ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ньидьирээ

туохтуур

Нууччалыы расцветать; размножаться

1 туохтуур #

Ситэн-хотон силигилээ; ууһаа-тэний

Нууччалыы Расцветать; размножаться

  • Субу аан дойду Иччитэ буолан ньидьирээбит -- Аан Алахчын Хотун эбэкэм!
    П. Ядрихинскай
  • Бэйэм да хайдах-туох буоларым биллибэккэ сылдьан, хайдах да ыал буолан, оҕо төрөтөн ньидьириир кыаҕым суох.
    Н. Лугинов
  • Оскуолаҕа бииргэ үөрэммит оҕолоро билигин оҕо-уруу төрөтөн, кэргэн-ыал буолан ньидьирээн олороллорун көрдөҕүнэ, тоҕо эрэ ымсыыран, ордугурҕаан кэлэр
    ЭКС ТБТ

2 туохтуур #

Кыаммат соҕустук, тиийиммэттик-түгэммэттик олор (хол., элбэх оҕолоох буолан)

Нууччалыы Жить в бедности, испытывая нужду (напр., по причине многодетности)

  • Үгүс оҕолоох-уруулаах, ыарыһах кэргэттэрдээх эрэйдээхтэр самнаспыт эргэ дьиэлэргэ ньидьирээн олороохтууллар.
    П. Аввакумов
  • [Эмээхсин] арай биирдэ оннук ньидьирээн олордоҕуна, "соҕурууҥҥу мааны луохтуур кыыс" көтөн түспүт.
    Л. Попов
  • Син ыал ийэтэ буолан, оҕолонон-урууланан, бу ньидьирээн олорбут.
    П. Ламутскай
Өссө холобурдар (1)
  • Ср. монг. жижигрэ ‘раздробляться’

«НЬ» буукуба