ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

дьоруолаа

туохтуур

Нууччалыы идти иноходью, попеременно выдвигая вперед обе правые или обе левые ноги

туохтуур

Икки хаҥас эбэтэр икки уҥа атахтаргын хардары-таары тэҥҥэ ылан айаннаа (ат туһунан)

Нууччалыы Идти иноходью, попеременно выдвигая вперед обе правые или обе левые ноги (о коне)

  • Тойон көмүс уктаах дэйбииринэн атын өттүккэ "сып" гына биэрэрин кытта, ата түөрт атаҕын үөрэ-дьүөрэ үктээмэхтээн дьоруолаан кутан-симэн барда.
    Эрилик Эристиин
  • Тобугунан элэмэс Тураҕастай соноҕос, Чааскылаахай ууларын Дьалкыппаттык айаннаа, Чороонунан кымыһы Долгуппаттык дьоруолаа!
    П. Тобуруокап
  • Кутузов бэйэтэ ыараханнык миинэн иһэн, дьоруолаан күөгэтэр, атын ыгылытар. Л. Толстой (тылб.)
Өссө холобурдар (1)
  • Дьоруо ат айанныырыгар маарынныырдык хамсан. Θ Делать движения, похожие на движения коня-иноходца при беге. Кэрэтиэн барык-сарыкка Туундаракам дьоруолуура, Тойугу ыһар туйаҕыттан Сулус кыынньа оонньуура. Улуро Адо (тылб.). Дьоннор, бу тоҕо бачча тиэтэлгитий, Дьоруолуу ойоҕут куобах кэриэтэ? Р. Гамзатов (тылб.)

«ДЬ» буукуба