ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ыар

даҕааһын, аат тыл

Нууччалыы имеющий большой вес, тяжёлый

English heavy

Ис хоһооно · 9

1 даҕааһын #

Улахан ыйааһыннаах, ыйааһынынан ыарахан

Нууччалыы Имеющий большой вес, тяжёлый

  • Биһиги ыар таһаҕастаах уһун синньигэс сыарҕабыт бэрт чэпчэкитик үҥкүүлээбитинэн, суол икки өттүнэн туора-маары ойбутунан барда.
    Н. Заболоцкай
  • Ынах ханнын саҕа Ыар сымара таастары Муора дохсун баала Баллырҕаччы саайталыыр.
    Баал Хабырыыс
  • Ким мас суханан сир хоруппут эбэтэр ыар табыыканан буор табыйбыт, ол хас биирдии ыстыы лэппиэскэни күндүргэтэ көрөр
    С. Федотов
Өссө холобурдар (2)
  • Туох эрэ ыар кини түөһүн Ыга баттыыр этэ таастыы.
    И. Гоголев
  • Миигин кини баһыйар этэ Мэйиитинэн, атаҕынан, Сутуругун да ыарынан. Дьуон Дьаҥылы. Уу сибиниэс ыарынан Оҕолору ыга баттыыр, Олег күүһэ баарынан Кытыы диэки харбыы сатыыр
    А. Кондратьев

2 даҕааһын #

Киһи күүһүн ордук ылар, ордук эрэйдээх, кытаанах

Нууччалыы Опасный, трудный, тяжёлый, тяжкий (напр., о болезни). [Сыылынайдартан] Сорох сыылка ыар муҥнарын Тулуйбакка өлөрө

  • Эллэй. Ыар ыарыы ыбылы ылан, күн-түүн бэргээн испитим.
    Н. Лугинов
  • Сүөһүнү көрүү – биһиэхэ саамай ыар үлэ.
    Л. Попов
  • Хайдахха дылы ынырык, ыар дьылҕа кинини кэтэһэр эбитий?
    Э. Соколов
Өссө холобурдар (5)
  • Барыта фашистар соҥнообут сэриилэрин ыар содула!
    В. Протодьяконов
  • Үөрэхтэн матар ыарын мин бэйэм санныбар сүкпүтүм, түөспэр көтөхпүтүм.
    Амма Аччыгыйа
  • [Мартыын:] Доҕоччуок, эйигин элбэх ыардар, Элбэх буомнар-буомчулар күүтэллэр.
    И. Гоголев
  • Сэрии бары күчүмэҕэйдэрин, ыардарын түөспүнэн солоотум. Саллааттар с. Сырдык күн, эн этиэҥ буолаарай, бу тоҕо Маннык ыарый дьадаҥы киһи олоҕо?
    Н. Тарабукин
  • Ср. тув. аар ʽтягостныйʼ, ДТС йаҕар ʽтяжкий, греховныйʼ, тат. авыр, чув. йывар ʽтяжёлыйʼ

3 даҕааһын #

Киһи санаатын ордук баттыыр, киһи ыараханнык ылынар

Нууччалыы Горестный, мучительный, тягостный (напр., о мысли)

  • Ыллаабыт ырыаҥ ырыҥата Ыар ынчык буолан, Мин диэтэх киһи Чуор дьулайбынан Чугдаарыйан ааһар буолла.
    А. Софронов
  • Тарабыыкын Уйбаанчалыын ыар аһыыга ылларан олорор этилэр.
    Н. Якутскай
  • Ыар санааҕа ылларан, тыына ыараан, тыла-өһө кытаатан сылдьар.
    Болот Боотур
Өссө холобурдар (2)
  • Хотугу кырдьаҕас куораты өстөөх былдьаабыт. Ыар сурах-садьык иһилиннэ.
    А. Сыромятникова
  • Ити олус ыар сүтүк! Дж. Родари (тылб.)

