ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

буос

даҕааһын

Нууччалыы стельная (о корове); жеребая (о кобыле); беременная

English pregnant

1 даҕааһын #

Уулаах, иһигэр (киэлитигэр) оҕолоох (үксүгэр кыыл, сүөһү туһунан)

Нууччалыы Стельная (о корове); жеребая (о кобыле); беременная (о самках нек-рых животных)

  • Уолларыллыбыт буос ынаҕы минеральнай туустардаах, битэмииннээх эбиискэлэринэн толору, былааннаммыт рационунан аһатыллар. ТВН ФБНь. Саас хаар халыҥыыр, буос сылгы күөлэһийээри көлөттүөн да сөп. ДьСИи. Буос тайах лаглаҕар талах синньигэс лабаатын ылҕаан сиэн уоһа обугулдьуйар.
    И. Гоголев
  • Үүтүнэн иитээччилэртэн барыларыттан индийскэй слоннар саамай уһуннук, ортотунан 21-23 ый устатыгар буос сылдьаллар. ДьДьДь. Тюрк. боос, боҕаз

2 этии #

Нууччалыы Толстопузый, толстобрюхий (бран. о богачах). [Маарыйа:] Ол буос ырҕай [Чоочо] баарына өтөх төҥүргэстэнэр, уот кыымнанар үһүө

  • Буос ырҕай кэпс., үөхс. - буос бээгэй
    В. Протодьяконов
  • Халлаан да хабырыта ыстаннын, сир да сиҥнэри бардын, Салҕаластыа этэ дуо маннык буос ырҕай [Америка полицейскайа]? Эрчимэн. Аҥала тойон буос ырҕай Адьас ыххай да ыххай. Тойорҕоон ыкта-түүрдэ, Тута таһырдьа үүрдэ. П. Дмитриев

«Б» буукуба