Перевод с якутского
сөҥ
даҕааһын, туохтуур
Нууччалыы толстый; тяжёлый
English thick, heavy
Ис хоһооно · 18
1 даҕааһын #
Нууччалыы толстый; тяжёлый
English thick, heavy
сөҥ сүөгэй густые сливкиheavy cream сөҥ былыт густое облакоa thick cloud
2 даҕааһын #
Нууччалыы низкий; глубокий
English low, deep
сөҥ саҥа низкий голосa low voice
3 даҕааһын #
Нууччалыы веский
English weighty
сөҥ тыл веское словоa weighty word сөҥөн олор сидеть с задумчивым видомto sit with a pensive look
4 туохтуур #
Нууччалыы густеть
English to thicken
былыт сөҥмүт туча сгустиласьthe cloud has thickened
5 туохтуур #
Нууччалыы отстаиваться
English (of dairy products) to settle
үүт сөҥмүт молоко отстоялосьthe milk has settled
6 туохтуур #
Нууччалыы осадок
English precipitate
7 даҕааһын #
даҕ
"Табаны ытыалааҥ!" - Кириилин сөҥ хаһыыта иһиллэр. Л. Попов Кини [Кулаковскай] хоһооннорун сөҥ куолаһынан иҥнигэһэ суохтук, кудуххай соҕустук ааҕара. Н. Заболоцкай Сөҥ куоластаах толуу киһи уһаат иһигэр саҥаран киҥкинэтэн эрэрдии бэйэтин билиһиннэрдэ Кыым
8 даҕааһын #
Холку гынан баран модьу, күүстээх (үксүгэр киһи куолаһын туһунан)
Нууччалыы Густой, низкий, ровный и сильный (о голосе человека). [Бөлүөхсэн турар дьон кэтэҕэр:] "Миэхэ суолла аҕалыҥ!" - диэн сөҥ саҥа иһилиннэ
9 даҕааһын #
Элбэҕэ суох гынан баран улахан ис хоһоонноох, өйдөөх, чиҥ (киһи тылын уонна тылынан айыллары этэргэ)
Нууччалыы Немногословный, но содержательный, умный, внушительный (о речи человека), веский (о слове)
Тыл арыт өһөскүн, Ыарахаҥҥын, сөҥҥүн, Тааскын, симилиэскин, Укулаат тимиргин. Баал Хабырыыс "Умнуохпут суоҕа үтүө мөссүөҥҥүн, Уйаҕас ып-ыраас сүрэххин!" – диэтэ, бэргэһэтин уһулан, Сиидэрэп аҕыйах сөҥ тылынан. С. Васильев Ийэ дойду көмүскэлэ - бу былыр былыргыттан ытык иэс буоларын туһунан сөҥ, күүстээх, ону сэргэ истиҥ иэйиилээх тыллар чугдаардылар. ВА
10 даҕааһын #
Аҕыйах саҥалаах, дьиппиэн, нүһэр
Нууччалыы Немногословный, необщительный, суровый, замкнутый. [Дуолан Хара:] Миигин эрэй сөҥ, дьиппиэн оҥорбута, Уоммар диэри -- Кулун тэллэххэ либиир сыппытым
Кини тылга-өскө тииспэтэх, санаабытын таһыгар таһаарбат, бэрт аҕыйах саҥалаах сөҥ киһи. В. Яковлев Сөҥ, кытаанах сэбэрэлээх дьон мэтириэттэрэ ыйанан тураллара. М. Горькай (тылб.)
11 даҕааһын #
Хойуу, иҥэмтэлээх (сүөгэйи этэргэ); өлгөм, баай
Нууччалыы Густой, питательный (напр., о сметане); богатый, обильный
Сөҥ сүөгэй. Сөҥ сөгөлөөн. Мин сиэм этэ сөҥ сүөгэйи. Эллэй. Сөҥ сүөгэйинэн сөлөгөйдөөн Түһүлгэбит киинигэр Кэккэлэһэн олорон, Аһыы-аһыы оонньуоҕуҥ. П. Ядрихинскай Бултуйдаҕына -- малааһын, былыргылыынан эттэххэ, сөҥ сөгөлөөнү тэрийэр Кэпсээннэр
12 даҕааһын #
Улахан, сомоҕо, модьу
Нууччалыы Громадный, массивный, тяжёлый
Төлөрүйбэт сөҥ сүлүгэскин Төлөрүтэн биэрдиҥ.
