Перевод с якутского
иһэ
аат тыл
Нууччалыы в форме дательно-местного падежа употребляется при обозначении предмета, в котором происходит действие, находится предм…
Ис хоһооно · 5
1 аат тыл #
көмө аат
Ойуур иһигэр баар үрдүк боллоххо саһан сытабын. Т. Сметанин Ол баран истэҕинэ, арай тыа иһигэр дьахтар сүөһүнү үүрэр саҥата иһилиннэ. Н. Неустроев Куорат иһигэр куугунас сааҕынас тыас бөҕө буолбут. Эрилик Эристиин
Өссө холобурдар (4)
Сотору үрүйэ иһигэр Саа тыаһа хабылла түспүтэ Күннүк Уурастыырап Чопчу соҕус предметнэй өйдөбүллээх дьиэ иһэ курдук холбоһуктарга иһигэр форма аат суолтатын ситэ сүтэрбэт. Θ В сочетаниях типа дьиэ иһигэр (внутренность дома), воспринимаемых как довольно определенный предмет, форма иһигэр полностью не грамматикализируется (внутри). Отуу иһигэр ким да суох. Н. Габышев Кырдьыгын эттэххэ, кабина иһигэр Утуйбут бухатыыр Тыастаахтык тыыммахтыыр. С. Данилов Хос иһигэр дьон тыаһа тигинэстилэр Эрилик Эристиин
2 аат тыл #
ыарыы түһүк форматыгар хайааһын ханнык эмэ предмет ис өттүгэр буоларын көрдөрөр
Нууччалыы В форме дательно-местного падежа употребляется при обозначении предмета, в котором происходит действие, находится предмет (в)
3 аат тыл #
ыарыы түһүк форматыгар хайааһын туох эмэ предмет ис өттүгэр туһуламмытын көрдөрөр
Нууччалыы В форме дательно-направительного падежа употребляется при обозначении предмета, внутрь которого направлено действие (в)
Онтон тыа иһигэр киирэн көстүбэт буолан хаалла.
Суорун ОмоллоонКини бэс чагда иһигэр киирэн, аргыый хаама сырытта. М. Доҕордуурап Богуон иһигэр дьылыс гынным. А. Федоров
Өссө холобурдар (1)
Тэлгэһэ иһигэр аара аттаах көлөөскө сыарҕа эмискэ тигинээн киирбит тыаһа таас түннүк нөҥүө бүтэҥитик иһилиннэ М. Доҕордуурап
4 аат тыл #
Таһаарыы түһүк форматыгар хайааһын хайа эмэ предмет ис эйгэтиттэн тахсарын, тарҕанарын көрдөрөр
Нууччалыы В форме исходного падежа употребляется при обозначении предмета, изнутри которого исходит, распространяется действие (из, изнутри)
"Туох буола сылдьаҕын, ийэлээх аҕаҕар этиэм," – диэн били мааҕын бииргэ киирбит уолум талах иһиттэн айманна. Т. Сметанин Сайын ийэ кус от иһиттэн оҕолорун батыһыннаран киллэртиирин саһан кэтииллэрэ. Дьүөгэ Ааныстыырап. Нина саҥата хос иһиттэн хардарар Н. Якутскай
5 аат тыл #
Туттуу түһүк форматыгар хайааһын хайа эмэ предмет ис эйгэтинэн тарҕанарын, буоларын көрдөрөр
Нууччалыы В форме орудного падежа употребляется при обозначении предмета, по внутренной среде которого совершается, распространяется действие (по)
Хараҥа ойуур иһинэн баран иһэн, туох эрэ харааран турарын көрдө. Т. Сметанин Ол уҥуоҕу ылан, ырбаахыҥ хаҥас сиэҕин иһинэн, бэгэччэгиҥ туһунан хара сабынан тигэн кэбиһиэхтээххин. Н. Павлов Хотон иһинэн, дьиэ иһинэн үлэлээн лиһигирии сылдьар Эрилик Эристиин