Перевод с якутского
хойун
туохтуур
Нууччалыы густеть
English to thicken
Ис хоһооно · 7
1 туохтуур #
Нууччалыы густеть
English to thicken
туман хойунна туман сгустилсяthe fog thickened хаана хойдор кровь его загустелаhis blood thickened
2 туохтуур #
Ордук хойуу буол, убаҕас быһыыгыттан уларыйан, халыйбат мөлбөркөй буол
Нууччалыы Становиться густым, сгущаться, загустевать
Арыгыһыт хаана пааста курдук мустар, хойдор. ПНИ ЭД. Минньигэс оттоох алааска мэччийэр ынахтар үүттэрэ элбиир, хойдор кэмэ. "Чолбон". Хойуннаҕына уонна үрдэ саһардаҕына саламаат буспутунан ааҕыллар. Дьиэ к
3 туохтуур #
Элбээ-үксээ, дэлэй
Нууччалыы Увеличиваться, умножаться, возрастать в количестве
Куорат уһуктан, уулуссаҕа кэлии-барыы хойдубут. Е. Неймохов Ынах көстүбэтэ, хата, ол оннугар, тэйэн истэхтэрин аайы, сугун хойдон истэ. Н. Заболоцкай Киэһэнэн арыый сөрүүдүйбүт курдук буолла да хата бырдах өссө эбии хойунна. С. Маисов
Өссө холобурдар (1)
Кыһын сулустар хойуннахтарына, тымныы буолар ВСС ППУОЯ
4 туохтуур #
Элбээн ордук чугас-чугас, симэ, хойуу буола үүн (хол., ойуур маһын, түүнү этэргэ)
Нууччалыы Становиться густым, расти гуще (напр., о лесе, шерсти)
Чүөчээски -- түргэтээн барар. Суох, тыата бүппэт, хата, эбии хойдон, бөдөҥсүйэн иһэр.
Суорун ОмоллоонТыа мутукчата ситэн, хойдон, айылҕа күөх унаарынан киэркэйбит. Амма Аччыгыйа Бытыгы хоруйдахха хойдор куолута. М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (1)
Саас отууга турар сүөһү түүтэ ырааһырар, хойдор АГГ АҮЭЭЭ
5 туохтуур #
Олус хойуу буолан көһүн (салгыны, буруону, былыты этэргэ)
Нууччалыы Стать, казаться более насыщенным, густым, плотным, сгущаться (о воздухе, дыме, облаках)
Уот күүһүрэн, буруо хойдон, халлаан диэки туруору тахсан, унаара түстэ.
Суорун ОмоллоонМииккэ үөһэ хантайан көрбүтэ – былыт хойдон эрэр. П. Аввакумов Тымныытын омунугар, салгын хойдубукка дылы буолла, хайдах эрэ киһи бөтүччү тыынар. Н. Апросимов
Өссө холобурдар (3)
Туман икки-үс хаамыы иннигэр тугу да көрдөрбөккө ыга ситимнэһэ, тааһыра хойдон, дөйүөрэн турар ХС Күүскэ биллэр буол (сыты этэргэ). Θ Стать более сильным, густым, резким (о запахе). Дьэдьэн, киис тиҥилэх, бэс сыта Салгыҥҥа хойдо тунуйар. С. Данилов Күнүскү ириэһиҥҥэ дэриэбинэҕэ араас сыт-сымар хойдоро. Арҕааттан тыалга бары сыты баһыйан, хотон сыта саба охсоро Далан
6 туохтуур #
Элбээн, эбиллэн, күүһүрэн, улаатан ис, улаханнык иһиллэр буол
Нууччалыы Стать более слышимым, громче
Саҥа улам хойдон, күүһүрэн, дьахтардаах эр киһи этиһиитэ буолан барда. Амма Аччыгыйа Киһи сүрүн-кутун баттыыр ыарахан чуумпу хойуннар хойдон истэ. Л. Попов Дьиэлээхтэр дьоро киэһэ үүммүтүттэн үөрэн, сэһэн-тэппэн хойдор. Хомус Уйбаан. Үһүгэр барбыт уолчаан саҥата хойдон, тыла-өһө эбиллэн, ардыгар киһи күлүөх курдук ыйыталаһан муннукка ыгаары хаайар Огдо
7 этии #
Нууччалыы Достигнуть зрелости, физически окрепнуть, возмужать (о юноше; букв. мышцы его ног созрели, мышцы его рук окрепли)
Этиилэр
Киҥэ-наара хойдор
хаана буһар (хойдор) диэн курдук (көр хаан I).
Мэйиитэ (өйө) хойдор
өйүн туппут диэн курдук (көр өй).
Кыыһа Морууса уҥуоҕа кытаата, мэйиитэ хойдо илигиттэн түбэһиэх суол киһитигэр иирэн, барсан баран, төннүбүттээх.
Н. Лугинов[Ийэтэ – Стёпатыгар:] Оҕом өйдөөх оҕо. Үчүгэйдик сылдьыаҕа, өйө өссө хойдон киириэҕэ. ИМС ОС
Хаана буһар (хойдор) көр хаан I
[Микииппэр] хаана бэркэ диэн хойдубут быһыылаах – сонун тимэҕин тонуу сыһан уһулла.
Күндэ[Ойоҕо] кинини көрдө да хаана хойдо түһэр, төһө кыалларынан сүлүһүннээх, ыарыылаах тыллары кыайа-хото кутар-симэр. У. Ойуур
Хааһыта хойунна көр хааһы
Иэһин төлөөбөтөҕүнэ, хааһыта дьэ хойдор. Ср. ДТС, тюрк. хойул, хойы ʽгустеть, сгущаться’
