ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кэс

даҕааһын, туохтуур, аат тыл

Нууччалыы беременный; стельная

English pregnant, with calf

Ис хоһооно · 14

1 даҕааһын #

Нууччалыы беременный; стельная

English pregnant, with calf

  • кэс ынах
    стельная короваa pregnant cow
I

2 туохтуур #

Уу, хаар, бадараан, силбик устун хаамп, сырыт

Нууччалыы Идти (ходить, бродить) по воде, болоту, росе, снегу

  • Хонноҕун анныгар диэри кэһэн баран, Дьөгүөрдээн харбаата.
    Амма Аччыгыйа
  • Тыа-хонуу сиигин илдьи кэһэн, мин бултаан мэлийбит киһи буолан, дьиэбэр тиийбитим.
    Далан
  • Ыттар күнү быһа хойуу хаары кэһэн, аат эрэ харата аалыҥнаһаллар
    Н. Габышев
Өссө холобурдар (4)
  • Сэбирдэх, кумах, муох устун хаамп, сырыт. Θ Ходить, бродить по опавшим листьям, песку, мху. Хараҥа тыа уҥуоруттан Хаһыҥ түспүт муоҕун кэһэн, Улардары соһутан Кырдьар саас иһэр, иһэр
    И. Гоголев
  • Оттоох, сэппэрээктээх сиринэн бар, сырыт. Θ Ходить, бродить по траве, кустарникам. Сииктээх оту илби кэһэн, Сэмэн Сэмэнэбис Танялыын Бадаайаптар дьиэлэрин диэкиттэн хаамсан иһэллэр.
    Л. Попов
  • Эрбэһини тыастаахтык кэстэхтэринэ бэйэлэрин тыастарыттан бэйэлэрэ сиргэ хаптас гына түһэллэр.
    Эрилик Эристиин
  • Куурбут оту Курдурҕаччы кэһэн Улаатынар Охоноон "Отуулаахтан" кэллэ
    С. Васильев

3 туохтуур #

Ыараханнык тирэнэн алдьат (сири, буору)

Нууччалыы Оставлять глубокий след, повреждать (напр., землю, целину)

  • Ириэнэх буору Иэччэхтэригэр диэри Ибили кэстилэр.
    П. Ойуунускай
  • Оҕустар сири илдьи кэстилэр, тоҕута тирэннилэр.
    Далан
  • Суол сиэрдийэ тэллэҕин тиэхиньикэ илдьи кэһэр
    С. Данилов

4 туохтуур #

Суола-ииһэ суох сиринэн сатыы уһуннук эрэйдэнэн бар, сырыт (үксүгэр биир күдьүс тыанан, хонуунан)

Нууччалыы Долго ходить, бродить по бездорожью (по лесу, полю и др.)

  • Күн аҥаара тыаны кэһэн баран кини Кириилэби дьэ булбута.
    Амма Аччыгыйа
  • Кымыс салгынын истим дуоһуйа, Кэстим сыһыытын Күнү тоһуйа
    И. Артамонов
  • Харса суох, иҥнибэккэ суолу-ииһи араарбакка хаамп. Θ Идти напролом, не разбирая дороги. Арамааныҥ ол тоҕо кэһэн иһэр дии!
    Амма Аччыгыйа
Өссө холобурдар (1)
  • Кырдьаҕас куораты өстөөх кирдээх уллуҥаҕа кэспэтин иһин, ыччаттар, куорат олохтоохторо саа тутан харабылга тураллара
    А. Сыромятникова

5 туохтуур #

Туһахха иҥнибэккэ, киирбэккэ, эһэн, субуйан үрдүнэн бар (булт туһунан)

Нууччалыы Пройдя по силкам разрядить их, распутав или обойдя петлю (о дичи)

  • Бэһис туһаҕы куруппааскы кэһэн кэбиһэн баран, ааһан бэспэҥнии турбут
    Амма Аччыгыйа

6 туохтуур #

Уунан, бадараанынан сылдьан илит, сытыт (атах таҥаһын туһунан)

Нууччалыы Сильно промочить при ходьбе по грязи, воде (об обуви)

  • Уу, бу дьаабал, бу орой мэник, этэрбэһин адьас сиэбит дии, ибили кэһэн кэбиспит. Н. Тарабукин (тылб.)

