ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

паар

аат тыл

Нууччалыы пар

Ис хоһооно · 5
I

1 аат тыл #

Уу итийиититтэн үөскүүр гаас

Нууччалыы Пар (газ, образующийся при нагревании воды)

  • Сылабаартан икки утах итии паар өрөр дьурулаан таҕыста.
    Амма Аччыгыйа
  • Паарынан тыыммахтаан, күн орто Паровоз айманан аттанна.
    Күннүк Уурастыырап
  • Чаанньык хаппаҕа өрө талыгырайа түстэ, тумса үп-үрүҥ паарынан өрө чуһуурда
    Н. Заболоцкай

2 аат тыл #

Элэктэриичэстибэ иннинээҕи бырамыысыланнаһы, олоҕу хамсатар, сайыннарар күүс, эниэргийэ

Нууччалыы Движущая сила прогресса, предшественница электрической энергии, пар

  • Паар күүһүнэн, массыына күүһүнэн, элэктэриичэстибэ күүһүнэн тугу тулутуохпутуй?
    П. Ойуунускай
  • Ааспыт үйэҕэ аан дойдуну тиэрэ эргиппит паар баһылааһына бүттэ; паар оннугар быдан ордук өрөбөлүүссүйүөннэй күүс - элэктэриичэстибэ кэлиэҕэ.
    ЛВ

3 аат тыл #

Салгыҥҥа көтө сылдьар кып-кыра уу хаапылалара мустубуттара

Нууччалыы Пар (скопление мельчайших капелек воды)

  • Дьүүктэ буолан тахсар туустаах уу алары толороро уонна сотору паар буолан көтөрө.
    И. Данилов
  • Сир ыксатынааҕы салгыҥҥа быыл, хоруо кыырпахтара, уу паара булкуһа сылдьар буолаллар. МНА ФГ. Күөлтэн уу сиигэ паар буолан үллэн олордо. Я. Козак (тылб.)
II

4 аат тыл #

, т. -х. Сайын ыһыллыбатах сири таҥастааһын (ыраастааһын, уоҕурдуу, сииги саптарыы, хорутуу); оннук оҥоһуллан сынньатыллыбыт, ыһыыга бэлэмнэнэр сир

Нууччалыы Пар (обработка незасеянного на лето поля; обрабатываемое или обработанное к следующему сезону поле)

  • Уҥуор хайа эрэ бааһынаттан паарга сылдьар тыраахтар тыаһа бүтэҥитик ньириһийэн иһилиннэ.
    В. Яковлев
  • Саха сирин кураан усулуобуйатыгар паар диэн сиргэ сииги мунньуу биир бастыҥ, бэрэбиэркэлэммит суола буолар.
    П. Егоров
  • Оройуон хаһаайыстыбаларыгар хадьымалы көтөҕүү, паары таҥастааһын, бааһыналарга уоҕурдууну киллэрии -- дьаһаллара адьас мөлтөхтүк ыытыллаллар
    Кыым

5 этии #

Нууччалыы Чёрный пар

  • Хара паар - сыыс отунан саба бүрүллүбэтэх ыраас паар Хара паарынан эргитиллибит дьылыгар сибиэһэй ноһуому дэлэлээҕи таһыллыбатаҕа, кыһыныгар үс төгүл хаары типтэриллибитэ.
    М. Доҕордуурап
  • Ыраас паар - сайын устата туох да ыһыллыбатах паардаммыт сир. Θ Земля под паром, чистый пар. Үс хонуулаах севообороппут үстэн биирэ ыраас паар. Ыраас паары бэс ыйын бастакы аҥаарыгар уон аҕыс-сүүрбэ сэнтимиэтир дириҥинэн тиэрэрдээх булуугунан хорутабыт.
    С. Окоёмов
  • Кэлиҥҥи сылларга ыраас паар, сүөһү аһылыгар аналлаах ыһыылар ылар ирээттэрэ улаатта. ПНП ТКҮүҮ. Эрдэтээҕи паар - эрдэ бэлэмнэнэр паар. Θ Ранний пар. Эрдэтээҕи паары хорутууга тиэтэйиэххэ. "Кыым"

«П» буукуба