П. ОйуунускайАдаар бэстэр, сөҥ харыйалар Аргыый хамсыы нуоҕаһаллар. П. Тобуруокап [Дудкин] Ыарахан, сөҥ балтанан, -- тимири Туой курдук эллээччи С. Васильев
13 этии #
Нууччалыы Стать молчаливым, угрюмым, помрачнеть. [Григорий] хайдах эрэ сөҥ түспүт курдуга
Сөҥ түс - санааҕа ылларан, мунчааран саҥата-иҥэтэ суох буол, дьиппиэр Д. Таас [Алампа] сөҥ түспүтэ киһи хараҕар өтө көстөр эбит этэ. Р. Кулаковскай Остуол икки өттүгэр бүрүө чилиэннэрэ аҕыс-сэттэ киһи сөҥ түһэн олороллор. В. Яковлев
14 туохтуур #
Тугу эмэ кытта булкуһа сылдьан, сыыйа тимирэн аллара түгэҕэр түс, муһун
Нууччалыы Опускаться слоем на дно, оседать
Көмүһү манна уунан сууйаллар Хаптаһын хоруудаҕа. Хорууда түгэҕэр сөҥөн хаалар Кыһыл көмүс кыырпаҕа. Баал Хабырыыс Михаил Прокопьевич лотуок түгэҕэр сөҥөн хаалбыт маассаны ытыһар. И. Бочкарёв Өтөрүнэн буора сөҥөн, уубут дьэҥкэрбитэ. КЗА АҮө. Хааны ытыйан баран алта-аҕыс чаас устата туруоруллар. Онтон өһөҕө сөҥмүтүн кэннэ, дьалкыппакка эрэ -- убаҕаһын баһан ылан атын иһиккэ кутуллар. Дьиэ к
15 туохтуур #
Ханна эмэ тохтоон муһун, мунньулун
Нууччалыы Сойтись, сосредоточиться, скопиться в одном месте
Булт ааттааҕа барыта онно күрэнэн сөҥмүт эбит. Н. Заболоцкай Өлүөнэ өрүс көмүстээх тайҕатыгар хостонор үгүс кыһыл көмүс манна [Иркутскайга] кэлэн сөҥөрө. Н. Якутскай Кини үрэх уҥуор баар ходуһаттан түһэр быыкаа көҥүскэ тахсан, сөҥөн турар балыгы хостообутун истэн, дьон эбии сөҕөллөр Н. Заболоцкай
16 туохтуур #
Ааспат, умнуллубат өйдөбүлү, санааны хааллар
Нууччалыы Произвести сильное, незабываемое впечатление, поселиться в чьей-л. душе
Бу киэһээҥҥи кэпсэтии Миша Бойтонов дууһатыгар өтөр умнуллубат гына сөҥнө. В. Яковлев Эн суоххар миэхэ чугаскын, Мин өйбөр сөҥөн хаалбыккын, Өрүү сырдык өҥ буолаҥҥын, Өлбөт сырдыкка ыҥыраҥҥын. В. Потапова Сүрэхпитигэр сөҥмүт ол үөрүү үрдүк өрөгөйө күн бүгүҥҥэ диэри өрүкүйэр Кыым
17 этии #
Нууччалыы Скопиться где-л., в чём-л., оставаться определённого времени нетронутым, в целости (о чём-л. ценном – напр., о полезных ископаемых)
Этиилэр
Сөҥө сырыт (сөҥөн сыт)
ханна, туохха эмэ үөскээн, мунньуллан баран чөл бэйэҕинэн баар буол (туох эмэ баайын, сыаналааҕы этэргэ) Улахан баай-дуол Улахан эбэ сис хайаларыгар сөҥөн сыттаҕа.
Саҥардыы ону булан эрэллэр. А. Фёдоров Саха тылын баайа, күндүтэ олоҥхоҕо сөҥөн сытар. СЛ- 8. Поэзиябытыгар төрөөбүт тылбыт саамай сүмэтэ, кэрэтэ сөҥөн сырыттаҕа. "Кыым"
18 этии #
Нууччалыы Сидеть молча, неподвижно, погрузиться в молчание; застыть на месте
Этиилэр
Сөҥөн олор
саҥата суох буол; хамсаабакка-имсээбэккэ ньим бар Кырдьаҕастар саҥата суох сөҥөн олороллоро.
Иккиэн уруккуну-хойуккуну өйдөөн санаарҕаабыт курдук балачча өр саҥата суох сөҥөн олорбохтообуттара. Далан Аана уоһун сөрүү туттан, сөҥөн олорбохтоото. М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (1)
Ср. казах. шөк ‘осесть, оседать на дне, садиться’, ДТС чөк ‘опускаться, погружаться (в воду)’