Перевод с якутского
кыраҕытык
Нууччалыы далеко, зорко, остро
Ис хоһооно · 5
1 #
сыһ
Кинилэр [саллааттар] олбуор иһин диэки сытыытык, кыраҕытык көрүтэлииллэр. Н. Габышев Арай туундара булчутун үөрүйэх хараҕа эрэ бу хараҥаҕа кыраҕытык көрүөн сөп. Н. Габышев Владимир Ильич хараҥаны, күһүҥҥү түүнү кыраҕытык кыҥастаспыта. М. Прилежаева (тылб.)
2 #
Ырааҕы сытыытык (көр)
Нууччалыы Далеко, зорко, остро (смотреть, видеть,)
3 #
Болҕомтолоохтук, бэлиэтии, таба (көр, кэтээ)
Нууччалыы Зорко, внимательно (смотреть, следить)
Бугул саҕа уйаларыгар ас көрдөөн айахтарын аппаҥнатар оҕолорун ийэ хотой кыраҕытык кэтиир. И. Гоголев Үөдүйээн биир кыталык Үрүҥ туналы тириитин Ылан кистиир, Кыраҕытык ыраахтан көрөр, кэтиир. С. Дадаскинов Таабырыҥҥа олоҕу, айылҕаны кыраҕытык көрүү, мындыр өй, хомоҕой тыл эгэлгэтэ көстөр ВГМ НСПТ
Өссө холобурдар (2)
Сэргэхтик. Θ Бдительно. Ийэ сирбит киэнин Илин, арҕаа быыһын Кыһыл сэрии мэлдьи Кыраҕытык маныа. Күннүк Уурастыырап Чэ, кытаатыҥ, аттаргытын мантан инньэ кыраҕытык манааҥ. Куһаҕан санаалаах дьон тугу барытын оҥоруохтара И. Федосеев
4 #
Олус болҕомтолоохтук, мындырдык, кыраны да көтүппэккэ; иҥэн-тоҥон (бил, кэтээ)
Нууччалыы Пристально; проницательно, вникая во все мелочи (следить, распознавать)
Тахсар тууһу кыраҕытык, сэргэҕи сүтэрбэккэ, чинчилиир буолуохха. И. Никифоров Маннык тоҥокко мууһурбут хаар үрдүн кыраҕытык кэтэһэр наада. М. Попов Серго албыннааһыны ордук тулуйбат этэ. Ону кини наһаа кыраҕытык булан ылара. СОТА. Амма Аччыгыйа киһи, суруйааччы быһыытынан биир боччумнаах уратыта - киһи үтүө өрүттэрин кыраҕытык таба көрөрө ФЕВ УТУ
5 #
Бэргэнник (ыт, кыҥаа)
Нууччалыы Метко (стрелять, целиться)
Ким урут туттубут саата эрдэ эстэр эбээт. Ким кыраҕытык кыҥаабыт сыалын табар эбээт. Т. Сметанин Хаптаһыннаах халыҥ ааммыт Хайаҕаһынынан бэйэбит Кыраҕытык кыҥаһаммыт Кынчыатаһан кэтэһэбит С. Тимофеев