Перевод с якутского
сарыы
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы замша
English suede
Ис хоһооно · 6
1 аат тыл #
Нууччалыы замша
English suede
сарыы сон замшевое пальтоa suede coat
2 аат тыл #
Таба тириитэ анаан олус сымнаҕас гына таҥастаммыта
Нууччалыы Специально выделанная мягкая кожа из оленьей шкуры, ровдуга, замша
Кыыс баран дьааһыктан аҕалар Кыһын ыыстаммыт сарыыны. Эллэй. Имигэс буоллун диэн [ат сүүрдээччигэ] сарыыттан тигиллибит тарбах үтүлүгү биэрбитэ И. Федосеев Таба тириититтэн атын да тирии олус сымнаҕас, имигэс гына таҥастаммыта. Θ Мягко выделанная коровья и другая шкура. Ырыган ыт сарыыта Ыыстаах ырбаахыбын – Кэтэрдэ охсуҥ! С. Васильев Ынах тириититтэн сарыыны оҥоруу олус үлэлээх, [ол иһин] ынах тириититтэн элбэх сарыыны оҥорбот этилэр АЕЕ ӨҮОБ
Өссө холобурдар (1)
Таба тириитэ таҥас түүтэ элэйэн халтаҥнаабыта. Θ Голое место в меховой одежде со стёртой шерстью. Соно уонна ыстаана, түүтэ соролоон, сарыыта эрэ хаалла И. Данилов
3 аат тыл #
Киһи-сүөһү, харамай уорганнарын чараас ис бүрүөлэрэ
Нууччалыы Тонкая упругая плёнка, являющаяся перегородкой или оболочкой внутренних органов человека и животных, носовая перепонка глаза
Мэйии сарыыта. Кулгаах сарыыта. [Мөкүөйэ:] Ама доҕор, бэйэм тылбын [дьаакка] тоҕо сиэтиэмий - туос араҥатын эбэтэр куолай сарыытын тылбар тутар буоллаҕым дии.
Суорун ОмоллоонБууска эстэр тыаһыттан кулгаахтарын сарыыта алдьанар дьон баар буолааччылар. А. Данилов
Өссө холобурдар (3)
Ыалдьыбыт боросуонактар -- биэс-алта ый буолан баран муннуларын уҥуоҕа, кэдэрги тартаран, үөһэ сынтайан тахсар. Муннун сарыыта сытыйан ириҥэ буолан тохтор АНП СССИи Сарыы ыстаан. Сарыы үтүлүк. Биир эмээхсин сарыы саппыйаны үйэтин тухары хостообут да, барамматах (тааб.: киһи тыҥатынан тыынара). Үгүстүк киирэ-тахса үөрэммит сиринэн аллара сарыы тордохторго киирэн, кини дьонун сэрэтэр санаалааҕа Далан
4 даҕааһын #
суолт. Итинник тириинэн оҥоһуллубут, тигиллибит
Нууччалыы Сшитый, сделанный из ровдуги; замшевый, ровдужный
5 этии #
Нууччалыы Утратив физическую силу, силу духа, стать маломощным, слабосильным, слабовольным
Сарыы буол - күүскүн, модун санааҕын ыһыктан сыһый, мөлтөө Билигин, ама, сарыы буолтум иһин хаһан эрэ мин да эн саҕа эдэр, дохсун санаалаах этим. Н. Апросимов Сарыы тимэх курдук тэнийэн биэр - кытаанах кыһалҕа тирээтэҕинэ, ордук холкутаан биэр, өйгүн-санааҕын ыһыктыма, ыһыктан биэримэ. Θ Проявлять необыкновенное терпение и сметливость (в трудные минуты жизни). Күүһү-уоҕу күүрдэн, өйү-санааны өргөстөөн, чиҥээн-чиччигинээн, сарыы тимэх курдук тэнийэн биэрэр кэмнэр дьэ кэллилэр. Амма Аччыгыйа
6 этии #
Сарыы кынат - атахтарыгар уһун тарбахтардаах уонна олору тилийэ үүнэр, сарайар кынаттардаах, күнүһүн көстүбэт кыракый эмнэрээччи Ср. тюрк. йару ‘сыромятная кожа’, йары, жаргах ‘перепонка, выделанная и очищенная от шерсти, шкура животного’
Нууччалыы Млекопитающее ночное животное с широкой летательной перепонкой, соединяющей длинные пальцы, летучая мышь