Перевод с якутского
Бэргэн
даҕааһын, аат тыл, аат
Нууччалыы точный; искусный
English accurate, skillful
Ис хоһооно · 7
1 даҕааһын #
Нууччалыы точный; искусный
English accurate, skillful
бэргэн ытааччы меткий стрелокan accurate shooter
2 аат тыл #
Икки кийииттэн улахана (убай кэргэнэ) кыра кийииккэ сыһыаннаан
Нууччалыы Жена старшего брата (по отношению к жене младшего брата)
Ини-бии кэргэттэрэ Истэргэ эмиэ дьиибэ: Бэйэ-бэйэлэрин Бэргэним, бадьам дииллэр. К. Туйаарыскай “Уҥа илик сүөһүгэ сор буолбат дуо?” - диэтэ Хобороос бэргэнин диэки буолан, эрин кынчарыйа-кынчарыйа. “Саха с. ”. Тэҥн. бадьа
3 даҕааһын #
даҕ
Фашистартан биирдэстэрэ эмэтэ төбөтүн өндөттөр эрэ, Кобров бэргэн буулдьата супту көтөн испит. Онтон фашистар атахха биллэрбиттэр. Амма Аччыгыйа Булчут киһи бэргэн буулдьата Тииҥи харахха тэһэ түстэ. Эллэй. Манна, биһиэхэ, эн аҕаҥ Семен Дуранов сулууспалыыр. Кини бэргэн снайпер И. Федосеев
4 даҕааһын #
Сыыспакка ытар, табыгас, үчүгэйдик ытар
Нууччалыы Меткий, искусный в стрельбе
5 даҕааһын #
Тугу эмэ чуолкайдык быһааран, өйдөтөн этэр, хомоҕой, уус-уран
Нууччалыы Меткий, метко характеризующий, складный, красноречивый
Уобараһа бэргэн, ис хоһооно судургу, тыла чиҥ буолан, таабырын киһи өйүттэн тахсымтыата суох, көлүөнэҕэ бэриллэн иһэр. Саха фольк Поэт [Чаҕылҕан] саамай кэнники кинигэтин “Биһиги күннэрбит ырыалара” диэн ааттаабыттара. Ити тыллара кини айар үлэтин бүтүннүүтүн ис номоҕун бэргэн харахтарыыската буолаллар. Софр. Данилов. Саха дьүһүннүүр тылын саҕа нууччалыы быһаарарга ыарахан суох: биир бэргэн тылынан хартыынаҕа көстөрдүү хоһуйан этиини Далан
6 этии #
Бэргэн ытааччы - сыыспакка ытар киһи, ытарыгар сыыспат киһи Бэргэн ытааччы аатырбыт Бэйэбит ыччаппыт Бултаабыт булда тугуй диэн, Булан көрө турбутум. Саха нар. ыр. III. Бэргэн ытааччыттан Бэдэр суулларын курдук Снайпер буулдьатыттан Өстөөх самныа куруук. Эллэй. Былыр бэргэн ытааччылар ааттарын мэҥэ тааска быһан суруйаллара. И. Федосеев
Нууччалыы Меткий стрелок, снайпер
7 даҕааһын #
, түөлбэ. Табыллыбыт, бааһырбыт (булду этэргэ)
Нууччалыы Раненый (о дичи)
Бэргэн кус. Бэргэн куобах