ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

бэс

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы сосна.

English pine, pine tree

Ис хоһооно · 6

1 аат тыл #

Уһун мутукчалаах төгүрүктүҥү туораахтаах хагдарыйбат мас

Нууччалыы Сосна. Хаары бүрүммүт хойуу ойуур улам арыттанан, сэндэҥэрэн баран, бөдөҥ бэстэринэн бүүрүктэнэн бүттэ. Амма Аччыгыйа. Харыйа, бэс, тиит лабааларын үнтү кулуубут, итиэннэ наар уоспутунан айылҕаны харыстыаҕыҥ диэн аҕыс айдааны түһэрэбит. С. Никифоров. Бу наар кумах дойду быһыылааҕа. Маһын үксэ бэс буолан болбукта этэ. Н. Якутскай

2 аат тыл #

Бэс ойуур, бэс чагда, бэс ой

Нууччалыы Сосновый бор, лес, лесок

  • Бэс иһинээҕи хонууга муусука ньиргийэр, үҥкүү буола турар. Дьүөгэ Ааныстыырап. Сэргэлээх алар бэһигэр Хайыһардьыт ыччат элбиир
    С. Данилов
  • Бэс кытыйа. Бэс бэрэбинэ. Бэс тумул. Бэс аллея.
  • Бэс халҕаны икки сиринэн буулдьа кытар гына дьөлүтэ көтөн кэбистэ.
    Эрилик Эристиин
Өссө холобурдар (2)

3 аат тыл #

Өрөбөлүүссүйэ иннинэ - сииргэ анаан кыһыйыллан ылыллыбыт бэс субата

Нууччалыы Сосновая заболонь, заготовленная для еды (в дореволюционное время)

  • “Сайын кииһилэни үргээбэккит, бөрүөк оту, бэһи кыһыйан хаһааммаккыт, көр, кэһэйдэххит”, - диэбит Чоочо. МНН. Үс сааскы ыйга уу, бэс иккини аһаан олорорун кини [саха дьадаҥыта] ол курдук буолуох тустааҕынан ааҕар.
    УАЯ А

4 даҕааһын #

суолт. Бэстэн оҥоһуллубут; бэстэн турар; бэстээх

Нууччалыы Сосновый

5 этии #

Бэһинньигэ (диэри) бэстээх - сииргэ бэлэмнээбит хаһааммыт бэһин субата балаҕан эрэ ыйыгар тиийэр Бэһэ бэттэх (уута уҥуор) - мөлтөхтүк бэлэмнэммит ас. Плохо приготовленная пища (букв. вода по ту сторону, а сосновая заболонь по сю сторону)

Нууччалыы Иметь запас сосновой заболони до сентября

6 этии #

Бэрдьигэс бэс - кыра бэс, ситэ илик бэс Киэҥ үрүйэ кытыытынан сайбарыһа үүммүт бэрдьигэс бэһи кини үнүрүүн холкуос ходуһатыгар үлэлии киирэн иһэр кыргыттарга дьүөрэлии көрбүтэ. Амма Аччыгыйа.

Нууччалыы Молодая сосна, сосенка

Этиилэр

Бэс кумаара көр бырдаха

Иҥсэлээх бэс кумаара былыттыы саба түһэриттэн да кыһаллыбат. И. Гоголев. Бэс мас - 1) бэс диэн курдук. Аргыый харахпын мин аһан, Үөрдүм кыһыҥҥы дии санаан, Көр эрэ, миигин аһынан, Бэс мас хаарга тобуктаан Турар түннүгүм анныгар. П. Тулааһынап. Сэргэстэһэн кинилэр Бу дабайан иһэллэр Бэс мастардаах үрдүк сыыры. И. Гоголев; 2) бэстэн оҥоһуллубут (эркин, остуол о. д. а.) Түннүк аттынааҕы кыһыллыҥы кырааскалаах боростуой бэс мас кытыылаах эргэ түрүмүөҕэ көрүнэ-көрүнэ, уоһун кырааскалана турар. Софр. Данилов. Ыраахтааҕы сэриитэ бу дьиэни [Романовка дьиэтин] Ыстыыгынан сиритэ кэйбитэ, Кини бэс мас кэбирэх эркинин Дьөлүтэ сүүрпүтэ. Эллэй. Бэс ойуур - аҥаардас бэс эрэ мастаах ойуур.

