Перевод с якутского
дьылыһый
туохтуур
Нууччалыы течь, струиться быстро, устремляться вперед без шума
1 туохтуур #
дьүһ. туохт
Кини дьылыһыйа устар ыраас уулаах Алданы, -- киэһэ буоллар эрэ ыаллар түптэлэринэн унаарар Эбэ алааһын олус таптыыра. Д. Кустуров Күн сири сылытар, Хаар оннугар туман уостар, Сиик-таммах сэбирдэхтэн сууллар – Ол аата Үрүйэ уута дьылыһыйа устар Д. Васильев
2 туохтуур #
Тыаһа-ууһа суох түргэнник сүүрүгүр, уһун (үрэх, өрүс туһунан)
Нууччалыы Течь, струиться быстро, устремляться вперед без шума (о речке и реке)
3 туохтуур #
Көбүс-көнөтүк, уһун синньигэс гына үүн
Нууччалыы Расти прямо, стройно, высоко
Үрдүк үтүө мас киэнэ Дьоллоох тойон салаата -- Өндөл маҥан халлаан Үрүт өттүн диэки Өрө үүнэн дьылыһыйан Тахсан бара турбута эбитэ үһү. Күннүк Уурастыырап Куула маһыныы дьылыһыйар Көнө уҥуоҕунан аатырар Милабыт өссө улаатта. Р. Баҕатаайыскай Кыракый хатыҥчааннар быгыталаан -- дьылыһыйа үүнэн тахсаллар. ЕП МИ