ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ыардык

сыһыат

Нууччалыы тяжело

1 #

сыһ

2 #

ыараханнык 3 диэн курдук. Оҕоҥ ыалдьыаҕын кэриэтин эн бэйэҥ Ыардык ыалдьарга бэлэмҥин. Эллэй. Кэннигэр таптыыр доҕоро Миичэкэтэ ыардык ыалдьан сытар. А. Сыромятникова

  • ыараханнык 1 диэн курдук. Оҕонньор өссө турбахтаата, онтон аргыый кэлэн, Костя аттыгар ыардык олордо.
    Н. Заболоцкай
  • [Дьахтар] түөһүн мөтөтөн, төбөтүн ньыхатан, ыардык үктээн хотойо турда.
    Н. Габышев
  • Дьахтар -- атаҕын иминэн остуол таһыгар турар олоппоһун булан ыардык тайанан олордо. Т. Находкина
Өссө холобурдар (3)
  • ыараханнык 2 диэн курдук. Удаҕан куолаһын уларытан, намылыччы сыыйан ыллыырын ууратан, ыардык, нүһэрдик туойан барда.
    Болот Боотур
  • Алампа 13 сааһыгар диэри ыарыһах этэ, аҕатын да дьиэтигэр олорон, хотонтон быкпата, онон оҕо сааһа ыардык ааспыта.
    Н. Габышев
  • Маша аҕараада ааныгар киирэригэр аат айаҕар түһэн эрэр курдук, ыардык сананна. М. Доҕордуурап

3 #

Олус улаханнык, дорҕоонноохтук, сөҥнүк (тыаһаа, иһилин)

Нууччалыы Очень громко, гулко, раскатисто (звучать)

  • ыараханнык 4 диэн курдук. Оҕонньор ыардык көхсүн этитэн кэбистэ.
    Н. Заболоцкай
  • Дьон ыардык үөһэ тыыммыттара, уйадыйбыт сүрэхтэрэ ыган, харахтара туманныран барбыта.
    М. Доҕордуурап
  • Иһим түгэҕиттэн ыардык ынчыктаатым. "ХС"
Өссө холобурдар (3)
  • Санатымаҥ ыардык сааллар тэргэн тэлитэ тэбиитин, буомба чыскыыр иһиириитин!
    Р. Баҕатаайыскай
  • Көмүөл мууһа ыардык хабарына тыаһыыр.
    ХС
  • Арҕааттан бырысыап соһуулаах икки "ЗИЛ" массыыналар ыардык ньирилээн иһэллэр
    ХС

«Ы» буукуба