ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

сыккыраа

туохтуур

Нууччалыы течь очень тихо, едва струиться

1 туохтуур #

Оргууй аҕай, барбах эрэ сүүр, сүүрт, таҕыс (хол., ууну, буруону уо. д. а. этэргэ)

Нууччалыы Течь очень тихо, едва струиться (напр., о воде, дыме и т. п.)

  • Аппаларынан, ходуһаларынан симик сүүрээн сыккыраабыта.
    С. Васильев
  • Хомурахтан нэһиилэ чочойон көстөр үөлэстэн буруо сыккырыыр
    Ү. В. Протодьяконов
  • Манна дьүүктэ уута сүүрэр уонна хайаттан аллара сыккырыыр
    Кыым

2 туохтуур #

Киһи аһыныах курдук, нэһиилэ сырыт, оннук көһүн

Нууччалыы Выглядеть жалко, иметь жалкий вид

  • Күһүн киһилэрэ сыыйыллан, дьиэтигэр сыккыраан бараахтыыра, кыһын эмкэ сылдьар сураҕа иһиллэрэ.
    В. Яковлев
  • Харыйаан ууттан мэлийэн землянкатыгар бу сыккыраан киирдэ
    А. Бродников

3 этии #

Нууччалыы Испытывать нужду, жить в бедности, еле сводить концы с концами

Этиилэр

Ытаан сыккыраа

уһуннук, истибэтэллэр ханнык диэбиттии оргууй аҕай, иһиллэр-иһиллибэттик ытаа.

Долго и тихо плакать, скрывая слёзы.

  • Саргы сыттыга сытыйыар диэри ытаан сыккыраатар да, хайыай, сыыһаны көннөрүллүбэт. Күрүлгэн. Сиргэ умса түһэ сытан ытаан сыккыраатым, хомойбутум бэрт буолан, адьас оҕолуу марылаччы ытаан бардым.
    ХС
  • Ср. алт., кирг. шыркыра ‘тихо журчать’, кирг. зиркирэ ‘струиться’, ДТС сарк ‘сочиться, вытекать каплями (о жидкости)’

«С» буукуба