ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кыылдьыт

аат тыл

Нууччалыы охотник на диких оленей, лосей

1 аат тыл #

Кыыл табаны эбэтэр тайаҕы бултуур булчут киһи

Нууччалыы Охотник на диких оленей, лосей

  • Ити мин түҥүрбүн Тааска [дойду аата] үөскүү илик улахан кыылдьыт дииллэрэ.
    Болот Боотур
  • Оттон кыыл табалар биир олугунан лабырҕаччы үктээн ааспыттарын көрөн, кыылдьыттар төһө кыыл ааспытын эндэппэттэр.
    ХС
  • Оҕом улааттаҕына, аҕатын курдук кыылдьыт буолуо. Н. Тарабукин (тылб.)

2 этии #

Нууччалыы Охотничья собака, специально выученная на преследование крупного зверя (медведя, лося, дикого оленя)

  • Кыылдьыт ыт - улахан кыыллары (эһэни, тайаҕы, кыыл табаны о. д. а.) бултуурга анаан үөрэтиллибит ыт Үөрүйэх кыылдьыт ыттар уордаахтык үрэн, түһүөлээн, эһэни холоруктаталлар.
    В. Протодьяконов
  • Улахан кыылдьыт ыттар бэйэлэрэ -- тайаҕы, оннооҕор кыыл табаны күөйэн аҕалар, иччилэрин балааккаларын таһыгар тиийэ үҥүлүтэр түбэлтэлэрэ баар диэн кэпсээннэр эмиэ бааллар.
    Я. Семенов
  • Бөрө бэйэтин тас көрүҥүнэн саха кыылдьыт ытыгар маарынныыр. КГП БННь

«К» буукуба