ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

хоҥнор

туохтуур

Нууччалыы отделять, прилагая усилие, отрывать что-л. от чего-л.; разъединять что-л. с чем-л

1 туохтуур #

Тугу эмэ туохтан эмэ күүскүнэн арааран ыл, төлөрүт

Нууччалыы Отделять, прилагая усилие, отрывать что-л. от чего-л.; разъединять что-л. с чем-л

  • Баай ыал киэнин Балбаах хоҥнорор Баһымньы тимирдэрин Батарыта саайталаабыт.
    Күннүк Уурастыырап
  • Байыкка [тыытын] баатын кытта бэрт өр эрийсэн, астаһан, мууһун суоран, түгэҕин луомунан көйөн, нэһииччэ хоҥнордо
    Н. Заболоцкай

2 туохтуур #

Биир сиртэн хайа эмэ диэки сыҕарыт, ыыт

Нууччалыы Сдвигать, трогать с места

  • Массыынаҕын собуоттаан хоҥнор.
  • Икки-үс оруота дьонноро Барааттаан биир тэҥҥэ хаамсаллар Этэрээт сэриигэ хоҥноро Чугаһаан ырыанан тахсаллар
    Эрилик Эристиин

3 этии #

Этиилэр

Сыҥааххын хоҥнор көр сыҥаах

  • Кини [эһэ] арҕаҕын ааныгар быардыы түһэн, күнүстэн күнүс сылааска сыламнаан, ытыстыбыт сыҥааҕын хоҥноро хас да күн сыппыта.
    Р. Кулаковскай
  • Көр биирдэ сыҥааххын хоҥнорордоох эбиккин ээ.
    Н. Заболоцкай
Өссө холобурдар (3)
  • (Хоммут) уоскун хоҥнор көр уос. Хоммут уоспун Хоҥнорон, Оҕолорбор-биэбэйдэрбэр Олоҥхолоон да көрүүм.
    П. Ойуунускай
  • – Көр эрэ! – диэн мин мэлдьи аҕыйах саҥалаах таайым бу киэһэ иккиһин хоммут уоһун хоҥнордо.
    Н. Габышев
  • Ср. ДТС хоҥур ‘вырывать, выдергивать’

«Х» буукуба