ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

оҥой

туохтуур

Нууччалыы зиять

English (of a hole) to gape

Ис хоһооно · 4

1 туохтуур #

Нууччалыы зиять

English (of a hole) to gape

  • иннибитигэр дириҥ иин оҥойон көһүннэ
    появилась зияющая ямаa gaping pit appeared
  • истиэнэҕэ үүт оҥойон көстөр
    в стене зияет дыраthere is a gaping hole in the wall

2 туохтуур #

дьүһ. туохт. Төгүрүктүҥү дьөлөҕөстөөх буол; төгүрүктүҥү дьөлөҕөстөөх курдук көһүн

Нууччалыы Зиять (о круглой дыре)

  • Ыт холлороонун курдук холлороон аартык оҥойон көһүннэ. Ньургун Боотур. Миитэрэй дьөлө көтөн киирбит сирэ оҥойон турарын Дьөгүөрдээн саба тардан кэбистэ
    Амма Аччыгыйа

3 этии #

Нууччалыы Решительно отказываться

Этиилэр

Оҥойор айах

соҕотох бэйэҥ тыыннаах буолар, айаххын ииттэр аһыыр аһыҥ.

Минимум пищи, которым можно прокормиться.

  • Бу эмээхсинниин, өлүөхпүтүгэр диэри биирдии оҥойор айахпытыгар аһыыр баайдаахпыт, онтон ордук биһиэхэ туох нааданый?
    Н. Якутскай
  • Оҥойор айахтарын ииттээри эмис соболоох, өлгөм оттоох киэҥ кэлэмэн эбэни булбуттара дуу?
    И. Гоголев
Өссө холобурдар (4)
  • Оҥойор айаххар да тото-хана аһаабакка олороҥҥун, дөксө атыылаһардааххын баҕастааххын.
    Р. Кулаковскай
  • Оҥойо уол - уолан оҥхойон хаал, түгэҕэр түһэн хаал (харах эбэтэр күөл тустарынан этэргэ). Убывать, высыхать (об озере), западать (о глазах больного). [Кыыс Кыскыйдаан:] Икки чоҥойор хараҕым Иккиэн сүллүгэс үүтүн курдук Оҥойо уоллахтарына - Оччоҕо эрэ куотуоҕа.
    П. Ойуунускай
  • Улуу күөллэрэ ортолорунан тобулута ыстанан, омурт да уу оппокко, оҥойо уолбуттар.
    Күннүк Уурастыырап
  • Уот Курааҥҥа -- арыылаах улуу эбэ, оҥойо уолан, дьэбин дүөрэ от саба үүнэн турбута. П. Тулааһынап

4 этии #

Нууччалыы Ямочка на шее над грудной костью (между ключицами), яремная ямка

  • Оҥойор уолук - киһи хомурҕанын уҥуохтара түөһүн үөһээ өттүнэн сыста (тиксэ) сыһар сирдэрэ Оҥойор уолугун үүтүгэр Олорор оҕо саҕа Икки сиикэй эт бэргэ мэҥнээх-- Улуутуйар улуу Суорун.
    П. Ойуунускай
  • Мин сиэгэн оҥойор уолугун кыҥаан баран, бинтиэпкэм элбэрээгин төлө тартым.
    Т. Сметанин
  • Оҥойор уолукпун, Түллэр түөспүн, Сыалыгар ылаат, Кыҥаан, кыҥаан ыппыта Фашист саллаата.
    ХС
Өссө холобурдар (1)
  • Ср. монг. онгойх ‘отворяться, вскрываться’

«О» буукуба