Густой, сосновый лес.

  • Бэс ойуур анараа өттүгэр дьүөлэкээн сыһыыта баар үһү (тааб.: киһи ытыһа). Түүн чуумпурбут бэс ойуур, силбиги бүрүммүт күөх хонуу лааҕыры кытта тэҥҥэ уһукталлар. Дьүөгэ Ааныстыырап. Лоһуора көмүс туораахтаах бэс ойуурдар быыстара, үҥкүүлүүр площадка, дьиэлэр тастара өссө эбии күйгүөрэн, саҥа-иҥэ хойдон, ырыа-тойук үксээн, өрө ньиргийэ түстэ.
    А. Бэрияк
  • Дорҕоонноох куоластаах, Токуоралаах тумустаах, Тордох хара өҥнөөх Тойон кыыл тохтуур, Уоруйах суор хонуктуур, Уордаах боруллуо олорор Уруктаах бэс ойуурдаах.
    С. Зверев
Өссө холобурдар (9)
  • Бэс тыа - бэс эрэ үүммүт тыата. Сосновый бор, сосняк. Сэндэҥэ мастаах бэс тыаҕа Соҕотоҕун хаамтым бүгүн. Сыгынаҕы да сылбаҕы, Саараама, манна көрбөккүн.
    Баал Хабырыыс
  • Бэс үөрэ - бэс субатын тарга эбэтэр үүккэ (сиҥэҕэ) ытыйан оҥорбут ас. Похлебка из сосновой заболони на молоке или на таре (см. тар). Үллэр доруоһалаах, көтөҕүүлээх ас аһаныаҕа. Бэс үөрэ, үтэһэлээх лэппиэскэ төрүт сүтүөхтэрэ.
    П. Ойуунускай
  • Ааныска сурдьа бэс үөрэни мас хамыйаҕынан бэрт минньигэстик сиэн лобуйарын астынна, таптыы көрөн олорон, бу саҥардыы улаатан эрэр кыра киһини ис-иһиттэн аһына саныыр.
    С. Никифоров
  • Ыаллар бэйэлэрэ бэс үөрэтинэн олороллор.
    И. Гоголев
  • Бэс чагда - үрдүк сиргэ үүммүт сэдэх бэс мастардаах ойуур. Сосновый бор на возвышенной местности. Бурхалей сэндэҥэ соҕус бэс чагда быыһынан, кырдьаҕас киһи сүүһүн курдук кэрэниистэрдээх хайа үрдүк чабырҕайын үрдүттэн өҥөс гына түстэ.
    Эрилик Эристиин
  • Тиит тыалар, бэс чагдалар, хатыҥ чараҥнар, симилэх ойуурдар быыстарынан эҥин араас киэҥ - кыараҕас ырааһыйалар, үрүйэлэр, дүөдэлэр ыһыллыбыттар.
    Амма Аччыгыйа
  • Уҥуор бэс чагда көстөр. Бу өттө намыһах.
    И. Данилов
  • Бэс ыйа - сыл алтыс ыйа. Июнь. Бэс ыйынааҕы куйаас сыралҕана ыкпытын үрдүнэн, комбат тохтобулу көҥүллээбэтэ.
    Эрилик Эристиин
  • 1965 сыллаахха бэс ыйын чэмэлкэй күннэригэр Дьокуускайга түмсүбүт өрөспүүбүлүкэ эдэр ыччатын ортолоругар найахылар эмиэ бааллара. АҮ. Бэс ыйын бастакы аҥаарыгар күн-дьыл бэркэ көннө, халлаан ып-ыраас буолла, ардах сууйбут хонуу куйаара күн уотуттан дьикти үчүгэйдик чэлгийдэ. М. Шолохов (тылб.)

«Б» буукуба