ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

уулан

туохтуур

Нууччалыы иметь питьевую воду

Ис хоһооно · 8

1 туохтуур #

Иһэр уулаах буол

Нууччалыы Иметь питьевую воду

  • Ардыгар сарсыарда эрдэ от үрдүгэр түспүт сииги плащбалаакканан холбуйан ылабыт. Үс-түөрт төгүл холбуйдахха курууска аҥаара ууланабыт. "Чолбон". Гидроэнергиэтиктэр киин сирдэрэ Чернышевскай бөһүөлэк Бүлүүттэн ууланан олорор
    ХС

2 туохтуур #

Уунан бүрүлүн; уунан туол

Нууччалыы Обводняться; затопляться

  • Чурапчы кэнники ууланна, Куохара үрэҕэ угуттаан.
    Баал Хабырыыс
  • Хантан кэлбитэ биллибэккэ эрэ, былыргытын курдук, маһын саҕатыттан ыла ууламмыт.
    ХС
  • Сайын, хайаларга хаар уонна ледник ууллар кэмигэр, өрүстэр ордук толору ууланаллар.
    КВА МГ

3 туохтуур #

Бэйэҕэр анаан мууһу, хаары ириэрэн ууга кубулут, уу оҥор

Нууччалыы Растапливать лёд, снег для себя

  • Оһоҕор оттор маһын бэйэтигэр мастатан киллэртэрэллэрэ, солууругар хаар ууланара. ПНИ ДКК. Маспытын мастанабыт, муус ылынабыт, уубут куһаҕан буолан туттарбытыгар хаар ууланабыт
    Саха с

4 туохтуур #

Испиири бэйэҥ (бэйэҕэр анаан) уулаа

Нууччалыы Разбавлять спирт водой (для себя)

  • Ити испиир тобоҕун ууланан ис.
  • Тыыннаах испиири ууланан истилэр
    ХС

5 туохтуур #

Аһара бус, сымнаан хаалыаххар диэри хараарчы бус (үксүгэр отон туһунан)

Нууччалыы Перезреть до черноты (преимущественно о бруснике)

  • Оҕо сылдьан ыкса күһүн ууламмыт отону тииспит кыйыар диэри үргээн сиир этибит.
  • Күүлэлээх аартыгын ээйигэр сайын окко киирэр саҕана сир аһыттан саамай эрдэ ситээччи болбукта буһан уулана ньолньолҕойон турарын тотуохпутугар диэри сиирбит
    С. Маисов

6 туохтуур #

Алтан булкаастаах буол (көмүс туһунан)

Нууччалыы Иметь примесь меди (о серебре, золоте)

  • Ууламмыт көмүс

7 туохтуур #

Буоһаа, буос буол (сүөһү, кыыл туһунан)

Нууччалыы Оплодотворяться (о скотине, животных): стать стельной (о корове), жеребой (о кобыле); беременеть (о самках нек-рых животных)

  • Сорохторун муоһа саҥа саралаан эрэр – олору кыра эбэтэр эрдэ ууламмыт табалар дэстилэр.
    Я. Семёнов
  • "Ынахтарым ыаппат буолбуттара ыраатта, бэйдиэ баран хаалаллар, быйыл ууланаллара биллибэт", – диэн үҥсэргиир. Тускун. Кыылы иитээччилэр кырсалары ууланалларын саҕана аһатыыга ураты болҕомтолорун уураллар
    АВЛ ГСФ

8 этии #

Нууччалыы Его глаза увлажнились; расчувствовавшись, он чуть не заплакал

Этиилэр

Хараҕа ууланна

хараҕын уута таҕыста; уйадыйан, ытыахча буолла Сэмэнчик, ытаама…

  • – Настя хараҕа толору ууламмыт, сэҥийэтэ биир кэм ибигирэс буолбут.
    Н. Якутскай
  • Маша дьааһыгын аһан, сибэкки ойуулаах сиидэс ырбаахыны хостоон таһааран, киниэхэ уунна. – Ыл! Татыйаас икки илиитэ титирэстээтэ, хараҕа ууланна. М. Доҕордуурап

«У» буукуба