4 даҕааһын #

Киһи кыранан толуммат, ордук дириҥ, хараҥа

Нууччалыы Страшный, очень серьёзный, тяжкий (напр., о грехе)

  • Кини туох эрэ ыар алҕаһы оҥорбут, киртийбит курдук санаммыта.
    Суорун Омоллоон
  • Мөлтөххө күүс биэрэрим, Хоргуһу эр сүрэхтиирим Мин буруйум үһү дуо, Ол ыар айыым үһү дуо?
    И. Гоголев
  • [Маайыс:] Аҕаа, эн ыар буруйу оҥоһуннуҥ ээ.
    С. Ефремов
Өссө холобурдар (1)
  • Коля, эҕэрдэ! Эн иннигэр ыар буруйдаах Лиза суруйар
    И. Федосеев

5 даҕааһын #

Олус, киһи кыаҕын таһынан (сыана)

Нууччалыы Очень высокий, очень дорогой (напр., о цене)

  • Ыаллыы олорор нэһилиэктэн Ыар сыаналаах халыым кутан, Көмүс симэхтээх аттардаах Күтүөттээх кийиит күүттэрэннэр, Дьиэлэригэр тиийэн кэллилэр. Дьуон Дьаҥылы. Биир балык үөрэҕэһин иннигэр санныга бачча саллайа сылдьар төбөттөн матан хаалар ыар сыана буолсу.
    Н. Заболоцкай
  • Бүгүн үүрдэрбит сэттэ сүөһүтэ миигиттэн хас да төгүлүнэн ыар сыаналаах буолуо дии саныыбын
    М. Доҕордуурап

6 даҕааһын #

Киһи сүрэҕин эрийиэх куһаҕан, никсик, дьаардаах (сыты-сымары этэргэ)

Нууччалыы Неприятный, тяжёлый, зловонный (о запахе)

  • Арыгы көймөстүбүт ыар сыта аҥыл гынна.
    Амма Аччыгыйа
  • Хотонноох балаҕан ыар сыта Кини тыынын хаайар, баттыыр. Дьуон Дьаҥылы. Тастан чэлгиэн салгынтан балаҕан иһигэр киирдэххэ, ыар сыт муннугар саба охсор
    С. Маисов

7 аат тыл #

Туох эмэ улахан ыйааһына, ыйааһынынан баттыыра

Нууччалыы Большой вес, тяжесть

8 даҕааһын #

Туох эмэ киһиэхэ дьайар, киһини баттыыр эрэйэ, ыарахана, кытаанаҕа

Нууччалыы Что-л. тяжкое, трудное, гнетущее, давящее на человека

9 этии #

Нууччалыы Кто-что-л., несущие невзгоды, болезнь, смерть на человека и домашний скот, тяжёлое дыхание, злой дух

Этиилэр

Ыар тыын (тыыннаах)

киһиэхэ-сүөһүгэ куһаҕанынан дьайар, ыарахан, алдьатыылаах саҥнаах ким, туох эмэ (хол.

  • , куһаҕан тыын) Сүдү ойууну ыҥыран аҕалан кыырдаран, кини ыар тыынын орто дойдуттан үтэйэн баран, көмөн кэбиспиттэр.
    И. Федосеев
  • Өлбүт киһи арыт ыар тыыннаах. [Харайса] барсыма. Дьиэҕин дьиэлээ.
    И. Гоголев
Өссө холобурдар (1)
  • Кыһалҕалаах олох ыар тыынын уйумна, Халыҥ да омук уостар, көҕүрүүр. Эллэй. Хара дьайдаах сэрии ыар тыына, хор, оннооҕор бу ыраах Хайахсыт нэһилиэгин тумнубата. Уйулҕан К.

Ыар ыалдьыт, нүһэр хоноһо көр ыалдьыт

  • Тутуллубуттары илдьэн хаайталаан баран, Сыа Тиҥилэх уораҕайыгар ыар ыалдьыт буолан тиийбиппит. Ф. Постников

«Ы» буукуба