ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

үлэ

аат тыл

Нууччалыы работа; занятие

English job, occupation, work

Ис хоһооно · 5

1 аат тыл #

Нууччалыы работа; занятие

English job, occupation, work

  • Манна үлэм бүттэ.
    Здесь моя работа закончена.My work here is done.

2 аат тыл #

Киһи олоҕор-дьаһаҕар наадалааҕы, туһалааҕы оҥорор, оҥорон таһаарар дьайыыта, дьарыга

Нууччалыы Работа, труд, занятие, деятельность

  • Нохоо, баран үлэҕин үлэлээ, тугу гына олордоҥуй.
    Н. Неустроев
  • Эрэ күнүһүн үлэтин үлэлээн баран, иллэҥэр ыалга баран хаалар.
    А. Софронов
  • Үлэтэ суох хайдах тэһийэҕин?
    С. Ефремов
Өссө холобурдар (5)
  • "Аҕаҥ үлэҕэ үөрэппит эбит, оҕом улааттаҕына үлэһит бэрдэ буолуо", - диэбитин бу баардыы өйдөөн хаалбытым
    ХС
  • Киһи хамнастанар, оҥорбутун иһин төлөбүр төлөнөр дьарыга, сулууспата. Θ Служба, занятие как источник заработка. Оройуоҥҥа үлэҕэ ыҥырдахтарына, бэл, учууталлаа диэтэхтэринэ - күлэн кэбиһэр, баһын илгистэр.
    Н. Габышев
  • Сахаяна хаһан да киэргэммэтэҕин киэргэнэн, чэпчэки-чэпчэкитик үктэнэн, үлэтигэр аан маҥнай баран иһэр.
    Ф. Софронов
  • Үчүгэй үлэни көрдөөтүм да, булбатым.
    ХС
  • Аҕата, боростуой оробуочай киһи, кыыһын бары хаппырыыһын толорор туһугар иккилии-үстүү үлэҕэ тэҥинэн үлэлиирэ
    А. Николаев

3 аат тыл #

Туох эмэ аналлык хамсаан, хамсанан дьайыыта (хол., сүрэх)

Нууччалыы Нахождение в действии, функционирование

  • Сүрэх үлэтэ мөлтөөбүт.
  • Уҥа полушарие үлэтэ - биир кэлим, объектар туох баар уустуктарын барытын бииргэ ылынар, эттиктэр көстөн турар майгыларын туһанар. Саха мындыр суота. Ас буһарыытыгар, куртах-очоҕос үлэтигэр, бүөр, хабах ыарыытыгар туһалыыр
    ПАЕ МСТ

4 аат тыл #

Айан оҥорон таһаарбыт туох эмэ айымньы

Нууччалыы Продукт труда, произведение

  • Ааптардар үлэлэрин кытта кылгастык билиһиннэрэр. Эрчимэн. Икки масыньыыскаҕа үлэ бэчээттэтэ биэрбиттэр. БАН А. Чернышевскай суруйан хаалларбыт үлэлэрин туһунан сурах баар этэ. Б. Лунин (тылб.)

5 этии #

Нууччалыы Принудительный труд по решению суда

Этиилэр

Дьиэ ис үлэтэ көр дьиэ I

  • Билигин кини дьиэ ис үлэтин хайа даҕаны дьахтартан итэҕэһэ суох, бэрт ыраастык уонна түргэнник толорор.
    С. Никифоров

Дьиэтээҕи үлэ көр дьиэ I

  • Учуутал ыйытта: "Дьиэтээҕи үлэни бары толордугут дуо?".
    ДНД СТ

Илии үлэтэ көр илии

  • [Татьяна Ивановна:] Оҕонньор мэлдьи салгыҥҥа сылдьар, илии үлэтигэр сылдьар.
    С. Ефремов
  • Илии үлэтигэр да биһиги үөрэнээччилэрбит көх дьон.
    ББ
Өссө холобурдар (2)
  • Кыһалаҥ үлэ эргэр. - туох эмэ буруйу, хоромньуну оҥорбутун иһин кими эмэ суут уурааҕынан хамнаһын сороҕун тутан ыларга ууруу Кытаанах түһэриини кыайан төлөөмүнэ аккаастаммытын иһин, үс сылга кыһалаҥ үлэҕэ ыыталлар.
    Күндэ
  • Мөрүөҥ кыһалаҥ үлэҕэ барбытын кэннэ Биэрэ эмээхсин үксүн дьиэтигэр соҕотох олорор, санааҕа баттатар буолбута.
    Д. Таас

