ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ыарҕа

аат тыл

Нууччалыы кустарник тальника, ерник

1 аат тыл #

Үрэх, үрүйэ сир тыатын саҕатыгар олус хойуутук үүнэр иинэҕэс талах, сэппэрээк

Нууччалыы Кустарник тальника, ерник

  • Үрүйэлии синньигэс, оттоммот үрэх куула саҕата ыарҕанан бүөлүү үүммүт этэ.
    Далан
  • Үрэх куулатынааҕы ыарҕаттан хабдьы үөрэ арахпат.
    И. Федосеев
  • Бу сир билигин хаппыт абырҕалынан уонна ыарҕанан көрөн турар
    Я. Семёнов

2 этии #

Нууччалыы Берёза кустарниковая

Этиилэр

Хара ыарҕа

талах курдук үүнэр хатыҥ көрүҥэ Үс салаалаах ойуунан Үрэххэ оһуор анньан, Хара ыарҕа быыһыгар Хабдьы көтөр сылдьыбыт. С. Данилов. Кини иннигэр Лоҥкууда үрэх, сырҕан эһэ арҕаһын түүтүн курдук, хара ыарҕанан бүрүллэн уһаан-тэнийэн сытта. М. Доҕордуурап. Хара сүүрүк ынах сүөһүтэ алаас-сыһыы муҥунан хара ыарҕа курдук халыйан көстөр. Н. Түгүнүүрэп. Ыарҕа тойоно түөлбэ. – куобах ситэ улаата илик күһүҥҥү оҕото.

Осенний зайчонок.

  • Ороһулаан төрөөбүт ыарҕа тойоно, бороҥ морооху эрэйдээх эбит.
    Амма Аччыгыйа
  • Ыарҕа тойоно куттас куобах ньургуһун таҕыстар, уойуом-тотуом этэ дии саныыр.
    И. Федосеев
Өссө холобурдар (1)
  • Ср. кирг. ыргай ʽирга (кустарник с очень крепкой древесиной)ʼ, алт. ыргай, тув. ырҕай ʽжимолостьʼ, тув. аърга ʽлес (чаще хвойный)ʼ, п. -монг. ирҕай ʽирга, кизильникʼ

«Ы» буукуба