ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

дьоруо

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы способ передвижения лошади: попеременно выносятся вперед обе правые или обе левые ноги, иноходь

Ис хоһооно · 5

1 аат тыл #

Ат эбэтэр атын көлө икки хаҥас эбэтэр икки уҥа атахтарын хардары-таары тэҥҥэ ылан айаннааһына (маннык ат киһини сахсыйбат, онон айанныырга сынньалаҥ)

Нууччалыы Способ передвижения лошади: попеременно выносятся вперед обе правые или обе левые ноги, иноходь (на таком коне седок не трясется, поэтому ему приятно ехать)

Өссө холобурдар (2)
  • Суолга киирбэт дьоруо ат баар үһү (тааб.: тайах мас). Дьоруо ат Тобугунан охсуллар Нуолур солко от Торолуйа үүннэ.
    Өксөкүлээх Өлөксөй
  • Ону сэргэ таһаҕасчыт, сүүрүк, сэлиик, дьоруо боруоданы тэнитиэххэ
    С. Васильев

2 аат тыл #

Икки хаҥас эбэтэр икки уҥа атахтарын хардары-таары тэҥҥэ ылан айанныыр ат

Нууччалыы Конь-иноходец

  • Долгууса сыарҕалаах дьоруолар Дьоруонан түһэрэн бардылар.
    С. Данилов
  • Оҕонньор уолум сиэр дьоруотун биир-икки күн миинэн бырастыыластын диэбит быһыылааҕа. Ч. Айтматов (тылб.)
  • Кэҕий кэтэх, Дьоруо тобук, Сүүрүк сүһүөх, Үҥкүү өттүк, Битии бэгэччэк диэн кини [куорат кыыһа] буола түстэ.
    Өксөкүлээх Өлөксөй
Өссө холобурдар (3)
  • Суумка, зонтик туппут, суп-суон, Суһал дьоруо эмээхситтэр.
    Күннүк Уурастыырап
  • Кини [кыыс] дьоруо сотолоро элэгэлдьийэн, уун-утары тиийэн кэлбитигэр, долгуйан хааламмын, хаҥас санныбын хамсатан халбарыйа түһэрбин кытта, кылап гына көрөөт, ааһа көтөн кынталдьыйа турда.
    П. Аввакумов
  • Собо, мунду тойоно Содьоро дьоруо Баһылай
    ХС

3 даҕааһын #

Икки хаҥас эбэтэр икки уҥа атахтарын хардары-таары тэҥҥэ ылан айанныыр (ат туһунан)

Нууччалыы Передвигающийся, попеременно вынося обе правые или обе левые ноги (о коне)

4 аат тыл #

Дьоруо ат хамсаныытыгар маарынныыр (түргэн, элэгэлдьигэс, хайбалдьыгас)

Нууччалыы Похожий на движения коня-иноходца (быстрый, мелькающий, слегка подаваясь в ту или другую сторону)

5 этии #

Нууччалыы Иноходец, шагающий как бы танцуя, широко выставляя попеременно ноги вперед (о широкогрудом и широкозадом коне)

Этиилэр

Бадьара дьоруо

үҥкүүлээн эрэр курдук түөрт атаҕын киэҥник түөрт аҥыы түһэрэн айанныыр (кэтит түөстээх, самыылаах ат туһунан) Мааны ыал кыргыттара Бадьара дьоруо аттанан Баран иһэллэрин курдук, Бааралыы үүммүт Маҥан хатыҥ мас аатыран [үүнэн турбутум].

  • Саха нар. ыр. II. Мачайар Баһылай биэс мөһөөххө барбатах бадьара дьоруо атын миинэн алааһы хайа хаамтаран тахсар.
    Саха фольк
  • Хара элэмэс аты бадьара дьоруонан түһэрэн иһэр салгын харааччы сиэбит сирэйдээх, бытыктаах киһини [саллааттар] бары эндэппэккэ биллилэр.
    П. Филиппов

Кулун дьоруо

төрүөҕүттэн бэйэтэ дьоруо.

Природный иноходец.

  • Кулун дьоруо атын миинэн нөҥүө алаас сайылыгар аттанна.

Уу дьоруо

киһини сахсыйбакка, уу долгунун курдук долгулдьутан айанныыр ат.

Иноходец, идущий не тряся, а мерно покачивая седока.

  • Уу дьоруо муус маҥан атынан олбуору ортотунан бидилгэхтэтэн Мэхээлэ Суудап кэллэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Төрүөҕүттэн уу дьоруо, кыыс кэрэ аты буланнар, оһуордаах-симэхтээх үрүҥ көмүс ыҥыырдааннар, кыыстарын тыыннаах киһи курдук мииннэрэн, икки өттүттэн өйөөн, Арыылаах арҕаа тамаҕын үстэ эргиппиттэр.
    Күннүк Уурастыырап
Өссө холобурдар (2)
  • Өкүүсэ санаатын курдук бастакы ат сиэлинэн-кутуругунан оонньоон, уу дьоруонан түһэ турда.
    Эрилик Эристиин
  • Др. -тюрк. йоруҕа

«ДЬ» буукуба