7 туохтуур #

Тугу эрэ оҥорон барбыт-кэлбит, тэпсибит курдук суолу хааллар

Нууччалыы Оставить широкий, размашистый, обильный след своих действий

  • Хаһыаппытын бадьах курдук буолуор диэри илдьи кэһэн кээспит.
    С. Федотов
  • Кини "Кыһыл десаны" тылбаастаабыт тэтэрээттэрин бастакы сирэйин кыһыл харандаас илдьи кэспит
    Н. Габышев
  • Көҥүлгүнэн, хаарчаҕа суох аһаа-сиэ, айбардаа. Θ Делать что-л. беспрепятственно; потреблять что-л. без ограничений. Оттон мин эрэйэ суох Эти баҕас мэтиргэтэбин, Кэнсиэрбэни кэһэ сылдьабын.
    С. Тимофеев
Өссө холобурдар (1)
  • Уйгу быйаҥы Уллуктарынан кэһэн Уобалыы оонньоон, Уойарга бардылар
    Эрилик Эристиин

8 туохтуур #

Талбыккынан тут, алдьат-кээһэт, өлөр-өһөр

Нууччалыы Беспрепятственно, напропалую разорять, разбивать, разрушать

  • Эбээннэр эрэйдээхтэри кур түү курдук тоҕо хаамаллар, үлтү кэһэллэр.
    Саха фольк
  • Тоҕус тоҕойдоох Толомон маҥан дойдугутун Тордуйалаах уу курдук Тоҕо кэһиэҕим. Алаһа дьиэлэри, аал уоттары Атахпынан кэһиэм, аамайдыы оонньуом.
    П. Ойуунускай
  • Сэрии сибиниэс адаҕата, тордуйалаах уу кэриэтэ, тоҕо кэһэн барбыта.
    Р. Баҕатаайыскай
Өссө холобурдар (1)

9 туохтуур #

Сокуоннайа суох кыраныыссаны туораа

Нууччалыы Нарушать границу, переходить границу незаконно

  • Манан хаста да кыраныыссаны кэһэ сылдьыбыттара.
    Н. Якутскай
  • Кинилэр [Япония милитаристара] сотору-сотору Монголия кыраныыссатын кэһэллэрэ
    И. Федосеев

10 туохтуур #

Ылыллыбыт, бигэргэтиллибит былааны, олохсуйбут бэрээдэги алдьат, эбэтэр аахсыма

Нууччалыы Нарушать принятый план, установленный порядок чего-л

  • Генпламмытын санаатахпыт аайы кэһэбит.
    Н. Лугинов
  • Коля сынньалаҥын кэстибит буолан баран, ол оннугар кэскиллээх саҥа үлэни оҥордубут.
    М. Доҕордуурап
  • Уочараты кэһэн квартира ыла охсоору тииһэллэр
    ХС
Өссө холобурдар (2)
  • Туох эрэ уопсай туругун, дьүөрэлэһиитин, бэйэтигэр сөп түбэсиһиитин алдьат, мэһэйдээ, буортулаа. Θ Нарушать взаимосвязь, гармонию, закономерность чего-л. [Саҥа дьиэ] олус хараҕы аалар, кыбартаал уопсай тутулугар бас бэриммэккэ ансамблы алдьатар, дьүөрэлэһиини кэһэр.
    Н. Лугинов
  • В битэмиин бөлөҕө тиийбэт буоллаҕына, түүнү кырааскалыыр бэссэстибэ - пигмент үөскүүрүн кэһэр.
    БЗИ СА

11 туохтуур #

Үгэһи, сокуону, бэриллибит тылы толорбокко төттөрүтүн оҥор

Нууччалыы Нарушать обычаи, законы, данное слово, делать им наперекор. [Хаҥыллай:] Нохоо, сиэри кэһэн сэһэн ортотугар Нөҥүө түһүмэ!

  • Павел Николаевич Шастин -- эһэлээх аҕатын үтүө үгэстэрин кэспэтэҕэ.
    И. Федосеев
  • Эн суолгуттан туораабатым, Эн ытык тылгын кэспэтим.
    П. Тулааһынап
  • Др. -тюрк. кеч, кез; хак. кис; кирг., алт. кэч

12 этии #

Нууччалыы Часть ритуальной формулы-мольбы, обращенной к великим и грозным (не имею греха, вины), воспрепятствовать, сопротивляться чьим-л. деяниям. [Бакыыһа кинээс:] Баһылай!

