ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ыараханнык

сыһыат

Нууччалыы тяжело, грузно

Ис хоһооно · 5

1 #

сыһ

  • Атах тыаһа ыараханнык үктэнэн хостон таҕыста.
    Амма Аччыгыйа
  • Пуд Ильич -- ыараханнык түөһүллэн оннуттан турда.
    Далан
  • Стёпа аргыый санньыҥнаан киирдэ. Олох маска ыараханнык олордо
    М. Доҕордуурап

2 #

Улахан ыйааһыҥҥынан аллара диэки баттаан (хол., үктээ)

Нууччалыы Тяжело, грузно (напр., ступать)

3 #

Киһи өйүн-санаатын баттыыр курдук, ыарыылаахтык, охсуулаахтык

Нууччалыы Тяжело, тягостно, неприятно (реагировать на что-л.)

  • ээни ааҕан баран Микиитэ ыараханнык мунчааран олордо.
    Амма Аччыгыйа
  • Сүүрбэччэ сыл бостууктаабыт оҕонньорбун, үлэбиттэн уурайарбын ыараханнык саныыбын.
    С. Окоёмов
  • Дьахтартан түөскэ анньыллыбатах буолан ыараханнык да ылынным. "Сэмсэ". Дьэбдьиэ бэйэтин хоһооннорун ааҕар. Кириитикэни, ыараханнык да буоллар, ылынар
    Кыым

4 #

Улаханнык эмсэҕэлиир курдук, күүскэ (хол., ыарый)

Нууччалыы Тяжело, очень серьёзно, опасно (напр., заболеть)

  • Бэйэтин уончалаах уолчаана ыараханнык ыалдьан [балыыһаҕа] киирдэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Үс чаас саҕана ыараханнык оһолломмут суоппары милииссийэ массыынатынан аҕаллылар.
    Н. Лугинов
  • Ийэбит Татьяна миигин ыараханнык оҕолонон баран хаана баран тута өлбүт үһү
    ХБИДК

5 #

Күүскэ, ис-искиттэн дириҥник (хол., тыын)

Нууччалыы Тяжело, горестно, тяжко (напр., вздыхать)

  • Суолга сытар киһи сотору-сотору бэрт ыараханнык ынчыктыыр.
    Н. Якутскай
  • Татьяна Иннокентьевна кэргэнин санаан ыараханнык үөһэ тыынна.
    А. Никифорова
  • Анатоль ыараханнык бахсырыйан ытыыр.
    Л. Толстой
Өссө холобурдар (1)
  • 5, көсп. Ыарахан сыанаҕа, сыаналаахтык. Θ Дорого. Мин бэйэ дьонугар, доҕотторбор ыараханнык сыаналыыр санаам суох
    Суорун Омоллоон

«Ы» буукуба