ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тордох

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы копоть.

English soot

Ис хоһооно · 7
I

1 аат тыл #

Туох эмэ умайарыгар ситэри күл буолбакка буруону кытта тахсыһар хоруо

Нууччалыы Копоть. Чараҥ хайыы-үйэ хара тордоҕунан уһууран, -- сир-дойду эмискэ иһийэ түспүтэ. И. Егоров

2 даҕааһын #

суолт. Хоруолаах

Нууччалыы С копотью, копотный

  • Хара тордох буруо тыыннаах собуоттардаах Баараҕай куораттары олохтоотубут.
    А. Абаҕыыныскай
  • Массыына хара тордох буруонан бургучуйда.
    С. Никифоров
  • Таас үрэх кытылыгар биир сиртэн тордох буруо өрө дьөрбөлөнөр
    И. Данилов

3 этии #

Нууччалыы Многочисленный, очень густой; в большом количестве, скученно

  • Хара тордох курдук - олус элбэх, хойуу; олус элбээн, хойуу буолан Күһүн көччөх көппүтүн кэннэ, хайа баҕарар кытыынан киирдэххэ - куһа хара тордох курдук.
    Күннүк Уурастыырап
  • "Николай Угодник" собуоруттан аллара Бодойбинка үрэх төрдүгэр диэри дьон хара тордох курдук тоҕуоруйаллар.
    Н. Якутскай
  • Күөл кытыытыгар ынах сүөһү үөрэ мэччийэн, хара тордох курдук, ааллаһа сылдьар.
    М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (1)
  • Ср. бур. тортог ʻкопоть, нагарʼ
II

4 аат тыл #

Былыр: буруоҕа ыыһаммыт, сарыыламмыт тирии, оннук тирииттэн тигиллибит сон

Нууччалыы В старину: продымлённая ровдуга, верхняя одежда, сшитая из такой ровдуги

  • Биир кыыһы кытта оҕолор ураһаларын тордоҕунан саба тураллар.
    А. Софронов
  • Лаҕыыр кирдээх тордоххун Устаат, күп-күөх сукуна Сону кэтэн турбуккун.
    Р. Баҕатаайыскай
  • Тордох бүрүөһүннээх, төрдө кэтит сүһүөхтэрдээх, үрдэ аһаҕас суптугур ураһа
    Н. Заболоцкай

5 аат тыл #

Былыр ыыһаммыт сарыынан бүрүллэр, оттон билигин көннөрү тирии бүрүөһүннээх ураһа (хол., хотугу табаһыттарга)

Нууччалыы В старину: ураса, покрытая продымлённой ровдугой; в настоящее время: ураса, обтянутая шкурами (напр., у северных оленеводов)

  • Тимир оһох оттон, тирии Тордоххо олоруоҕа.
    И. Гоголев
  • Тирии бүрүөһүннээх Тордох иһигэр чуоҕуста Балыксыт бастыҥа.
    В. Алданскай
  • Тордоҕу сарыыны иҥиир сабынан аттаран, маска тиирэн оҥороллор
    АЕН КСНСХ
Өссө холобурдар (2)
  • Нэк истээх тордох сонун кэтэн, тахсан барда.
    Амма Аччыгыйа
  • Тыс, тордох таҥастаах буоларбыт. Эллэй. Охоноон Силэпсиэп тиэриллибит тордох ыстаанын нэгэ көстөн, -- ынах тириитин имитэ олорор
    Бэс Дьарааһын

6 даҕааһын #

суолт., эргэр. Ыыһаммыт сарыыттан тигиллибит (сон, ыстаан)

Нууччалыы Сшитый из продымлённой ровдуги (штаны, верхняя одежда)

7 этии #

Нууччалыы Ураса из жердьев

  • Сиэрдийэ тордох - уһун синньигэс бөкүнүк мастартан туруоруллубут ураһа Сиэгэн Күөл дьаамыттан түөрт уонча биэрэстэ аата-суола суох үрэх сүнньүгэр хаарга тибиллэн үрдэ эрэ көстөр сиэрдийэ тордох турар.
    А. Кривошапкин
  • Тордох туос - хоччорхой, кууран хаалбыт туос. Θ Грубая, просохшая береста. Ат сылгы таныытын тыаһа тордох туоһу хайыта тыыппыт курдук, -- үрүҥ күдэнинэн өрө уһуутуу турар эбит.
    Саха фольк
  • Тордох туос курдук Тобулу анньан таһаарда. П. Ойуунускай

«Т» буукуба