Перевод с якутского
хоруо
аат тыл
Нууччалыы чёрный налёт от неполного сгорания топлива, сажа
English soot, coal
1 аат тыл #
Маһы уот сиэн хараардыбыта, умайбыт, умайа турар мас хараарбыта
Нууччалыы Чёрный налёт от неполного сгорания топлива, сажа
Хоруо буолбут хардаҕас Умуллаары тыһырҕаата. Күннүк Уурастыырап Маайа уот анньар маһын ылан, уотун хоруо буолан эрэр мастарын эргитэ-урбата анньан биэрэр. Эрилик Эристиин Хара хоруо буолбут чохторун үлтү сынньан, булкуйан көрө сатаатым да туһа тахсыбата И. Никифоров
Өссө холобурдар (1)
Туох эмэ уокка сиэниллэн хараарбыта, туох эмэ уот төлөнүттэн олорон хаалбыт, биһиллэ сылдьар хара. Θ Чёрный налёт, образовавшийся на дне или на стенках чего-л. (напр., кухонной посуды) от огня, копоть. Ийэлэрэ оллооҥҥо турар хоруо буолбут хара чаанньыгы уот үөһүгэр сыҕарыта тарта Болот Боотур
2 этии #
Нууччалыы Сгореть дотла, превратиться в пепел
Этиилэр
Хара хоруонан көр
туох да ордубакка бүтүннүү умай, күл-көмөр буол Өстөөх фашист үөрдэрэ Хаарыаннаах үтүө куораттарбытын Хара хоруонан көрдөрөөрү -- Ытык сэрии биллэрдилэр.
Саха нар. ыр. III. Куорат чиэппэрдиитин хара хоруонан көрдөрбүт сүрдээх уоттар да силбиэтэнэн тураллара. П. Филиппов
Хоруо курдук эт (саҥар)
кими эмэ кытта мөккүһэн, харса суох саҥаран тыла суох ыыт, кыай-хот.
Легко расправляться со своим противником в споре, загнать в угол кого-л. (букв. говорит, словно в уголь (деревесный) превращает).
Уоһуттан уоһаҕа куурбакка сылдьан кырдьаҕас дьону хоруо курдук этэр буолбут. М. Доҕордуурап Арай Айдаар баар дии, туохтан да иҥнэрэ-толлоро диэн суох, барытын хоруо курдук этэн кэбиһэр.
Н. Лугинов
Өссө холобурдар (1)
Ср. кирг. хаары ‘прижигать каленым железом; жечь’