ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

паара

аат тыл

Нууччалыы пара

English pair

Ис хоһооно · 5

1 аат тыл #

Икки биир көрүҥнээх эбэтэр атылыы бииргэ туттуллар, биир кэлим буолар барамайдар

Нууччалыы Пара (два одинаковых предмета, составляющих одно целое)

  • Үс-түөрт паара күн тура-тура сырсаллар да, хайалара да куоппат баар үһү (тааб.: сыарҕа атахтара). Тогойкин хайыһарын оҥостунар кэмигэр кини иккис паара хайыһарга анаан быһан испит сурадаһыныгар кыратык салҕаластаабыт быһаҕын төбөтүн тирээбитинэн барда.
    Амма Аччыгыйа
  • Маны таһынан [паарата суох лапчааннарын таһынан] балыктарга пааралыы лапчааннар эмиэ бааллар - олор икки пааралар. ББЕ З. Саппыкыһыттар, пааранан эрэ оҥорор дьон быһыытынан, икки төбөлөөх хотойу киэргэл оҥостуммуттара ойууламмыт. Х. Андерсен (тылб.)

2 аат тыл #

Икки көлө тэҥҥэ сыарҕаҕа, тэлиэгэҕэ о. д. а. көлүллүбүтэ (үксүгэр ат)

Нууччалыы Две лошади (или другой упряжный скот), запряженные в сани, повозку и т. п.; запряжка в две

  • Сайыҥҥы күөх чэлгиэҥҥэ куурбут бороҥ кырдалыгар паара аттар, паара оҕустар сир тиэрэ сылдьаллар.
    Күндэ
  • Сыыр анныттан паараҕа көлүллүбүт икки тэбиэн төбөлөрө -- өрө чолоҥноһон тахсаллар.
    Эрилик Эристиин
  • Ньукулааскы, Мойот убайа, "Чүөмпэрэ" артыалтан алта паара ыттаах кэлбитэ
    Т. Сметанин

3 аат тыл #

Бииргэ сылдьар, биири оҥорор, холбоһон тугунан эмэ дьарыктанар икки киһи эбэтэр икки туох эмэ; быстыспат биир курдук көрүллэр иккилэр

Нууччалыы Два существа, составляющих пару; двое как нечто целое

  • Сураҕа икки сүүсчэкэ паара [кыталык] эрэ хаалбыт үһү аан дойду үрдүнэн.
    Далан
  • Паараларга арахсыбыт кукаакылар, чычып-чааптар, кэкэ-букалар дьиэ таһыгар чугаһыыллар.
    Далан
  • Үс ыал кыыһа Варялар үкчү биирдэр - пааралар, кыһыл лиэнтэлээх суһуохтуун, кыра хатыҥыр уҥуохтуун.
    С. Тимофеев
Өссө холобурдар (7)
  • Күлгэрилэр, түүнүн хорооннорго, таастар уонна силистэр анныларыгар саһан, пааранан олороллор.
    ББЕ З
  • Кэргэннии буола илик таптаһар уоллаах кыыс. Θ Влюбленные, влюбленная пара (ещё не создавшая семью). Тутуохпут ыйга бастаан Тапталлаахтар куораттарын, ыытыахпыт командировкалаан Онно дьоллоох пааралары.
    И. Гоголев
  • Уураһан, куустуһан Дьоллоох паара арахсар.
    Баал Хабырыыс
  • Хам-түм хойутаабыт пааралар ыгыта ылсыһан ааһаллар
    Г. Колесов
  • Кимиэхэ эмэ сөптөөх, табыгастаах атын ким эмэ (хол., пааранан үҥкүүгэ, билсиһиигэ). Θ Кто-л. достойный кому-л. быть парой, составить пару (напр., для сватовства, в парных танцах). Кэмэ кэлэ илик дуу, эбэтэр сөптөөх паара көстүбэт дуу? Тоҕо баччааҥҥа диэри кэргэнэ суох сылдьаҕын?.
    Н. Лугинов
  • Сорох уолаттар өйдүүллэринэн, үҥкүүнү сатыыр буол да, паараны начаас элэҥнэтэн булуохха сөп.
    Р. Баҕатаайыскай
  • Аата, бу да оҕолорбутун, кими эрдэттэн үлэһэллэр, кимиэхэ үҥкүүлэһэр паара баҕалаах
    М. Обутова-Эверстова

4 аат тыл #

Биирдик таҥныбыт, биир пуорма таҥастаах (дьон бөлөҕө)

Нууччалыы Одетые одинаково в единую форму (группа людей)

  • Бары биир паара таҥастаахтар, кыһыл хаалтыстарын баанан баран, бары физкультура оҥордохторуна, дьэ кэрэтэ бэрт. Дьүөгэ Ааныстыырап. Кинигэ тутуурдаах, Биир паара таҥастаах Күөх тыаҕа тахсарга, Үөрэҕи бүтэрэн Лааҕырга барарга - Бэлэм буол!
    Т. Сметанин
  • Биирдик, тэбис-тэҥҥэ стройунан хаамыы. Θ Маршировка, шаг (в строю, строем, не сбиваясь). Биир пааранан атахтарын тардан, синиэллэрин тэллэхтэрэ имиллэҥнээн, ыстаап диэки бара турдулар
    Эрилик Эристиин

5 аат тыл #

Эр киһи көстүүмэ (бүрүүкэлээх бинсээк)

Нууччалыы Мужской костюм (брюки и пиджак)

  • Көрө түспүтүм, аттыбар саҥа сиэрэй паара көстүүмү киэмсийэ кэппит, уҥуоҕунан кыра соҕус киһи турар эбит. В. Короленко (тылб.)

«П» буукуба