ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

сыккырас

даҕааһын

Нууччалыы текущий очень слабо, едва-едва, струящийся еле-еле

II

даҕааһын

Оргууй аҕай, барбах эрэ сүүрүгүрэр (хол., үрүйэ)

Нууччалыы Текущий очень слабо, едва-едва, струящийся еле-еле (напр., о речке)

  • сыккыраа диэнтэн холб. туһ. Үрүйэлэр сүүрүгүрдэн сыккырастылар.
  • Алексеевтар Үөһээ Бүлүүгэ сыккыраһан тиийэн, Варвара Иннокентьевна тастыҥ балтыгар сайылаабыттара.
    И. Федосеев
  • [Оҕолор] түүн үөһүн саҕана эрэ дьиэлэригэр сыккыраһан тиийдилэр. Е. Макаров
Өссө холобурдар (3)
  • Киэрмэн, оннооҕор сыккырас сүүрүктээх үрүччэ уута күрбэ тааһы суурайан бүтэрэр.
    Н. Якутскай
  • Аччыгый БАМ уулаах маардарынан, сыккырас үрүйэлэринэн -- тиҥийэн-таҥыйан Нерюнгрига кэллэ.
    И. Брызгалов
  • Арай биирдэ атастарым Артыалынан бултуу баартар. Дьиэлэриттэн ыраах тэйэн, Дэлби сылайан, илистэн Сыккырас үрүйэ кытыытыгар Сынньанаары тохтообуттар. И. Крылов (тылб.)

«С» буукуба