ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

хааһы

аат тыл

Нууччалыы путаница

English muddle

Ис хоһооно · 4

1 аат тыл #

Нууччалыы путаница

English muddle

  • төбөбөр хааһы
    в голове кашаa muddle in my head

2 аат тыл #

Куруппаны ууга биитэр үүккэ кутан буһарыллар, мииннээҕэр хойуу аһылык

Нууччалыы Кушанье из какой-л. крупы, сваренной на воде или молоке, каша

  • Олус үчүгэй сыттаах, кураххайдыҥы соҕус амтаннаах хааһыларын арыыланан баран, үөрэ-көтө аһаатылар.
    Амма Аччыгыйа
  • Олоо сэлиэһинэй бурдук арыылаах хааһытын сиэн мотуйа олордо.
    Т. Сметанин
  • Кииһилэни аска тутталлар: сэбирдэҕин хомуйан, буһаран үөрэҕэ, хааһыга куталлар
    КЕФ СТАҮө

3 этии #

Төбөтүн иһэ хааһы кэпс. – өйө-санаата бутуллан хаалла Төбөтүн иһэ хааһы курдук бутуллан хаалла – көһүү түбүгэ, куоракка барыы. Н. Заболоцкай. Далбаев үрүҥү да, хараны да кыайан араарбат гына, төбөтүн иһэ хааһы буолан хаалла. "Кыым".

Нууччалыы соотв. у него каша в голове

Этиилэр

Хааһы буолуор диэри (хааһы курдук)

өйүн сүтэриэр, тугу да быһаарбат буолуор диэри (итирэр, иһэр).

В стельку, в дым (напиться).

  • Эдэр киһи эрээри, сиртэн сэрбэйэ иликкиттэн, бу курдук улаханнык, хааһы буолуоххар диэри иһэр буоллаххына, ханна тиийиэххиний?!
    Н. Босиков
  • Сэргэлээххэ букатын түүн, олох хааһы курдук итирэн баран төннүбүтэ.
    Н. Лугинов
Өссө холобурдар (1)
  • Сарсыныгар кэлбиттэрэ син биир холуочук, өйүүнүгэр кэлбиттэрэ хааһы буолуор диэри итирэн баран олорор эбит. "Кыым".

Хааһы да саламаат көр салам аат

  • Мэҥэ-Хаҥалас оройуонугар ити уһаайба туһунан боппуруос хааһы да саламаат буолан турар.
    Күннүк Уурастыырап
  • Тугу эрэ өйдүү сатыыр курдук да, төбөтүн иһэ хааһы да салам аат.
    Н. Босиков

Хааһы курдук булкуллубут

араас санаа киирдэ; өйө-санаата үлтү бутуллан хаалла.

Всё перемешалось; каша в голове.

  • Куобах Бөтөҕөтө оҕонньор иһигэр туора муостаах киирэр, хааһы курдук үлтү булкуллан хаалар. Саха ост. I. Кинилэр тиһэҕэр тииийэн, хааһы курдук булкуллаллар.
    Эрилик Эристиин

Хааһыта хаахтыйбыт

дьыалата хаахтыйбыт диэн курдук (көр дьыала). Сонно тута Туров хааһыта хаахтыйан эрэр үһү диэн сурах бөһүөлэги толордо. Н. Апросимов. Хааһыта хойунна кэпс. – туох эрэ моһуокка түбэстэ, туга эрэ табыллыбата.

Попасть в передрягу, тучи над ним сгустились.

  • Аны хамыыһыйа быһаарыытын кэтэһэр буолла, хааһыта дьэ хойунна

4 этии #

Нууччалыы Каша на бутугас (напиток из воды, молока или пахты, заправленной мукой или съедобными травами)

Этиилэр

Бутугас хааһы

бутугаһы буһаран оҥоһуллар хааһы Тарынан, бутугас хааһынан, сыманан хонорбут.

  • А. Абаҕыыныскай.

Көҕөлөҥ хааһы көр көҕөлөҥ

  • Ол түрмэҕэ көҕөлөҥ хааһыттан уонна хара ууттан атыны аһаппат дойдулара буолуо.
    Болот Боотур

Мааннай хааһы көр мааннай

  • Аччыкпын, тугу баҕарар сиэм этэ, бэл, мааннай хааһыны.
    Н. Габышев
  • Саһыл буоллаҕына, мааннай хааһы буһаран баран, тэриэлкэҕэ куппут. Нууч. ост.

Күнүскү аһылыкка

мааннай хааһы.

  • ДВЛ МК.

Саламаат хааһы

саламаат диэн курдук (көр саламаат). Ийэтэ саламаат хааһы буһарда. Сардааналаах хааһы эргэр. – бытархай гына мэлиллибит сардаана эбииликтээх хааһы.

Каша с добавлением толчёных цветков сарданы (лилии даурской).

  • Өбүгэлэрбит сардааналаах хааһы эмиэ оҥороллоро. кырбастаах хааһы – кыра гына кырбастаммыт аҥаардас эт (сыа) эбииликтээх хааһы. Каша с добавлением кусков мелко накрошенного мяса (жира). Урут сахалар кырбастаах хааһы диэни буһараллара. Былыр сыа кырбастаах хааһы мааны аһылык буолара.

Тар хааһы көр тар

  • Дьэ, онно мин хас да сыл тар хааһынан, бутугас аһынан испин толорон сылдьыбытым.
    М. Доҕордуурап
  • Аҥаардас тар хааһынан, бэс субатынан биһиги үлэ күүһүн барытын көрсүһэн ааспыппыт.
    И. Артамонов

Уу хааһы

аҥаардас ууга буһарыллар, үүтэ суох убаҕас хааһы.

Жидкая каша на воде без добавления молока.

  • Уу хааһынан олорбуттара балай да буолла.

Үөрэ хааһы көр үөрэ

  • Бэс субатын хатара-хатара хааччынара, кэлин ону кырбаан үөрэ хааһы буһарара.
    И. Данилов

Үүт (үүттээх) хааһы

оргуйбут үүккэ оҥоһуллар хааһы.

Каша на молоке.

  • Оҕото үүттээх хааһыны сөбүлүүр.
  • Эбэм үүттэн кээбэл, күөрчэх, кыыймыт үүт хааһытын курдук бэртээхэй астары оҥортуура.
    А. Кондратьев
Өссө холобурдар (1)
  • Хааннаах хааһы эргэр. – ынах хаанын сиикэйдии кутан буһарыллар хааһы (хамначчыттар эрэ сииллэрэ). Каша, сваренная с добавлением говяжьей крови (едят только батраки). Хааннаах хааһыларын тото-хана сиэтилэр. Хаппыай хааһы эргэр. – кыра үүт, туус эбииликтээх, буспутун кэннэ чөчөгөйүнэн, сүөгэйинэн биитэр хайаҕынан тумаламмыт бурдук хааһыта. Каша, сваренная из муки с добавлением соли и с небольшим количеством молока, приправленная сливками, сметаной или каяком (сливочным маслом, сбитым с тёплым молоком и застывшим). Хаппыай хааһыны мааны ыаллар сииллэрэ

«Х» буукуба