ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

паай

аат тыл

Нууччалыы доля земли, выделяемая подушно, земельный надел (при переделе земли), пай

1 аат тыл #

Биирдии киһиэхэ эбэтэр ыалга, хаһаайыстыбаҕа тиксэр өлүү (сири түҥэтии саҕанааҕы), өлүү сир

Нууччалыы Доля земли, выделяемая подушно, земельный надел (при переделе земли), пай

  • Паай сир.
  • Сир бастакы үллэһигэр, Борокуоппай көрдөһөн туран паай сирин уонна уһаайбатын оннун манна анатан, кыстык угун саҕа туруорбах балаҕан оҥостон, бэйэтэ туспа буруо таһааран, ыал буолбута.
    А. Бэрияк
  • Бу бөлөх дьүүлүнэн силиэттэр Уопсай дьон мунньаҕын тартылар. Сири паай өлүүнэн түҥэттэр Боппуруос сүҥкэнин туттулар.
    Эрилик Эристиин
Өссө холобурдар (1)
  • Аны баай, дьадаҥы диэн суох буолуохтаах, киһи барыта тэҥ буолуохтаах, сири дууһанан паай өлүүнэн түҥэтиллиэхтээх дииллэрэ саҥа былаас дьоно
    Ф. Захаров

2 аат тыл #

Дохуоту дууһанан түҥэттии (маҥнайгы холкуостар саҕана)

Нууччалыы Подушное распределение доходов (во времена первых колхозов)

  • Холкуостан ылар дохуот бастаан утаа паай быһыытынан түҥэтиллэрэ
    И. Аргунов

3 аат тыл #

Кэпэрэтиип чилиэннэрэ киллэрэр үптэрэ, усунуостара

Нууччалыы Доля, вносимая пайщиками кооператива

  • Бахсы эргиэнин тэрилтэтэ табаар эргиирин икки сыллаах былаанын, соҕотуопка, килиэп астааһынын, нэһилиэнньэни паайга киллэрии уонна паай үбүн хомуурун былааннарын болдьоҕун быдан иннинэ -- толорбута.
    ХС
  • Кинигэ атыытын, килиэби астааһын, паай үбүн хомуурун, кэпэрээссийэҕэ чилиэни тардыы, -- барыһы ылыы былааннара бары аһары түстүлэр. "Кыым". Кэпэрээссийэҕэ тардыыга, паай усунуоһун хомуйууга былаанын эмиэ лаппа аһарда
    Кыым

«П» буукуба