ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тыыр

туохтуур

Нууччалыы резать

English to cut

Ис хоһооно · 9

1 туохтуур #

Нууччалыы резать

English to cut

  • хайыһар суолуна тыыр
    проложить лыжнюtu cut a ski track
  • тыынан долгуну тыыр
    резать волну лодкойto cut a wave with a boat

2 туохтуур #

Нууччалыы рвать

English to tear

  • таҥаһы сиигинэн тыыр
    распороть одежду по швамto tear clothes at the seams

3 туохтуур #

Тигиллибити сиигинэн көтүр; тугу эмэ (хол., балык иһин) дьөлө анньан баран хайа быс

Нууччалыы Вспороть, распороть; разрезать, рассекать

  • Муҥур иһин тыыран уҥуоҕун таһааран баран, этин кэрдиистээн аргыга хатараллар.
    Далан
  • Сахаар кээнчэлээх атаҕынан тыаһаппакка сыбдыйан кэлэн, сыттыгын анныттан быһаҕын ылла уонна балаакка кэлин эркинин дьөлө анньан баран аргыый аҕай хайа тыырда.
    Д. Таас
  • [Артур бырастыынаны] олус кэтит гына тыырбыт, моонньун кыайан ыга ылыа суох, уонна өссө туомтуу тардыахха наада. Э. Войнич (тылб.)

4 туохтуур #

Маһы синньигэс гына хайытан тырыыҥкалаа

Нууччалыы Щепать (лучину). [Оҕонньор] Оллоонноон олорон Тымтык тыыран Тырылатан барда

  • Аһаан дуомнаат, үүтээҥҥэ баар хардаҕастартан көнөтүн талан тымтык тыырбытым итиэннэ олору тостубут сотом тула кэккэлэччи тутаат, ыксары кэлгийэн кэбиспитим.
    П. Степанов
  • Эр киһи туох да саҥата-иҥэтэ суох, чочум буола-буола уотун диэки супту одуулаан кэбиһэ-кэбиһэ, тымтык тыыра олороро
    СҮК

5 туохтуур #

Тугу эмэ солоон, хайытан суолу оҥор

Нууччалыы Прокладывать (дорогу)

  • Хаарым улам халыҥаан, тыал тибэ турар буолан, саҥа суолу тыырар сыралаах эбит.
    Н. Лугинов
  • Түөһүм иһигэр Сүрэҕим соҕотоҕун курдук, Бэйэм эмиэ соҕотох этим. Соҕотох этэ бэл сылайбыт хомуһум тыла, -- Соҕотох этэ халыҥ хаарга тыырбыт ыллыгым.
    И. Гоголев
  • Суол диэн суоҕа, ыллык тыыран айанныыллара
    ПНИ АДХ
Өссө холобурдар (3)
  • Тугу эмэ (хол., ууну, салгыны) күөҥҥүнэн хайытан инниҥ диэки бар. Θ Продвигаться вперёд, рассекая собой что-л. (напр., водную гладь, воздух). Мин [андаатар] баһын чолотон ууну хайдах эрчимнээхтик тыыран барарын көрөн турбахтаатым.
    Далан
  • Катербыт өрүс үөһүгэр киирэн, ууну тыыран тумсун өрө күөрэттэ, иннин диэки дьулуруйда.
    С. Дадаскинов
  • [Киэсэ] "УАЗик" сандаархай уотунан хараҥаны тыыран, айан аартыгын устун "хараҕа" тэстэринэн быччаһытан истэ
    Күрүлгэн

6 туохтуур #

Сири тиэр, хорут

Нууччалыы Распахивать, вспахивать (землю)

  • Тыраахтарбыт – бухатыыр, Тыаһаа-ууһаа, сири тыыр! Эллэй. Мин эһиэхэ этиэхтээхпин: "ХТЗ" тыраахтарынан Хара кырсы хайа тыыран, Буоланы кэҥэтэн Бурдугу үүннэрбити.
    С. Васильев
  • Тимир, дьоҕус – Тыраахтар оҕус Булуук тардан Буору тыыран, Тачыгырыыр, Лачыгырыыр!
    М. Тимофеев

7 туохтуур #

Кимиэхэ эмэ тугу эмэ үллэрэн түҥэт, анаа (хол., бүддьүөт үбүн)

Нууччалыы Распределять (напр., средства бюджета)