  • Кэтит суолун (суолгун) кэспит, уһун суолун (суолгун) оймообут, айыым суох - эйигин мэһэйдэспит, туорайдаспыт буруйум суох (улууга, күүстээххэ сүгүрүйэн көрдөһөн-ааттаһан этэр олук сорҕото) Эйигин уһун суолгун оймообут, кэтит суолгун кэспит айыым суох.
    Эрилик Эристиин
  • Сору сототунан кэспит - олус эрэйи-муҥу көрбүт, сордоммут (хоһуйан күүһүрдэн этэр олук). Θ Перенес большие лишения, невзгоды (экспрессивная речевая формула). Ама мин курдук -- Сор бөҕөнү сототунан кэспит, Эрэй бөҕө эгэлгэтигэр иҥнибит Иннинэн сирэйдээх, Икки атахтаах баар буолуо дуо.
    А. Софронов
  • Муҥу муннунан тыыран, сору сототунан кэһэн, үс сылын дьэ толордо. Д. Апросимов
II

13 даҕааһын #

Төрөөбүт, ыанар (ынах, биэ, таба)

Нууччалыы Отелившаяся, дойная (корова, кобыла, важенка)

  • Кытарах биэлэрин ыыталаан баран, кэс биэлэрин иһэр идэлээхтэр.
    Эрилик Эристиин
  • Кэс табабыт үүтүнэн килбиэннээх ньуургун сууйбуппутун кириргээбэк кин. Эвен. фольк. Кэс ынах төрөөтөҕүн маҥнайгы үс ыйыгар саамай үүттүйэр кэмэ
    ФЕИ ГЫа
  • Туҥуй буолбакка, хасыһын да төрөөбүт, ыанар (ынах). Θ Отелившаяся не впервые, (не первотелка) дойная (корова). Настаа туҥуй бургунастарын кэс ынахтаахтартан хаалсыбакка ыан олорбут. ВМП УС
    С. Ср
Өссө холобурдар (1)
  • др. -тюрк. кенч 'детеныш животных'; гагауз., тур. тенч 'молодой'
III

14 #

кэс андаҕар - кэһиллибэт кытаанах андаҕар

Нууччалыы Нерушимая, твердая клятва

  • Куба тула чуоҕуһан Кэс андаҕар биэрэллэр Күөх сулус, күп-күөх халлаан Мэлдьи баар буолуо диэннэр.
    И. Гоголев
  • Кэс санаа - баҕарар баҕа, истиҥ санаа. Θ Заветное желание. Кэлэр кэм туһунан кэс санаам Мэлдьитин сүрэхпин минньитэр.
    Р. Баҕатаайыскай
  • Саха сирин оробуочай кылааһын туһунан аман өс тыллар, кэс санаалар этиллэллэр.
    С. Зверев
Өссө холобурдар (3)
  • Кэс сурук - былыргы литературнай өйдөбүнньүк биир көрүҥэ. Θ Одна из разновидностей литературного памятника (в виде эпитафий, наскальных писем и др.). Орхон-Енисей VI-VIII үйэтээҕи өйдөбүнньүк кэс суруктарга эмиэ киирсэллэр. ВГМ НСПТ. Эпиграф - былыргы гректэргэ өйдөбүнньүк кэс суруктары ити курдук ааттыыллара. ВГМ НСПТ. Кэс тыл - кырдьаҕас киһи эдэрдэргэ кэскили барҕалыыр кичэллээх истиҥ санаатын, үтүө сүбэтин этиитэ; кэриэс тыл; дьоһуннаах дириҥ ис хоһоонноох тыл. Θ Напутственное заветное слово старого человека, обращение к молодым. Кэриэс, кэс тыл. Кэһиллибэт кэс тыл.
  • Эмээхсин эрэйдээх Экэллэн олорон, Уолугар кэскиллээх Кэс тылын кэпсээбит.
    А. Бэрияк
  • Ийэ диэн тылтан тахсыбыттар Бары ытык кэс тыллар: Сир ийэ, Ийэ дойду, Ыал ийэтэ
    И. Федосеев

«К» буукуба