Перевод с якутского
ыараа
туохтуур, аат тыл
Нууччалыы быть тяжёлым, тяжелеть, отяжелеть
English to become heavy
Ис хоһооно · 9
1 туохтуур #
Ыарахан ыйааһыннан, ыйааһыннаах буол
Нууччалыы Быть тяжёлым, тяжелеть, отяжелеть
Суох, бу паапкам ыараан, илиибэр биллэн барда, итииргээн, утатан да бардым.
Суорун ОмоллоонХаллааҥҥа халыйбыт былыттар ыараабыттара, намылыһан аллара санньыйбыттара. Далан Таҥаһым ууну, бадарааны оборон ыараан хаалла. М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (1)
Таһаҕастара өссө ордук ыараан, уһун суол өссө уһаан, кинилэр иннилэригэр уунан биэрэргэ дылы буолбута А. Сыромятникова
2 туохтуур #
Күчүмэҕэй, судургута суох буол, уустугур
Нууччалыы Становиться сложнее, труднее, осложняться, усложняться
Мөлтөх да киһибин! Мин туспар кыра да улаатар, чэпчэки да ыарыыр.
Н. ЛугиновҮлэ ыараатаҕына киһи эбии дьулуурдаах буолар. А. Сыромятникова Кэлин бүдүгүрэ кырдьан баран, чүөчэ Маня килиэп да ыла барара ыараабыта. Куорсуннаах. Дэриэбинэҕэ сыл аайы олох ыараан, сопхуос ыһыллыаҕыттан үлэтэ суох муор-туор сылдьааччы элбээн иһэр У. Ойуур
3 туохтуур #
Туох эмэ атыыланар сыаната үрдээ, ул аат
Нууччалыы Дорожать, подниматься в цене
Эккэ-арыыга ыараабат сыананы олохтоотулар. Амма Аччыгыйа Сыана ыараан, биһиги хапчаттаран иһэбит. М. Доҕордуурап Дьокуускайга сыана күн-түүн ыараан, Марусь -- хамнаһа туохха да тук буолбат Айысхаана
4 туохтуур #
Уруккуҥ курдук тэтиэнэх буолбакка биллэ мөдөөт, көһүүн буол, бытаар (хол., кырдьан)
Нууччалыы Потерять былую физическую крепость, становиться менее подвижным (напр., от старости)
Биһиги, урукку саллааттар, Саас ылан, ыараан эрэбит. И. Эртюков Уһуннук ыалдьыбыт буолан ыараабыт. Арыый иҥнэҥнээн хаамар. Сааһынан даҕаны киһи мыыммат саастаах киһитэ. ХС Оннук буолумуна, мин сыл ахсын ыараан иһэбин. Н. Тарабукин (тылб.)
Өссө холобурдар (3)
Сылааргыыртан, ыалдьартан биллэрдик ыйааһыннаммыт, улугурбут курдук буол (хол., төбө, атах). Θ Испытывать усталость, тяжесть, тяжелеть (напр., голова, ноги). Эт-этэ ыараан, дьаралыйан барбытыттан сылайбытын билиннэ.
Н. ЛугиновОргууй аҕай дьиэтин диэки накыҥнаата, ыараабыт атахтарын нэһиилэ соһор курдуга. Л. Попов Төбөм өссө ыарыыр, хараҥарар, хараҕым ирим-дьирим буолар Н. Заболоцкай
5 туохтуур #
Өрүттүбэттии мөлтөө, эбии бэргээн мөлтөөн ис (ыалдьар киһи туругун этэргэ)
Нууччалыы Обостряться, усиливаться, усугубляться (о состоянии больного)
Киргиэлэй күн-түүн ыараан истэ. Амма Аччыгыйа Үс хонук ааста, биэлсэр сураҕа иһиллибэт. Дьөгүөр оҕото улам ыараан иһэр. Айталын. Ийэм биһиэхэ: "Эбэбит ыараан иһэр", – диир буолла. ЖЕ
6 туохтуур #
Ыар-нүһэр көрүҥнэн, тыйыстык тутун, дьиппиэр
Нууччалыы Стать суровым, жестким, строгим
Уйбаан даҕаны хайдах эрэ супту ыараан, саҥарбат-иҥэрбэт, санаата хараастар, туох эрэ суоҕун, туох эрэ сатамматаҕын курдук буолан хаалта. А. Софронов Сабырыкы итини истэ-истэ саҥата-иҥэтэ аҕыйаан, дьиппиэрэн, ыараан барар. Күннүк Уурастыырап Бары саҥата суох ыараан, дьиппинийэн олордулар И. Данилов
7 туохтуур #
Бэйэҕин билинэн, сыанаҕын үрдэтэн дьоһумсуй, тос курдук тутун
Нууччалыы Напускать на себя важность, держаться заносчиво
Кыһалҕа ойууну көрдөһө-ааттаһа сатаатым да, ылыммата. Тоҕо эрэ ыарыыр. И. Гоголев Дьаабал оҕонньоро, эмиэ биэнсийэ ылабын буолан, сүгүн кэпсээбэт, ыарыыр ээ. С. Никифоров Барабын диигин дуу? Бар. Сибилигин да бар! Ордук ыараама, күндүркэйимэ! В. Яковлев
8 туохтуур #
харыс. Хат буол, оһоҕостон (дьахтары этэргэ)
Нууччалыы Забеременеть (о женщине)
Арай кыра айыы кыыһа оһоҕоһо улаатан, арай улам-улам ыараан барбыт. Саха ост. I. Иккис кыыстара Хаайа саҥардыы үнэн сыылаҥхайдыыр буолуута Мира эмиэ ыараабыта. Н. Якутскай – Тиэтэллээх муҥутаан, тоҕо хойутаатыҥ? – Бу киһини доҕор, оттон ыараатаҕа дии Далан
9 этии #
Этиилэр
Тыына ыараабыт (күлүгэ хараарбыт) көр тыын II
Онон мин уҥуо өттүбэр оһоллоох, хаҥас өттүбэр илбистээх киһи буоллум. Тыыным ыараата, күлүгүм хараарда. Ньургун Боотур. Оччоҕо, оҕотуктуҥу буолан, тылым ситэ иччилэнэ, тыыным ситэ ыарыы илигэ. Күннүк Уурастыырап
Хаана (хаана-сиинэ) ыараата көр хаан
Киһини өлөрбүт киһини хаана-сиинэ ыараабыт, хараарбыт киһи дииллэр. КОК. Гошалыын оскуолаҕа үөрэммит уол: "Киһибит хаана ыараабыт. Кырдьык, тыыҥҥа турааччы буолбут быһыылаах", – диэн итирэн баран айахтаппытын кэпсээбиттэр. Т. Нутчина