Перевод с якутского
хах
аат тыл
Нууччалыы наружная оболочка чего-л., скорлупа (яичная), кожура (напр., картофельная), кора
English cover, skin, shell
1 аат тыл #
Туох эмэ тас өттө, бүрүөтэ, таһа
Нууччалыы Наружная оболочка чего-л., скорлупа (яичная), кожура (напр., картофельная), кора
Сымыыт хаҕа. Хортуоска хаҕа. Кинигэ доҕоргун Киртитэр буолума, Хахтарын, лиистэрин Хайыта тыытыма. Е. Васильев Сиэмэ [фасоль киэнэ] тас өттүттэн килбэчигэс ньалҕаархай хаҕынан бүрүллүбүт. КВА Б
2 этии #
Нууччалыы Будучи больным или озабоченным чем-л., не обращать внимания ни на что другое вокруг (букв. только оболочка ходит (сидит))
Этиилэр
Хаҕа эрэ сылдьар (олорор)
туох эмэ санааҕа-онооҕо ылларан эбэтэр ыалдьан тугу да сэҥээрбэккэ, санаата атыҥҥа сылдьар (олорор) Ол күн уруоктарга мин хаҕым эрэ олоорто.
Дириэктэрбит -- ыарытыйар. Мин көрдөхпүнэ, олох бүтэн баран, хаҕа эрэ сылдьаахтыыр да, ону ол диэбэт. Н. Босиков Дьиэбин ахтан хаҕым эрэ сылдьар. В. Иванов
Хаҕа эрэ хаалбыт
1) улаханнык ырбыт-дьүдьэйбит, этэ-сиинэ бараммыт.
Крайне похудеть, отощать (от болезни, переживания, старости – соотв. [от него] осталась одна оболочка).
[Анна Петровна:] Оту да охсорум, бурдугу да быспахтаһарым… Билигин хаҕым эрэ хааллаҕа эбээт. "ХС"; 2) хаҕа эрэ сылдьар (олорор) диэн курдук. Куттанан хаҕа эрэ хаалбыт, иһиттэн саҥата тахсыбат буолбут Өрүүнэ киирдэ. Н. Босиков [Хаппытыан] дьыалаҕа иҥнибит киһи хаҕа эрэ хаалбыкка дылы, санаата-өйө атыҥҥа бара турар. А. Сыромятникова
Өссө холобурдар (1)
Ср. ДТС хас, хаз ‘кора’, хах ‘долька; ломтик’, хак. хаах ‘скорлупа’, монг. хаг ‘тонкий слой чего-л. на поверхности’