ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

быыһа

аат тыл

Нууччалыы в форме дательно-местного падежа употребляется при обозначении предметов, в промежутке, посреди которых происходит действие

1 аат тыл #

эб. Сыһыарыы түһүк форматыгар хайааһын хайа эмэ предметтэр ардыларыгар, ортолоругар буоларын бэлиэтииргэ туттуллар

Нууччалыы В форме дательно-местного падежа употребляется при обозначении предметов, в промежутке, посреди которых происходит действие (в, посреди)

  • Бэс чагда быыһыгар холкуос бөһүөлэгин дьиэлэрэ көстөллөр.
    С. Ефремов
  • Талахтар быыстарыгар ыраас улахан маҥан балаакка кубалыы кылбайар.
    Н. Габышев
  • Онно от быыһыгар граната сытарын булбута.
    Суорун Омоллоон
Өссө холобурдар (4)
  • Сережалаах Сеня дьон быыһыгар иккиэйэҕин туран хааллылар
    Н. Лугинов
  • ыарыы түһүк форматыгар хайааһын хайа эмэ предметтэр ардыларыгар, ортолоругар туһуламмытын бэлиэтииргэ туттуллар. Θ В форме дательно-направительного падежа употребляется при обозначении предметов, в промежуток, середину которых направлено действие (в, на). Чүөчээски суругун кистии тутан, түбэһиэхчэ биир кинигэ быыһыгар анньа охсон кэбистэ.
    Суорун Омоллоон
  • Ыарҕа быыһыгар илдьэн туутун кистээн кээстэ.
    Күндэ
  • Дьон быыһыгар киирэн, сүтэн хаалла
    А. Федоров

2 аат тыл #

Таһаарыы түһүк форматыгар хайааһын хайа эмэ предметтэр ис өттүлэриттэн оҥоһулларын, тахсарын көрдөрөргө туттуллар

Нууччалыы В форме исходного падежа употребляется при обозначении предметов, из среды которых исходит действие (изнутри, из, посреди)

  • Чараҥ быыһыттан Маарыйа, ол-бу диэки көрө-көрө, тахсан кэлэр.
    Н. Неустроев
  • Сарсыныгар кини эргэ кумааҕыларын быыһыттан ити билигин ылбыт хаартыскатын булбута. Софр. Данилов. Үс үүттээх оҕуруоту үрдүнэн типпит хомурах быыһыттан балаҕан даҕаны, от даҕаны киһи хараҕар табыллан көстүбэттэр.
    Күндэ
  • Дьон быыһыттан Яков Гурьев аргыый туран кэллэ
    М. Доҕордуурап

3 аат тыл #

Туттуу түһүк форматыгар хайааһын хайа эмэ предметтэр ыккардыларынан, ардыларынан буоларын ыйарга туттуллар

Нууччалыы Употребляется при указании того, что действие совершается по промежуткам однородных предметов, через предмет, между предметами (промеж, между, по промежуткам)

  • Айгылла, кириэстэнэн кэбиһээт, ынахтар быыстарынан дьиэ диэки бара турда.
    Эрилик Эристиин
  • Иирэлэр быыстарынан сылгы ыллыга барар эбит.
    Амма Аччыгыйа
  • Ынахтар, субайдар ыһыллан, Алар чараҥ быыһынан Арҕам-тарҕам барбыттар.
    С. Васильев
Өссө холобурдар (1)
  • Дуткин - Тумановтаах Мешков быыстарынан көрө сатыыр
    Н. Габышев

«Б» буукуба