Перевод с якутского
үлэлээ
туохтуур
Нууччалыы работать, трудиться
English to work
1 туохтуур #
Тугунан эмэ дьарыктан, бэйэҥ үлэҕинэн туох эмэ дьайыылары оҥор
Нууччалыы Работать, трудиться
Дьиҥэр, маннык куһаҕан сааска, күн көрө түстэр эрэ үлэлээбитинэн барыахха баара. П. Егоров Бэрт дьаныардаахтык көлөһүнү кэрэйбэккэ күнүстэри-түүннэри үлэлиибит. И. Данилов [Ийэлэрэ] куоракка олордоҕуна, ыалларга илии-атах буолан, иппэй-туппай үлэлээн, ханнык эмэ харчы сыыһын өлөрөр. Ф. Софронов
Өссө холобурдар (1)
Атастарым, кэлэн үлэлээбиккитигэр баһыыбаларыҥ! М. Доҕордуурап
2 туохтуур #
Дьай, дьайар туруктаах буол (тэрилтэ, фабрика, завод о. д. а. тустарынан этэргэ)
Нууччалыы Быть в рабочем состоянии, функционировать (напр., завод, техника)
Манна [Кэмпэндээйигэ] эмтээх бадараанынан эмтиир санаторий үлэлиир. И. Данилов Ханна эрэ тыраахтар үлэлиир. Н. Заболоцкай Пулемет үлэлээбитин курдук үлэлиир Т. Сметанин
3 туохтуур #
Ханна эмэ, ханнык эмэ тэрилтэҕэ сулууспалаа, ханна эмэ, туох эрэ эбээһинэһин толор, дьарыктаах буол
Нууччалыы Работать, иметь какое-л. занятие, должность и т. д
Кини сэрии буолуон иннинэ сэбиэт кулуубугар үлэлээбитэ.
Суорун ОмоллоонКыыс -- кыһынын оҕо саадыгар праачканан үлэлээбитэ үһүс сыла буолла. НТП СОоЭС. Үгүс сылларга буостаҕа үлэлээбитим Н. Якутскай