убайдара] табаарын көрөн баран, күлэн быара суох бараллар. ПНО. Күлэн быаргын тарбаа - кими эмэ күлүү гын, туох эмэ итэҕэһинэн элэк оҥоһун. Θ Насмехаться над кем-л., осмеивать кого-л., Хабырыыс үрүҥ тойотторо истибэттэригэр дьоҥҥо күлэн быарын тарбыыр: "Биэлэйдэрбит тоҕо эрэ олус ньылбыстылар эбээт".
    Амма Аччыгыйа
  • Эһэ, куобах, бэл бөрө - Бары кээлтэр дьуолкаҕа. - Көдьүүс суох ээ итини көрөн, Күлэн быары тарбыырга?!
    А. Барто
Өссө холобурдар (2)
  • Күлэн-күлэн күнү киллэрэр - тугу да гыммакка таах сылдьар киһи. Θ Праздный бездельник (букв. пока смеется-веселится, солнце садится). Күлэн кэбис - суолта биэримэ, болҕомтоҕун уурума. Θ Не обращать внимания, не придавать значения. Оройуоҥҥа үлэҕэ ыҥырдахтарына, бэл учууталлаа диэтэхтэринэ - күлэн кэбиһэр, баһын илгистэр.
    Н. Габышев
  • Күлэн өлө сыс - туох эмэ олус көрүдьүөстэн тохтоло суох, сэниэҥ эстиэр диэри күл. Θ Умирать со смеху. Табаарыһым кэпсээниттэн күлэн өлө сыстым. Күлэн уҥа сытар - сэниэҥ эстиэр, сылбата быстыар диэри күлэр. Θ Смеяться до изнеможения

5 этии #

Нууччалыы Смеяться без причины, по поводу или без повода. [Бөтүрүүскэ кийиитэ] айаҕын минньитэр тыла-өһө өһүллэр, өйө-санаата сытыырхайар, күлэ мээрик буолан, эҥин араастаан эппит тылын ылыннаран тэйэр

  • Күлэ мээрик буол - туох да биричиинэтэ суох күл да күл буол "Кыым". Күлэн алларастаа - айаххын киэҥник атан, улаханнык саҥа таһааран күл (киһи сүөргүлүөн курдук). Θ Громко хохотать, широко раскрыв рот (глупо, несуразно). "Көр эрэ, көр, Миитэрэй түөрэҕэ олордо", - дии-дии, киһи саҥата күлэн алларастаата.
    Амма Аччыгыйа
  • Дьукааҕа Шапкин көрөн олорон күлэн алларастыыр.
    М. Доҕордуурап
  • Күлэн тоҕо бар - эмискэ тугу эмэни көрө түһэн эбэтэр истэн олус күүскэ күлэ түс. Θ Расхохотаться, захохотать, залиться смехом. Мин күлэн тоҕо бара сыстым. Софр. Данилов. Ону көрөөт, дьахталлар дьэ дьиҥнээхтик күлэн тоҕо бардылар.
    Болот Боотур
Өссө холобурдар (2)
  • Күлэ санаа - киһи күлүөн курдук быһыыттан, таска таһаарбакка, искэр күлэн ымах гын. Θ Улыбнуться, усмехнуться про себя (от чего-л. смешного). Харытыана, киһиргээри гынным диэн, иһигэр күлэ санаата, мичик гынна.
    П. Ойуунускай
  • Аанча иһигэр күлэ санаата, онтон сүрэҕин туох эрэ минньигэстик, сылаастык хам тутуталаан ылла. Болот Боотур
II

6 аат тыл #

Туох эмэ (хол., мас) умайан бүттэҕинэ хаалар күрэҥниҥи быыл

Нууччалыы Зола, пепел

  • Мас күлэ. Уҥуох күлэ.
  • [Оҕонньор] хамсатын ураҕаһыгар тоҥсуйан, күлүн тэбээтэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Бэл оһохторун өҥөйөн көрбүтүм. Өрдөөҕүтэ соломонон оттубуттар, соломо күлэ эрэ сытара.
    Н. Якутскай
Өссө холобурдар (1)
  • Помпея куорат уонча миэтэрэ халыҥнаах күл араҥатынан көмүллүбүтэ
    КФП БАаДИ

