ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

үлэһит

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы человек, который работает, трудится

English worker, employee

Ис хоһооно · 4

1 аат тыл #

Үлэлиир киһи

Нууччалыы Человек, который работает, трудится

  • Өлөрүҥ, үрүҥнэр, өлөрүҥ миигин Үлэһит дьыалатын иннигэр.
    С. Данилов
  • Кырдьык, мин туох үлэһит буолабыный? Софр. Данилов. [Иван Иванович:] Марья Романовна улахан наадалаах үлэһит
    С. Ефремов

2 аат тыл #

Үлэ биир ханнык эмэ чопчу салаатыгар үлэлиир, сулууспалыыр киһи

Нууччалыы Человек работающий в какой-л. сфере трудовой деятельности

  • Научнай үлэһит. Культура үлэһитэ. Собуот үлэһитэ.
  • Хаҥас өттүбэр-суоппарбыт, уҥабар-аргыһым Николай Спиридонович, бу дойду олохтооҕо, оскуола үлэһитэ.
    Н. Заболоцкай
  • Биһиги эрэдээксийэбит үлэһиттэрэ сүнньүнэн бэйэлэрин үлэлэрин билэр дьоннор диэххэ сөп
    С. Никифоров
Өссө холобурдар (2)
  • Дьэ, үлэһит, сүрэхтээх дьон эбит, доҕор!
    Суорун Омоллоон
  • Аҕатын курдук, олус сүрэхтээх үлэһит уол. Софр. Данилов. Мин үлэлиирбин көрө-көрө аҕам үөрэрэ: "Оҕом улааттаҕына, үлэһит киһи буолсу!" - диирэ
    М. Попов

3 даҕааһын #

суолт. Сүрэхтээх, үлэлииртэн сүрэҕэлдьээбэт, үлэлиир кыахтаах, дьоҕурдаах

Нууччалыы Работоспособный, трудоспособный, усердный

4 этии #

Нууччалыы Рабочая сила

Этиилэр

Үлэһит илии

үлэлиир толору кыахтаах, доруобай, эдэр киһи, үлэлиир сааһын ааһа илик киһи Саас үлэһит илии тиийбэт буолан, устудьуоннары чугас холкуостарга таһааран ыһыыга үлэлэппиттэрэ.

  • Аармыйаҕа ыҥырыы кэнниттэн холкуоска үлэһит илии быста аҕыйаабыта.
    В. Протодьяконов
  • Таба ыстаадатыгар үлэһит илии тиийбэтин туһунан уруккуттан истэрим.
    ХС

Хара үлэһит

чопчу идэни баһылаабатах, үксүгэр ыарахан, кирдээх, сүгэр-көтөҕөр үлэни толорор үлэһит.

Чернорабочий.

  • Эн хара үлэһиккин, Кинилэр интеллигеннэр, Намтатыма бэйэҕин, Эйиэхэ баар бочуоттаах чэр.
    И. Гоголев
  • [Семенов:] Алмаас баар сирин була иликпит. Онтон сылтаан хара үлэһиттэр уурайарга тыл көтөҕөн эрэллэр.
    Н. Туобулаахап
Өссө холобурдар (1)
  • Син биир хара үлэһит буолар киһиэхэ аҕыс да кылаас үөрэх сөп буолбат дуо? Н. Лугинов

«Ү» буукуба