Перевод с якутского
сирдээ
туохтуур
Нууччалыы наделять землёй, выделить земельный участок
Ис хоһооно · 4
1 туохтуур #
Өлүү сирдэ биэр, сирдэ анаа
Нууччалыы Наделять землёй, выделить земельный участок
Сирэ-уота суох дьону сирдииргэ кэпсэтии буолла. Амма Аччыгыйа Эһигини сирдиибит диэн кими өлөрөн аччарыһабыт?
Суорун ОмоллоонБиһиэхэ хамнаска сылдьар дьоннору -- баҕас сир үчүгэйигэр сирдээ инилэр
Күндэ
2 этии #
Нууччалыы соотв. провалиться сквозь землю
Сирдээн тимирдэ [халлааннаан көттө] - киһи хараҕын далыттан сүтэн хаалла, киһи булбат курдук мэлис гынна Куоҕаһа буоллаҕына сирдээн да тимирбитэ, халлааннаан да көппүтэ биллибэккэ хаалбыт. Амма Аччыгыйа Кини сирдээн да тимирбитэ, халлааннаан да көппүтэ биллибэтэҕэ. Н. Заболоцкай Халлааннаан көттөххүнэ атаххыттан тутуом, сирдээн тимирдэххинэ баттаххыттан харбыам. ХС
Өссө холобурдар (3)
Сирдээн эрэ тимирбэтэ [халлааннаан эрэ көппөтө] - олус саатта, кыбыһынна, саатан барыах-кэлиэх сирин булбата. Θ соотв. готов сквозь землю провалиться. Киргиэлэй хотун элэктээн эппитин билэн саатыттан сирдээн эрэ тимирбэтэҕэ. Болот Боотур Кыбыстаммын, кыыс истиэ диэммин, сирдээн эрэ тимирбэтим. Р. Баҕатаайыскай "Үнүргүбүн биллэхтэрэ, Үлүгэрим эбит... " - диэн, Сирдээн эрэ тимирбэккэ, Сэбиэттэргэ тиийбитэ. Күннүк Уурастыырап
3 туохтуур #
Кими эмэ кытта суолун көрдөрөн бииргэ барсыс
Нууччалыы Быть чьим-л. провожатым, проводить кого-л. куда-л
Таал-таал эмээхсин сирдээн, иккиэн субуруһан көлүйэ күөлгэ киирэллэр. Саха фольк Лааппылара ханан баарый?.. Сирдээ! Н. Якутскай Миша дьэ мантан антах Наташатын сирдээн илдьиэхтээҕэ Дьүөгэ Ааныстыырап
Өссө холобурдар (4)
Көрбөт киһиэхэ сирдьит буол. Θ Быть поводырём незрячему. Эмээхсини биир чороччу улаатан эрэр кыыс, тайаҕын төбөтүттэн тутан, сирдээн киллэрдэ. Эрилик Эристиин Эрбэйбит баттахтаах, атах сыгынньах кыысчаан сылдьан хараҕа суох Харытыайы сирдиирим В. Гаврильева Инникилээ, инники баран атыттары батыһыннар (кыыллары этэргэ). Θ Быть вожаком (напр., стаи). Кырынаас -- лааскай саҕа буолбут оҕолорун сирдээн, баран иһэр. Н. Заболоцкай Үөр бөрөҕө сирдиир булчут бөрө баар буолааччы Р. Кулаковскай
4 туохтуур #
кин. Кимиэхэ-туохха эмэ ыйар суолдьут буол, эркээйи буол
Нууччалыы Указывать направление кому-чему-л., быть путеводной звездой
Миигин силлиэҕэ сирдээтэ Романтика чаҕыла. С. Данилов Григоряны манна бэйэтин талааннаах идэтэ - муусуката сирдээн аҕалбыта.
Суорун ОмоллоонКөмүс чуораан чугдаана Күлүктэммэт сырдыкка сирдиэҕэ! С. Васильев