ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ыарахан

даҕааһын, аат тыл

Нууччалыы имеющий большой вес, тяжёлый

English pregnant

Ис хоһооно · 12

1 даҕааһын #

Улахан, ыар ыйааһыннаах

Нууччалыы Имеющий большой вес, тяжёлый

  • Ыарахан таһаҕастаах көлөлөр субустулар.
    Амма Аччыгыйа
  • [Ыанньыксыттар] биэдэрэлэрэ ыарахан быһыылаах – сынньаннылар.
    Суорун Омоллоон
  • Атахпар адаҕа саҕа аакка киирбит ыарахан бачыыҥкалаахпын
    Ф. Софронов
Өссө холобурдар (3)
  • Уҥа өттүгэр акыллыбыт уһун киһи олус ыараханы көтөхпүттүү чиҥ-чиҥник үктээн хаамар.
    И. Гоголев
  • Быһата, үҥүү уга кыыл ыараханын кыайан уйбакка, эрдэ хар гынан хаалла.
    Н. Заболоцкай
  • Сүгэһэрэ ыараханын үрдүнэн кини санна биирдэ да ибир гыммат, сүүһүттэн хааппыла көлөһүн тахсыбат
    Т. Сметанин

2 даҕааһын #

Киһи санаатыгар ордук күүскэ дьайар, самнары баттыыр, ордук ыар

Нууччалыы Давящий на человека, тягостный, тяжёлый, угнетающий (разговор)

  • ыар 2 диэн курдук. Ыарахан олоххо түбэспиттэрин үрдүнэн, дьон күлэн күүгүнэһэллэр.
    Амма Аччыгыйа
  • – Миигин илдьэ бар. – Ыраах, айана ыарахан.
    Далан
  • Хас да ыарахан ыарыһахха систиэмэ туруоралларыгар соруйда.
    Н. Лугинов
Өссө холобурдар (10)
  • Хас да күн тигинэччи ыарахан үлэҕэ сырыттыбыт. М. Доҕордуурап
  • Учуутал үлэтигэр ыарахаттара үгүс, үөрүүтэ-кэмчи.
    Н. Лугинов
  • Билигин эргиэни салайыы үгүс ыарахаттардаах.
    М. Попов
  • Олоххо ыарахаттар урукку да өттүгэр, билигин да бааллар. "Чолбон". Соҕуруулуу-арҕааттан күүстээх тыаллаах, тымныы күн буолан, спортсменнарга ыарахаттары үөскэттэ
    Кыым
  • Ыарахан кэпсэтии бүтэрин кытта, бары сэргэхсийэ, чэпчии түстүлэр.
    Амма Аччыгыйа
  • [Бииктэр:] Өйдөө, бу былыргы андаҕар саамай ыарахан андаҕар.
    Суорун Омоллоон
  • Арахсар диэн ыарахан суол.
    С. Ефремов
  • Ол ынырык сурах Ыарахан аһыы дьайынан Ыарык-баттык буолан, Ыксары сабардаабыта.
    Күннүк Уурастыырап
  • Тыла-өһө ыарахана бэрт үһү
    Багдарыын Сүлбэ
  • Арсыына хастыыный? Ээ, кэбис, ыарахана бэрт эбит
    Н. Якутскай

3 даҕааһын #

ыар 4 диэн курдук. Ол курдук кинини [Манчаарыны] ыарахан буруйунан буруйдаан, хара остуолбаҕа туруоран баран, уон биэс охсууга уураах таһаарбыттар. МНН. Хас биирдии түгэҥҥэ наадалаах дакаастабыллары хомуйаннар, ыарахан буруйдаахтары арыйаллара. М. Попов

  • Тоҥ Уус хоһууна дьахтар ыараханын билэн аара быраҕан кэбиспит. "Чолбон". Ойоҕум миэхэ аан бастаан Хаарыан бастыҥ оҕобутунан Гаврюшанан ыараханын Билинэн баран симиттибитэ. Н. Некрасов (тылб.)

4 даҕааһын #

Чэпчэкитэ суох, үрдүк сыаналаах

Нууччалыы Дорогой, дорогостоящий. [Бырдаахап:] Хайа, оннук сүдү ойуун ыарахан соболоҥҥо, күтүр сыанаҕа кэлэр киһи буолуо эбээт

  • Ымсыырбычча, олус ыарахан сааны атыыласпыта.
    Н. Габышев
  • Саҥа кэлбит табаар уруккуттан баар табаардааҕар сыаната ыарахан буолар
    Кыым

5 даҕааһын #

харыс. Хат, оһоҕостоох

Нууччалыы Беременная

  • ыар 6 диэн курдук. Урут иһиллибит арыгы ыарахан сыта аҥылыс гыммыта.
    Далан
  • Остуол аттыгар турар туустаах балык буочукатыттан ыарахан сыт саба биэрэр. Софр. Данилов. Сыырастаах, эргэ хотон бэҕэһээ киэһээҥҥитин курдук, ыарахан сыттаах хойуу салгынынан көрүстэ. В. Яковлев
  • Ыарахан сылдьан сайын куйаас баҕайы күн от мунньа туран "уутай" диирин өйдүүбүн эбээ.
    Суорун Омоллоон
Өссө холобурдар (2)
  • Маарыйа ыарахан буоларын ый аайы кэтэһэллэрэ, көһүтэллэрэ да, оҕо үөскээбэтэҕэ.
    Н. Якутскай
  • Аҕабыт сэриигэ барарыгар алта ыйдаах ыарахан хаалбытым
    В. Титов

