Перевод с якутского
бэргэнник
Нууччалыы метко, без промаха
1 #
сыһ
Үчүгэй сирэ оройуон үрдүнэн биир бастыҥ бултаах, үчүгэй булчуттардаах сир. Кинилэр бэргэнник ыталларын, көхтөөхтүк бултуулларын ол сааскы кус “арда” көрдөрбүтэ. Н. Заболоцкай Биһиги зенитчиктэрбит ол көтөр абааһылары бэргэнник табан түһэрэллэр. ССС. Тоороной күн тура-тура Тоотоҥноон тыаҕа бултуура. Бэркэ баһылаабыт кини Бэргэнник ытар идэни П. Дмитриев
2 #
Сыыспакка, сыыспат гына (ыт)
Нууччалыы Метко, без промаха (стрелять)
3 #
Хомоҕойдук, уус-ураннык (эт)
Нууччалыы Метко, складно, красноречиво (сказать, говорить)
Таабырыҥҥа, норуот фантазиятын киэргэтиэн баҕардаҕына, бэрт чугастааҕы дьиэ эргиннээҕи да суолу, бэргэнник хоһуйан таһаар. Саха фольк [Семен Никифоров] табыллыбыт айымньыларыгар геройдарын психологиятын дириҥник, бэргэнник арыйан көрдөрөр, кинилэр ис туруктарын итэҕэтиилээхтик ойуулуур. Софр. Данилов. Чаҕылхай Максим Аммосов диэн бэргэнник сыаналаабыта бэйэтин ииппит, үөрэппит уолун Емельян Ярославскай П. Филиппов