7 аат тыл #

харыс т., эргэр. Бурдук

Нууччалыы Хлеб, зерно

8 этии #

Нууччалыы Сгоревший до тла, превратившийся в пепел

  • Күл буолбут - умайан, сүтэн-оһон хаалбыт Күл буолбут селоларга Күөх саадтары олортубут.
    Күннүк Уурастыырап
  • Көрөрбүт: умайан, күл буолбут Суулбут дэриэбинэлэри, -- Ытаабыт ытык кырдьаҕаһы, Ынчыктыыр чэгиэн эдэри.
    И. Эртюков
  • Күлгүн булкуйуом, - өлөрүөм-өһөрүөм, сир үрдүттэн суох гыныам, эһиэм. Θ Разнесу в пух и в прах, сотру в порошок (букв. смешаю твою золу,). Уоккутун умуруоруом, күлгүтүн булкуйуом, үөлэскитин кырыардыам, дьиэҥ таһын кыраһардыам, ааккытын сүтэриэм, иччитэх ырыаны ыллатыам. ПЭК ОНЛЯ I. Силлээбитиҥ сирэйгэр кэллэ, хаахтаабытыҥ хараххар түстэ. Күлэ-күлэ күлгүн булкуйуом, оонньуу-оонньуу уоккун умулларыам.
    В. Протодьяконов
Өссө холобурдар (4)
  • Күл гынан (күллүү) көтүт - өстөөххүн кыай-хот, суох оҥор, имири эс. Θ Стереть с лица земли, испепелить, развеять прах. Ону [фашистары], орой-буурай күүстээх Охсор этиҥ дуксуурдаах, Улуу баартыйа сирдьиттээх, Күн сирин күүһэ күүстээх Көҥүл дойду аармыйата Күл гынан көтүттэ. Көмөр курдук үлтүрүттэ. Саха нар. ыр. III. Өссө сорохторун санаатынан сибилигин утарыта баран өлөртөөн-өһөртөөн, күл гынан көтүтэн, сүөһүлэрин-астарын үүрэн аҕалыах баара дии саныыллар.
    Эрилик Эристиин
  • Күлгэ үҥкүрүйэн хаалла - 1) дьиэтэ, мала умайан, туоҕа да суох хаал. Θ Остаться ни с чем (в результате пожара). Быйыл Ньукулай күлгэ үҥкүрүйэн хаалбыт; 2) аһа-таҥаһа суох буолан, ыал устун барда, быстарда. Θ Обнищать, разориться. Маннык олорон сотору күлгэ үҥкүрүйэр инибит - соҕотох ынаҕы соххор абааһы кыҥаһар диэччилэр.
    Болот Боотур
  • Күллүүн көт - сир үрдүттэн сүт, суох буол. Θ Исчезать с лица земли. [Биһиэннэрэ кэлиэхтэрэ] Хаһан сэрии бүттэҕинэ, Өстөөх күллүүн көттөҕүнэ. Дьуон Дьаҥылы. Дьаакып Нээстэрэп, сааһым тухары ыалым, дьонум буоллаҕыҥ, Сэбиэскэй былаас биһигини, үтүө төрүттээх дьону күллүү көтүтэргэ тэринэрин билэҕин.
    М. Доҕордуурап
  • Күлүн кэбиэлэнэ олорор түөлбэ. - 1) дьиэтэ-уота умайан, туох да мала-сала суох хаалбыт. Θ Потерять все в огне; 2) туох да аһа-таҥаһа, үбэ суох хаалбыт, дьадайбыт, эстибит-быстыбыт. Θ Разориться дотла. Күлү ытыста (ытыһан хаалла) - туга да суох хаалла, эһиннэ-быһынна. Θ Остаться ни с чем, зачерпнула горя (букв. зачерпнул горстью золу (зачерпнув горстью золу, остался). Тэҥн. хаары ытыста

9 этии #

Нууччалыы Уничтожать, разгромить, сжечь дотла

  • Күлэ-күлэ күллэри таптай - өлөр-өһөр, дьиэлэри-уоттары умат, суох оҥор Уйаламмыт уоруккутун Уоттары умуруоруом, Күлэ-күлэ күллэри таптайыам, Күнтэн сүтэриэм, Күдэн көтүтүөм.
    П. Ойуунускай
  • Бу туох аньыыбыт-харабыт иһин аал уоппутун умуруордулар, күлэ-күлэ күлбүтүн таптайдылар? Софр. Данилов

10 этии #

Күл саҕынньаҕа (суорҕана) - мас чоҕо умулуннаҕына, киһи үрэн кэбиһэр түү курдук үргэҥнэс үрүҥ сабыыта Умуллубут кутаа оннугар хаалбыт күл саҕынньаҕы тыал көтүтэр

Нууччалыы Пушистый, легко сдуваемый верхний слой древесного угля, пепел

«К» буукуба