Перевод с якутского
хон
туохтуур
Нууччалыы проводить ночь, ночевать, переночевать, остановиться на ночевку
English stay over night, spend the night
Ис хоһооно · 4
1 туохтуур #
Ханна эмэ түүнү утуйан аһар
Нууччалыы Проводить ночь, ночевать, переночевать, остановиться на ночевку
Ыалдьыт сылдьыбатаҕын, хоноһо хоммотоҕун курдук (өс хоһ.). Инньэ гынан Чүөчээски бу түүн Дьарааһын булчут отуутугар хоммута.
Суорун Омоллоон[Өрүүнэ] -- киһи кэлбэтэҕинэ, хоноһо хоммотоҕуна ыксыы түһэр, тэһийбэт. А. Бэрияк Киэһэлик убайым кэллэ. Соҕуруу үрэх уҥуор биэрэстэ кэриҥэ олорор ыалга баран хоннубут ХС
2 туохтуур #
Төһө эмэ кэми, бириэмэни ыыт, аһар
Нууччалыы Прожить, провести некоторое количество ночей. [Айдар] Дьаҥнаан үлэтигэр барбатаҕа икки хоммут
Күнэ суох бүдүө-бадаа халлаан үөһэ улахан тыал түһэн сиксийбитэ икки хонно.
Н. ЛугиновФилософия институтун бүтэрбитим аҕыйах хонно. Амма Аччыгыйа Кылаабынай агроном Иван Баянов сибэниэтигэр сылдьыбатаҕа хас да хонно П. Егоров
3 туохтуур #
Хотоол, оҥхой сиргэ тохтоон муһун, мунньулун (хол., ууну этэргэ)
Нууччалыы Задерживаться, застаиваться в низинах, в ложбинах (напр., о воде)
Томтор сиргэ уу хоммот (өс хоһ.). [Сиидэркэ массыыната] Ордук үгүстүк бөһүөлэк таһынааҕы уу хонор, быыкайкаан суол оҥхойугар хас кэллэҕин-бардаҕын аайы түһээхтиирэ. Р. Кулаковскай Өйдөөн көрбүтэ, уу хонон, от үүммэккэ хаалбыт куоһаҕар кып-кыракый куобахчаааннар ибигирэһэ сыталлар эбит ХС
4 этии #
Нууччалыы Заговорить, запеть после долгого перерыва
Этиилэр
Санаата тохтуур (хонор) көр санаа II
Гараас умайыытыгар дириэктэр санаата киниэхэ [Дабыыкка] өссө да хонор эбит. У. Нуолур Сүрүн мөккүөрдээх дьон иккиэн биир кыыска санаалара хоноро балаһыанньаны уустугурдар. ХС
Өссө холобурдар (2)
Хоммут уоскун хоҥнор поэт. – өр саҥарбакка, ыллаабакка-туойбакка сылдьан баран кэпсээ, ыллаа-туой Өрөөбүт уоспун Өһүлэн, Хоммут уоспун хоҥнорон, Оҕолорбор-биэбэйдэрбэр Олоҥхолоон да көрүүм.
П. ОйуунускайМэлдьи аҕыйах саҥалаах таайым бу киэһэ иккиһин хоммут уоһун хоҥнордо. Н. Габышев
Хомурах хонор (хоммот) көр хомурах
Хомурах хоммотох сирэ суох, кыыл сылдьыбатах симилэҕэ суох (өс хоһ.). Хомурах хоммотох маҥан хочолоругар, тобурах тохтооботох толомон маҕан толоонноругар.
П. Ойуунускай
Тыл хонор көр тыл II
Үс саха тыла хоммут киһитэ (өс хоһ.). Уу тохтообут сиригэр уу тохтуур, тыл хоммут сиригэр тыл хонор. Хайдах даҕаны тыала суохха мас хамсаабат. М. Попов
Дьон тыла
өрт уота!
Дьон тыла хоммут дьоно өр үйэлэммэттэр. "Кыым". Ср. ДТС хон ‘избирать местом жительства’, тюрк. -монг. хон, хоно ‘ночевать’