От үлэтэ көр от

  • Холкуос от үлэтигэр саҥардыы киирэн эрэр кэмэ. Софр. Данилов. Сайын от үлэтигэр буһарбыт, Кыһын ынах уулатан тоҥорбут.
    С. Данилов

Өй үлэтэ көр өй

Өй үлэтинэн үлэлиир дьон сынньалаҥнарыгар илии үлэтин үлэлииллэрэ наада. ГЕВ ТБГ. Үлэ бэтэрээнэ - үлэ ханнык эрэ салаатыгар үтүөлээх кырдьаҕас үлэһит.

Ветеран труда.

  • Общественнай тэрилтэлэр салайааччыларынан инициативалаах, тэрийэр дьоҕурдаах бастыҥ үлэһиттэр -- үлэ бэтэрээннэрэ быыбардаммыттара. ПДИ КК. Үлэ бэтэрээннэрин материальнай хааччыйыыга уонна да атын социальнай дьаһалларга ордук элбэх үп ороскуоттанар буолла. ТАН Д (А. Н. Тихонов дакыл. XXVI съ. 1981).

Социалистическай Үлэ Героя көр герой

  • Үлэ Героя аат КСК уонна ССРС НКС 1927 сыл от ыйын 27 күнүнээҕи уурааҕынан олохтоммута.
    А. Данилов

Үлэ оҥорумтуота көр оҥорумтуо

Үлэ оҥорумтуота алта бырыһыанынан үрдээтэ. ПДИ КК. Табаһыттар табаны көрүүгэ-харайыыга, үлэ оҥорумтуотун үрдэтиигэ аналлаах бэсиэдэлэри иһиттилэр. "Кыым". Үлэтэ суох буолуу - туох эмэ биричиинэнэн үлэтэ суох хаалан ииттинэр кыаҕа суох буолуу.

Безработица.

  • Үүммүт сыл үлэтэ суох буолуу үксээн иһиитин сылынан буолуоҕа. "Кыым". Дойду үрдүнэн үлэтэ суох буолууга төлөнөр страхование биир систиэмэтэ суох. ТАЛ БУ. Хара үлэ - илии, былчыҥ күүһүнэн толоруллар үлэ. Чёрная работа. Саатар хара үлэ баҕас көстөр ини.
    Н. Якутскай
  • Орто оскуоланы бүтэрбиттэр хара үлэттэн куота сатааһыннара суох буолбатах.
    И. Федосеев
Өссө холобурдар (5)
  • Хомуур үлэтэ - от үлэтэ диэн курдук. Сотору хомуур үлэтэ саҕаламмыта.
    И. Гоголев
  • Биирдиилээн даҕаны ыалларга Кыайыы-хотуу, хомуур үлэтэ туолан, Кыдама сууйуута буолан аҥкылыйда.
    С. Васильев
  • Холкуостаах дьоннор хомуур үлэтигэр хорсуннук үлэлииллэр.
    И. Данилов
  • Хонтуруолунай үлэ - үөрэнээччи билиитин тургутар, бэрэбиэркэлиир үлэ. Контрольная работа. Хонтуруолунай үлэлэрбин бэрэбиэркэлиэм этэ. "Тойооскуларым" хайдах оҥорбуттара биллибэт.
    Н. Лугинов
  • Хонтуруолунай үлэҕэ алта оҕо биэс сыананы ылбыт. ВНЯ М- 5. Ыһыы үлэтэ - бурдугу, оҕуруот аһын олордор үлэ. Посевная компания. Сааскы ыһыы үлэтэ Бүтэн, тыас-уус сэллээтэ. Эллэй. [Петя:] Ыһыы үлэтин хайаан даҕаны баттастахпына табыллар. С. Ефремов

«Ү» буукуба