6 даҕааһын #

калька. Модун, сүүнэ улахан, баараҕай күүстээх (массыыналарга, сэбилэниилээх күүстэргэ сыһыаннаан этэргэ)

Нууччалыы Относящийся к машинам или средствам вооружения большой мощности, силы, тяжёлый

  • Ыарахан самасыбааллар -- ыар таһаҕастарын байытар баабырыкаларга тиэрдэллэр.
    И. Данилов
  • Ыарахан оруудьуйалар сэнэрээттэрэ сири-халлааны дьигиһитэллэр
    И. Егоров

7 аат тыл #

Ким, туох эмэ улахан ыйааһына; улахан ыйааһыннаах ким, туох эмэ

Нууччалыы Что-л. тяжёлое; тяжесть

8 даҕааһын #

Туох эмэ дөбөҥнүк хотторбот эрэйдээх, уустук өттө (үксүгэр э. ахс. тут-лар)

Нууччалыы Трудность, проблема, препятствие в чем-л. (обычно употр. во мн. ч.)

9 даҕааһын #

Сыана үрдүгэ, чэпчэкитэ суоҕа

Нууччалыы Высокая цена, дороговизна. [Табаары] биэс уонча тыһыынчалааҕы ылан, түүлээххэ эргиттим да, онтуҥ быйылгы сыана ыараханыгар былыргы биэс эрэ мөһөөк тэҥэ буоллаҕа дии

10 даҕааһын #

Дьахтар иһигэр оҕо үөскээһинэ, дьахтар хат буолуута

Нууччалыы Беременность женщины

11 этии #

Нууччалыы Тяжёлый на руку (напр., про хирурга)

Этиилэр

Ыарахан атахтаах көр атахтаах

  • Күтүр өстөөх ыарахан атахтаах эбит, ол иһин бэйэтэ даҕаны туох аанньа киһи баарай.
    А. Софронов
  • Ойуун: "Ол ыарахан атахтаах киһи, ылыныа суоҕа", – диэн аккаастаан көрбүт. ИСА.

Ыарахан илиилээх

чэпчэкитэ суох туттуулаах, ыарыһах үтүөрэн быстыбат (хол.

  • , хирург бырааһы этэллэр) Урут даҕаны баабысканы баламат, ыарахан илиилээх диир этилэр.
    Болот Боотур

Ыарахан киһи

киһини баттыыр-самнарар, туруору, дьиппиэн майгылаах.

Человек с тяжёлым характером, тяжёлый человек.

  • Миигин көрдөҕүн аайы ыгар-хаайар. Бииргэ үлэлииргэ ыарахан киһи буолуо.
    Н. Лугинов
  • Ыаллара кинини ыарахан киһинэн, ону ааһан өссө улахамсыгынан ааҕаллар.
    Р. Кулаковскай
Өссө холобурдар (1)
  • Бэрт ыарахан, нүһэр, ойуун аҥаардаах оҕонньор. Күрүлгэн.

Ыарахан сутуруктаах

күүстээх, сууһарар охсуулаах.

С сильным, сокрушительным ударом, с тяжёлой рукой.

  • Аччыгый уола ыарахан соҕус сутуруктаах буолуохтаах этэ ээ.
    В. Санги

Ыарахан тыыннаах

ыар тыыннаах диэн курдук, көр ыар тыын (тыыннаах).

  • "Абааһыттан арахтаҕым!" – диэн үөрдүм да этэ... Күтүр өстөөх күлүгэ тоҕо харатай, тыына тоҕо ыараханай? Ньургун Боотур. Саҥа саата сууһарыылаах-тэбиилээх уонна ыарахан тыыннаах буолсу.
    Болот Боотур
  • Сааһырыыбыт, кырдьыыбыт бу билиҥҥи иннэ-кэннэ биллибэт ыарахан тыыннаах олоххо түбэстэ. Сэмсэ 1.

Ыарахан хааннаах

тыйыс, кытаанах көрүҥнээх, дьэбир, дьиппиэн (киһи).

Суровый, строгий, жесткий (человек).

  • Чип-чиҥ баҕайытык быһыта симириктээн көрбүт, уһун синиэллээх, ыарахан хааннаах эдэр комбат сулбу хааман кэллэ.
    Эрилик Эристиин
  • Кини төрүт ыарахан хааннаах киһи дьиппиэрбитэ букатын атын гына ыаһырбыт.
    Р. Кулаковскай
Өссө холобурдар (1)
  • Мин кыыһым хаана-сиинэ ыарахан.
    ХКК

12 этии #

Нууччалыы Тяжёлая промышленность

Этиилэр

Ыарахан бырамыысыланнас

улахан кыамталаах, баараҕай оҥорон таһаарар тэриллэри оҥорор, таҥар бырамыысыланнас Ыарахан бырамыысыланнаһы сүһүөҕэр туруорарга наадалаах үбү буллубут.

  • Урут биһиги дойдубутугар ресурса ситэ тиийбэт этэ, онон социалистическай тутуу саамай наадалаах учааскаларыгар эрэ (ыарахан бырамыысыланнаска, оборуонаҕа) күүһү түмэргэ тиийиллэрэ.
    ЭБТ

«Ы» буукуба