ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

имигэс

даҕааһын

Нууччалыы мягкий

English soft

Ис хоһооно · 9

1 даҕааһын #

Нууччалыы мягкий

English soft

  • имигэс тирии
    мягкая кожаsoft skin

2 даҕааһын #

Нууччалыы гибкий

English flexible, supple

  • имигэс талах
    гибкая иваa supple willow

3 даҕааһын #

даҕ

  • Эбэтэр имигэс боробулуоха туһаҕы төгүрүт.
    Амма Аччыгыйа
  • Оксана имигэс, синньигэс бииллээҕэ, көнө уҥуохтааҕа.
    Суорун Омоллоон
  • Ааһан иһэр дьону сымнаҕастык кууһан ылыах курдук имигэс лабааларын намылыччы ууммут хатыҥтан биир лабааны тосту тардан ылар
    С. Федотов

4 даҕааһын #

Чэпчэкитик иэҕиллэр, өҕүллэр

Нууччалыы Способный легко гнуться, сгибаться, изгибаться; гибкий

5 даҕааһын #

Сымнаҕас; уунаҥнас

Нууччалыы Мягкий; эластичный

  • Имигэс тирии.
  • Эмээхсинигэр этэн, этигэр сыста сылдьар гына имигэс сарыы таҥаһы тиктэрэн кэтэрдэр.
    Саха фольк
  • Чэйгэ баар "Р" витамин уонна чуолаан катехиннар тымыр эркинин бөҕөргөтөллөр, кинини ордук имигэс, уунаҥнас оҥороллор
    Г. Угаров

6 даҕааһын #

Уларыйыыга-тэлэрийиигэ чэпчэкитик сөп түбэһэр

Нууччалыы Легко приспосабливающийся ко всяким изменениям, переменам

  • Кини уопсастыбаннай сайдыы сокуоннарын билиинэн сэбилэнэр, чуолкай бырагыраамалаах, имигэс тактикалаах. "Ленин с. ". Биһиги экэниэмикэбит ордук имигэс буолан иһэр. Л. Брежнев (тылб.)

7 даҕааһын #

Олус хомоҕой, этигэн, уурбут-туппут курдук (тыл туһунан)

Нууччалыы Весьма складный, гладкий, звучный (о речи, языке)

  • Бастакы араатар этэр тыла маҥнай сүрдээх хомоҕой, олус имигэс курдук гынан баран, истээччи кинини кытта аарааҥҥа эрэ диэри аргыстаһар.
    Амма Аччыгыйа
  • Мин хас түбэлтэ аайы өйдөтө сатыыбын – бэйэлэрин норуоттарын үйэттэн үйэлэргэ муспут баай, имигэс, чаҕылхай тылларыттан мэлийиэхтэрин баҕарбаппын.
    Далан
  • Саха тыла барахсан иирэ курдук имигэс, солко курдук сымнаҕас тыл
    ХС

8 даҕааһын #

Кэлбит-барбыт, турбут-олорбут, сытыы

Нууччалыы Проворный, бойкий, шустрый

  • "Федералистар союзтара" диэн, эппит-тыыммыт имигэс атыыһыт-албакаат саха, Харчылаах уола Хабырылла Силиипэп салайааччылаах тэрилтэ сирбиэтэнэр.
    Амма Аччыгыйа
  • Онтон башкир омук суруйааччыта Хай Мухамедьяров, көрдөөх, имигэс табаарыс, омуннаахтык сэлээппэтин туура тардына охсоот, өрө ууммахтаата
    Амма Аччыгыйа

9 даҕааһын #

Булугас, туһалааҕын түргэнник өйдүү охсор (киһи өйүн туһунан)

Нууччалыы Сообразительный; умеющий ловко и быстро найти выход из любой ситуации (о мыслительной способности)

  • Билиҥҥи олох ииччигин-бааччаҕын билэргэ имигэс өй наада.
    Н. Лугинов
  • Кини куруутун саамай быһа суолу булар. Чэпчэкитик олорор имигэс өйдөөх киһи
    Н. Лугинов

«И» буукуба