Перевод с якутского
сирдэт
туохтуур
Нууччалыы ходить с провожатым или с поводырём
Ис хоһооно · 4
1 туохтуур #
Кими эмэ сирдьит оҥоһун, сирдьиттээх сырыт (хараҕа суох эбэтэр сири-уоту билбэт киһиэхэ этиллэр)
Нууччалыы Ходить с провожатым или с поводырём
Оҕонньор эмээхсиннээх уолугар сирдэтэн сылдьан, баайдарга тирии имитэр, бурдук тардар. Амма Аччыгыйа Таһырдьаттан сирдэтэн киирэр.
КүндэТүбэһиэхчэ көрсүбүт киһитин булан, сирдэтэн Адамов дьиэтигэр баран иһэн, ити түбэһэн өлбүт И. Бочкарёв
2 туохтуур #
Тугунан эмэ ыйдаран баар сиргин бил, хайысхаҕын бул
Нууччалыы Сориентироваться, установить своё местоположение
Үрэх үкэр отун төбөтө хайа диэки хоҥкуйбутунан, тыа маһын лабаата хайа өттүнэн хойдубутунан сирдэтэн -- кини бардар баран иһэр. Амма Аччыгыйа Ыйдаҥанан сирдэтэн Ыарҕалаахха кэлбиттэрэ. Күннүк Уурастыырап Муораҕа уонна кураайы куйаарга айанныылларыгар кинилэр сулустарынан сирдэтэллэрэ КФП БАаДИ
3 туохтуур #
Тугунан эмэ салайтар, тугу эмэ эркээйи оҥоһун
Нууччалыы Руководствоваться чем-л., следовать чему-л
Саамай үрдүк көрдөбүлүнэн сирдэтэн, аҕыс киһиэхэ анаан тэриэлкэлэри, үрүҥ көмүс прибордары бэлэмнээтилэр.
Н. ЛугиновБиһиги сирдэтэр сулуспут ол омуннаах-төлөннөөх РАПП тэрилтэтэ этэ. Н. Заболоцкай Саха тылынан сирдэттэххэ, манна [Тиксиигэ] муора балыксыттара, булчуттара тиксэллэрэ эбитэ буолуо И. Данилов
4 туохтуур #
Куһаҕаннык көр, көрөрүҥ мөлтөө
Нууччалыы Плохо видеть (о больных глазах)
Арыычча атахпын сирдэтэр буолан сылдьабын. Амма Аччыгыйа Оо, эмээхсиним барахсан кыараҕас хараҕа кыраҕытын, дьэ, уонна, наада тирээтэҕинэ, атаҕын тумсун сирдэппэт ааттаах. М. Доҕордуурап Аҕалара, ньылбараҥнаабыт хараҕа уулааҕынан-хаардааҕынан көрөн, нэһиилэ сирдэтэрэ ХС