ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кырдьык

даҕааһын, аат тыл, кэнники тыл

Нууччалыы то, что соответствует действительности, правда

English true, veritable, exact

1 аат тыл #

Дьиҥ баар чахчы

Нууччалыы То, что соответствует действительности, правда

  • Кырдьыгы этэр. Кырдьыгы тутус.
  • Көнө кырдьыгы көрдүүр (өс хоһ.). Кырдьык үрдүгэр сымыйа ыттыбат, арыы үрдүгэр уу дагдайбат (өс хоһ.). Этэр дьон эттэхтэринэ, сымыйаны даҕаны кырдьык курдук этэн таһаараллар, ханан даҕаны эҥкили-дьиэги булуоҥ суоҕа.
    П. Ойуунускай
  • Кырдьык сабылынна, кыһыы буолла!
    Күннүк Уурастыырап

2 даҕааһын #

суолт. Олоххо, тулалыыр эйгэҕэ баарга сөп түбэһэр дьиҥнээх, чахчы

Нууччалыы Соответствующий действительности, действительный; содержащий, выражающий правду, правдивый

  • Төһө кырдьык суолу кэпсээн эрэллэрэ буолла? Букатын мунан хаалан сылдьабын.
    С. Ефремов
  • Кини кырдьык санаатын эппитэ буолуо
    М. Доҕордуурап

3 кэнники тыл #

т. суолт. кырдьыга диэн курдук. Уйбаан, эн, кырдьык, олустаары гынныҥ. Амма Аччыгыйа. Ол киэһэ, кырдьык, Биэлсэрбит кээлтэ. Эллэй. Кырдьык, мин туох үлэһит буолабыный? Софр. Данилов. Тюрк. герчэк, киртү, герти

«К» буукуба