  • Обсерваторияҕа биэрэр үптэрин лаборатория аайы тыыраллар, онон олус дуона суох тиксэр.
    В. Яковлев
  • Бүддьүөт үбүн бэйэлэринэн тыыран эрдэхтэрэ.
    Н. Борисов
  • Интэринээт-оскуола томторугар дэриэбинэҕэ көбүс-көнө кырдал, дьиэ туттуохха айылаах элбэх сир баарын үрдүнэн биирдиилээн ыалларга чараҥы алдьаттаран уһаайба тыыран биэрэр тутах быһыы
    Кыым

8 туохтуур #

Олоххо баар ыарахаттартан самныбакка, туруулаһан кыай

Нууччалыы Преодолевать жизненные невзгоды, трудности

  • Владимир Тимофеевич Аҕа дойду Улуу сэриитин хонууларыгар байыас ыарахан суолун тыырбыта. КН ЛТСА. Кинилэр иккиэн, урууларыттан-аймахтарыттан, билсэр дьонноруттан көмөтө суох, суолларын түөстэринэн тыырбыттара. Н. Чернышевскай (тылб.)
  • Ханнык эмэ дьыаланы оҥорорго саҥа, сонун ньыманы айан олоххо киллэр. Θ Внедрять новые подходы, методы, наметить свой путь в чем-л. (напр., в творчестве). Кини кэнники сыллардааҕы хоһоонноругар хаста да хатылаан, эмиэ биир уруккуттан сөбүлээбит уобараһын – умайар сүрэҕи таптаан туттар, онно бэйэтэ саҥа ыллыктары тыырар.
    Н. Тобуруокап
  • Тимофей Сметанин оҕолор санааларын, уйулҕаларын, тугу интэриэһиргииллэрин таба тайанан, кинилэргэ сөптөөх уобарастары булан, көрүдьүөстээх, юмордаах гына хоһуйар бэйэтигэр туспа, саҥа суолу хара маҥнайгыттан тыыран барбыта. КНЗ ТС. Дьэ онон Николай бэйэтин саҥа дьыалаҕа боруобаланан көрөргө, саҥа суолу тыырарга сөбүлэспит эбит
    Кыым

9 этии #

Нууччалыы Угроза со значением "погублю, убью, повергну в бою" (букв. на спину положу – живот вспорю, на живот положу – спину продавлю)

Этиилэр

Төбө тыырбыт аҥаара көр аҥаар

  • Түөрт дойду түмэн баайын Төбө тыырбыт аҥаарын Түһэҕэр ууран олорор Түллэр күүстээх саар-тойон Түөһэйдэҕэ дуу? Тоҕо Түлэс-балас тыллаһар? Эллэй. Бары сүбэлэһэн бараннар, Улахан Сэргэйдээх тиҥэһэлэрин төбө тыырбыт аҥаарын, сибиинньэлэрин аҥаарын маҥнайгы куоратчытынан оҕолоругар уонна балтылара Суоппуйалаахха ыытыах буоллулар.
    Далан
  • Сыл ахсын былаанынан көрүллүбүт от оттонуута нэһиилэ төбө тыырбыт аҥаара эрэ бэлэмнэнэр буолбут.
    В. Протодьяконов
Өссө холобурдар (3)
  • ˂Эрэйи эҥээринэн тэлэн,> муҥу муннунан тыыран көр муҥ. "Эрэйи эҥээринэн тэлбит, муҥу муннунан тыырбыт" киһи дииллэрэ сахалар элбэх эрэйи-муҥу көрбүт киһи туһунан. Софр. Данилов. Харыйаан эрэйи эҥээринэн тэлбитин, муҥу муннунан тыырбытын барытын биэс тарбах курдук билэр буолан, Киргиэлэй доҕорун эмиэ да аһына, эмиэ да үтүө дууһалаах киһи диэн хайгыы санаата.
    А. Бродников
  • Балагыай ийэтин, эбэтин үөлээннээхтэрэ муҥу муннуларынан тыыран быстан-ойдон, амньырыйан киһи аатыттан ааспыттара, суорума соруктаммыттара үгүс этэ. ФЕВ УТ
    У. Ср
  • алт. тил ʽотдирать, раздирать на мелкие части; щепать, резать пластами, ремнямиʼ

«Т» буукуба