ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

күл-сал

туохтуур

Нууччалыы смеяться и шутить от души, быть в веселом настроении, веселиться

1 туохтуур #

ан эмэ астынан, дуоһуйан эрчимнээхтик күл-үөр, оонньоо-дьээбэлэн

Нууччалыы Смеяться и шутить от души, быть в веселом настроении, веселиться

  • Оҕонньор сиэлбитин кубулуппакка ойоҕолоон иһэн үөрэн күллэ-салла, саҥа аллайда: "Нойоон, үчүгэй эбиккин".
    Саха фольк
  • Иккилээх Сэмэнчик аҕатыгар көтөхтөрбүтүнэн икки илиитинэн даллаҥныы-даллаҥныы, күлэ-сала, тугу эрэ лахсыйа истэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Доҕотторбун кытта бииргэ ыллыы-туойа, кэпсэтэ, күлэ-сала сылдьарым бу турар
    С. Ефремов

2 туохтуур #

Тыастаахтык күүдэпчилэнэ умай (оһох, кутаа уотун туһунан)

Нууччалыы Ярко и сильно гореть, пылать (о пламени в печи, костра)

  • Оһох уота өргө диэри күүдэпчилэнэ умайда, күллэ-салла, кыһыл чохторунан тамнааттанна.
    Амма Аччыгыйа
  • Көмүлүөк барахсан, куолутунан, эмиэ күллэ-салла, үөрдэ-көттө
    Суорун Омоллоон

«К» буукуба