ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

уулаах

даҕааһын

Нууччалыы водянистый

English watery

Ис хоһооно · 7
I

1 даҕааһын #

даҕ

  • Ньээдирэ уулаах, лээби оттоох алыыны туораан, эрбийэ мастардаах ойуурга тахсыбыттара.
    Л. Попов
  • Бырдах уулаах, хойуу оттоох ходуһа сиригэр ордук сытайан үөскүүр.
    Н. Заболоцкай
  • Өйдүүгүөн, эн биһиги уулаах окуопаҕа сытан, утуйбакка сылдьан, охсуһуу быыһыгар бу күнү ахтарбытын-саныырбытын.
    Т. Сметанин
Өссө холобурдар (1)
  • Уулаах араҥаҕа уу таах сыппат
    ХС

2 даҕааһын #

Кураанах буолбатах; киһи кэһэ сылдьар бычырҕас уунан бүрүллүбүт (сир)

Нууччалыы Имеющий значительную влажность, сырой; покрытый неглубокой водой (о местности)

3 даҕааһын #

Иһигэр оҕолоох, буос (сүөһү, кыыл туһунан)

Нууччалыы Стельная (о корове), жеребая (о кобыле), беременная (о самках нек-рых жиыотных)

  • Дьэ, били тоҕус уулаах биэлэрим сир хараарбытын кэннэ бары этэҥҥэ төрөөтүлэр.
    Эрилик Эристиин
  • Кытараабыт ынаҕын атын сүөсүһүттэргэ бэрдэрэр, ол оннугар Даарыйа уулаах ынаҕы ылар.
    А. Фёдоров
  • Үөскэх үөскүөҕүттэн оҕо буолан төрүөр диэри кэмин сүөһү уулаах сылдьыыта диэн ааттанар. СИИТ. Кээс, доҕор, атастаһыах. Мин өсүөлүм уулаах, төрөөтөҕүнэ оҕотун ылыаҥ. Я. Козяк (тылб.)

4 даҕааһын #

Алтан булкаастаах (көмүс туһунан)

Нууччалыы Имеющий примесь меди (о серебре, золоте). [Кыталык] Булуу көмүс буухтаах, Үрүҥ көмүс өрөҕөлөөх, Уулаах көмүс уорҕалаах

  • Саха нар. ыр. I. [Сайсары:] Истээри эрэ гынар буоллаххына: Оҥоойу буутун улахана Уон сүүс уулаах көмүс буолбут үһү.
    Суорун Омоллоон
  • Алтана кыра буоллаҕына аҕыйах уулаах көмүс оҥоһук диэн күндүркэтэн ыарахан сыанаҕа атыыланара
    МАП ЧУу

5 этии #

Нууччалыы Смотреть влажными глазами; смотреть со слезами

Этиилэр

Уулааҕынан (уулааҕынан-хаардааҕынан) көр

уу бычалыйбыт хараҕынан көр Маны ааҕан баран, Чүөчээски: "Ии, оҕом эрэйдээх, мин ахтыбат үһүбүн дуо?" – диэн баран, уулааҕынан-хаардааҕынан тула көрөн кэбистэ.

  • Мариса [Бурхалей ийэтинээн көрсүһүүлэрин] көрөн аһынан, уйадыйбыт курдук уулааҕынан көрүтэлээтэ.
    Эрилик Эристиин

Уулаах олорон (кэпсиир, арбыыр)

үлүһүйэн, умсугуйан, омуннаран туран (кэпсиир, арбыыр). (Өр саҥаран тамаҕа хатар, ол иһин уулаах олорон, дьоһуннанан, уһуннук сэһэргииргэ оҥостон олорон кэпсиир).

С пристрастием, увлеченно и с преувеличением (рассказывать, хвалить). Букв. сидя с водой (рассказывает, расхваливает). Кэргэттэр кэмэ суох кэпсииллэр, Хамначчыттар харса суох хайгыыллар, Уолаттар уулаах олорон умсугуйаллар.

  • Өксөкүлээх Өлөксөй.

Уулаах табахсыт

дьаарай табахсыт, табахха дьиҥнээхтик ылларбыт табахсыт.

Заядлый курильщик.

  • Уйбаан оҕонньор уулаах табахсыт. Уулаах табахсыттары утары аҕытаассыйа ыытабыт.
  • Эн уулаах табахсыккын бэркэ билэбин.
    И. Гоголев
Өссө холобурдар (1)
  • Молоох оҕонньор баар дии, уулаах табахсыт. Сүүсчэкэтэ буолан эрдэҕэ, хата, оҕонньоруҥ билигин да тэп курдук. "ХС"

6 этии #

Этиилэр

Уулаах былыт көр былыт

  • Дьиэбитигэр тиийиибитигэр арҕаа диэкиттэн уулаах хараҥа былыттар сайылык ойуурун үрдүнэн сабардаан тахсыбыттара.
    И. Сосин
  • Болоорхой халлааҥҥа уулаах былыттар халыйа устан бардылар.
    Н. Абыйчанин

Уулаах отон көр отон

  • Хотуур ортотун эргин уулаах отон ситэрэ.
    Г. Угаров
  • Уулаах отон бэрт киэҥ тарҕаныылаах, хагдарыйбат күөх сэбирдэхтээх, өндөҕөр синньигэс умнастаах, элбэх сыллаах сэппэрээктиҥи үүнээйи. МАА ССКОЭҮү.

Уулаах эрбэһин көр эрбэһин

  • Ордук тарыыһа, ача от, уулаах эрбэһин, хатыы от үүнэллэр. ВДИ ҮөКОБҮ
II

7 даҕааһын #

Уһуннук, өр утуйар (киһи)

Нууччалыы Любящий много спать, сонливый

  • Уулаах баҕайы киһи. Уулаах дьону сөбүлээбэппин.
  • Тур, тур, тур, эн – уулаах дьахтар! Н. Некрасов (тылб.)

«У» буукуба